Тиһэх чуораан «Тускул» ырыа ансаамбылын кыттыылаахтарын, В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын 11 “А” кылааһын үөрэнээччилэрин, олох киэҥ аартыгар ыҥырда! Оҕолор ырыа доҕордоох буолан Аан дойду кэрэ муннуктарын көрөн-истэн, ыырдарын кэҥэттилэр, таһымнарын үрдэттилэр.
Академик В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатыгар үөрэнээччини талааннаах, эргиччи ситиһиилээх киһи гына иитэн таһаарыыга улахан болҕомто ууруллар. Онуоха, биир сүрүн хайысханан оҕону кыра сааһыттан ырыаҕа уһуйуу буолар. Оскуолаҕа тохсус сылын «Тускул» ырыа ансаамбыла ситиһиилээхтик үлэлиир. Оҕолору ырыа кэрэ эйгэтигэр уһуйар үрдүк категроиялаах педагог, айымньылаах салайааччы – СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Скрябина Раиса Александровна.
Саха оһоҕун иннигэр олордо да – олоҥхоһут, атын мииннэ да – ырыаһыт диэн мындыр өйдөөх өбүгэлэрбит мээнэҕэ эппэтэхтэрэ… Ырыа – сырдык-ыраас иэйии күлүмүттэн саҕыллар, тыйыс айылҕалаах, тулуурдаах, дьулуурдаах саха норуотун олоххо тардыһыытын туоһуулуур кэрэ эйгэтин кэрэһитэ, арахсыспат аргыһа буолар.
Бу сыллар тухары ансаамбыл алын кылаастан саҕалаан, төһөлөөх элбэх үөрэнээччини ырыа ыллам ыырыгар сыһыаран, үрдүккэ көтүппүтүн, ситиһиигэ кынаттаабытын киһи ааҕан сиппэтэ буолуо… Ансаамбылга 2–11 кылаас үөрэнээччилэрэ ыллыыллар. Оскуола тэрээһиннэриттэн саҕалаан, улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах ырыа куонкурустарыгар барытыгар кыттан лауреат, Гран –при үрдүк аатын күн бүгүнүгэр диэри ылаллар.
«Тускуллар» холобурдарынан саха ырыата аан дойдуга аартык арыйар кыахтааҕын, оҕо талаанын норуоттар икки ардыларынааҕы таһымҥа таһаарар күүстээҕин киһи итэҕэйэр. Ансаамбыл иитиллээччилэрэ 2012 с. Кытайга Далянь, Пекин куораттарга, 2013с. Турция Люленбургаска, 2014 с. Парижка, 2015 с. Алма-Атаҕа, 2016 с. Сочига, 2017с. Санк-Петербурга норуоттар икки ардыларынааҕы ырыа күрэҕэр кыттан, лауреат аатын ылан, Саха сирин ааттаттылар.
Ансаамбыл туһунан Раиса Александровна бу курдук сэһэргиир:
— Ансаамбыл 2011 сыллаахха тэриллибитэ. Бастаан баҕалаах уолаттары барыларын ылан утумнаахтык дьарыктаабытынан барбытым. Кыргыттартан «Мичил” оҕо саадыгар үлэлиир эрдэхпинэ тэрийбит «Мичийээнэ» ансаамбылым иитиллээччилэрэ киирбиттэрэ. Саамай өр дьарыктаммыт үөрэнээччилэрим — ансаамбыл бастакы хараҥаччылара, билигин 11 «А» кылааска үөрэнэр уолаттар буолаллар. Бу уһун кэм устата эриллэн-мускуллан ырыаны таба ыллыыр, музыканы истэр сиппит-хоппут ансаамбыл буоллубут диэхпин сөп. Биһиги ансаамбылбыт уратыта – төрөөбүт дойдуга, норуокка тапталы иитэр, хоһуйар ырыалары ыллыыбыт. Кылаас салайааччылара араас күрэхтэргэ кыттарбытын олус өйүүллэр.
Ансаамбылга оҕолор ырыаҕа үөрэнэллэрин таһынан гитараҕа уонна хомуска эмиэ уһуйуллаллар. Таҥастарын-саптарын тигиигэ, төрөпүттэригэр көмөлөрө улахан. Кыра саастарыгар кыратык ыарырҕатар буоллахтарына, билигин ис дууһаларыттан ылларан, сөбүлээн ыллыыллар, күрэххэ кыттан, дуоһуйууну ылаллар, астыналлар. Ырыаһыт оҕо сыанаҕа тахса үөрэнэр, бэйэтигэр эрэллээх буола улаатар.
Оҕолорум ситиһиилэриттэн олус үөрэбин, киэн туттабын, кинилэр ыллыылларыттан кынаттанан, үлэлиир, айар-тутар баҕа санаам күннэтэ күүһүрэр. Сыанаҕа тахсан табыллан, дуоһуйан ыллаатахтарына олоҕум суолун сөпкө талбыппын, идэбин таба тайаммыппын диэн дьоллонобун.
«Тускул» ансаамбыл хомпоруун хотойдоро – 11 «А» кылаас уолаттара
«Тускул” ансаамбыл киэн туттуутунан Өлүөнэ эбэ очуостарыныы чиккэччи кэчигирэспит чиргэл быһыылаах-таһаалаах, сахалыы сиэдэрэй таҥастаах, истээччини биһирэтэр эрчимнээх куоластаах 11 «А» кылаас уолаттара буолаллар. Кылаас салайааччыта – Харитонова Прасковья Афанасьевна. Ансаамбылга 3-с кылаастан саҕалаан, утумнаахтык дьарыкталлар, уопсайа уон бэһиэлэр, бука бары доҕордуулар. Ситиһиилэрэ үгүс – өрөспүүбүлүкэтээҕи «Ыллыыр оҕо саас», «Бриллиантовые нотки», «Аартык» куонкурустар хас да төгүллээх лауреаттара, «Гран При» хаһаайыттара. 2013 с Бриллиантовые нотки куоҥкуруска кыайыылаах буолан, Турцияҕа босхо путевканан наҕараадаламмыттара. 2016 с
Уолаттар ансаамбылларын туһунан бу курдук сэһэргииллэр:
Мичил Илларионов:
— «Тускул» ырыа ансаамбыла биһиэхэ ситиһии үктэлэ буолар. Репертуарбытыгар – «Ыччат сахаларга», «Чохчоохой», «Эр хоһуун», «Кэскили түстүөххэ» сахалыы ырыалар киирэллэр. Улуус, нэһилиэк тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттабыт, дьону-сэргэни эҕэрдэлээн, ырыа бэлэхтиирбититтэн бэйэбит дуоһуйууну ылабыт. Мин ансаамбылга ыллыыр буолан, аан бастакыбын сөмөлүөтүнэн көппүтүм. Ити 5-с кылааска этэ. Париж куоракка «Русские сезоны в Париже» норуоттар икки ардыларынааҕы күрэххэ кыттан, лауреат буолбуппут. Оҕо аймах ыра санаата буолбут Диснейленд пааркатыгар сылдьан, дьолломмутум даҕаны. Саамай сөбүлээн ыллыыр ырыабыт «Кэскили түстүөххэ» диэн буолар. Салайааччыбар махталым муҥура суох!
Скрябин Вася:
— Раиса Александровна мин күн күбэй ийэм буолар. Оҕо саадыттан саҕалаан музыка, ырыа эйгэтигэр сыһыаран улаатыннарбыта. Дьон-сэргэ ыра санаа оҥостор куораттарыгар Парижка баран кэлбиппит, Эйфель башнятын көрбүппүт. Турцияҕа «Her say Sevdiyie Bazlar» норуоттар икки ардыларынааҕы күрэххэ кыттан, лауреат буолбуппут. Люленбургас куоракка ыалга олорбуппут, кинилэр култуураларын билсибиппит, оскуолаларыгар баран биир күн үөрэнэн көрбүппүт. Нэһилиэнньэ үлэһит аҥара барыта эр дьон эбит. Учууталлара эмиэ эр дьон этэ, онтон соһуйбуппут. Ийэм ситиһиилээх үлэтинэн киэн туттабын, махтанабын!
Соломонов Айтал:
— Мин ырыанан 1 кылаастан дьарыктанабын, онон муусука эйгэтигэр улааппытым диэххэ син. Ырыа ансаамбылыгар 3 кылаастан ыллыыбын. Маҥнай биһиги кылаастан бэһиэ буолан киирбиппит. Раиса Александровна биһи убаастыыр, таптыыр учууталбыт, чугас доҕорбут буолар. Инники соло ыллыыр эбит буоллахпына, билигин ансаамбылынан ыллыы үөрэнним. Кыттыбыт куоҥкуруспутугар барытыгар кэриэтэ бастыыбыт.
Андрей Черкашин:
— Ансаамбылынан 2016 с «Бриллиантовые нотки» өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа күрэҕэр кыттан, Гран При үрдүк аатын ылан, Өлүөнэ остуолбаларыгар путевка ылбыппыт. Онно бастакыбытын Өлүөнэ очуостарын көрбүппүт. Төрөөбүт айылҕабыт кэрэтиттэн олус да сөхпүппүт-махтайбыппыт! Ылыыр буолан, сыанаҕа туттарга-хаптарга, ханнык баҕар түгэҥҥэ бэйэҕэ эрэллээх буоларга үөрэнэбит. Учууталбытыгар Раиса Александровнаҕа кыһамньытын, кэрэҕэ уһуйуутун иһин махталбытын тиэрдэбит.
Денис Холмогоров:
— Мин Раиса Александровнаны бэйэбин өйдүөхпүттэн билэбин. Кини «Мичил” оҕо саадыгар музыкальнай салайааччынан үлэлээбитэ. Оҕо саадыгар сылдьан өйдөөн хаалбыт түгэммин кэпсиэхпин баҕардым. Биир ырыа күрэҕэр мин В.Андросов «Күн бытархайа» ырыатын толоруохтаах этим. Аны туран, ырыабыт минусовкатын булбатылар. Атын оҕолор бары үчүгэй баҕайытык ыллаатылар. Мин санаам түһэн хаалла. Ону Раиса Александровна хата матыыбын фортепианоҕа тыаһатан миэхэ көмөлөспүтэ.
«Тускул» ансаамбыл кыталык кыргыттара
Оскуола, нэһилиэк бары тэрээһиннэрин «Тускул» ансаамбыл нарын-намчы куоластаах кыталык кыргыттарын ырыата көрөөччү биһирэбилин өрүү ылар. Кыргыттар ансаамбылга үһүс кылаастан дьарыктаналлар.Хас да төгүл лауреат, ол иһигэр 2018 с. өрөспүүбүлүкэтээҕи «Аартык» ырыа күрэҕин «Гран При» буолбуттара. Кыргыттар ансаамбыллара икки бөлөххө арахсар. Бэһис кылаастан Маша Колосова, Диана Романова, Жанна Жиркова, Надя Алексеева, Эля Ксенофонтова, Настя Герасимова, Мила Алексеева, Нюргуяна Сергучева дьарыктаммыттара.
Лена Сидорова, Лана Дмитриева, Варианна Шеломова, Саша Маркова
— “Тускул” ырыа ансаамбыла – биһиги оҕо сааспыт аргыһа буолар. Алын кылааска ансаамбыл тэриллибитигэр бары кылааһынан киирбиппит. Бу ансаамбыл ырыаһыта буоларбытыттан олус үөрэбит, ыллыырбытыттан дуоһуйабыт. Киһи ыллаан ис туруга аһыллар, талаана сайдар, сири-дойдуну кэрийэр, өйө-санаата тупсар. 3 кылааска ансаамбылынан бастакыбытын соҕуруу көппүппүт – Кытайга Далянь, Пекин куораттарга. Бу умнуллубат кэрэ –бэлиэ түгэннэрдээх сырыы буолбута. Монахтар олорор Шаулинь манастыыры көрбүппүт, Кытай Улуу истиэнэтин көрбүппүт. Билигин саныырга олус да үчүгэй! Мин Раиса Александровнаҕа улахан махталбын тиэрдэбин. Кини биэрбит билиитэ-көрүүтэ тус олохпутугар көмөлөһөр.
Надя Алексеева, Маша Колосова, 9 «в» кылаас үөрэнээччилэрэ:
— Биһиги Раиса Александровнаҕа ырыаҕа алын кылаастан дьарыктанабыт. Ансаамбылбыт бастаан квинтетынан тахсыбыта, билигин ахсыа буоллубут. Репертуарбытыгар араас омук ырыата барыта баар, ону таһынан акапельно ыллыыбыт. Акапельно ыллыырбытыгар Ульяна Ефремова көмөлөөх. Ырыанан дьарыктанан, биһиги олус сайынныбыт, сыанаҕа, дьон иннигэр тахсан ыллыырбытын олус таптыыбыт. Ыллыырга тылын эрэ билиэхтээххин диэн буолбатах, ону таһынан муусука тэтимин тутуһуу, сыанаҕа туттуу-хаптыы, дьону бэйэҕэр тардыы, арыаны арыйыы – бу барыта уустук. Раиса Александровна биһигини гитара оонньуурга үөрэппитэ, быйылгы үөрэх дьылыттан оскуолабытыгар ВИА тэрийэн, оскуола төрөөбүт күнүгэр бастакы сүрэхтэммитэ.
Бу курдук, ырыа сырдык-ыраас эйгэтэ кэнчээри ыччаты ыраах ыырга кынаттыыр.
Изабелла Романова, Айна Осипова, “Мэҥэбил” эдкорпост
Майа, Мэҥэ Хаҥалас.