Саҥа табаарыс
Бүгүн улахан бөлөххө иитээччи саҥа оҕону сиэтэн киллэрдэ. Уонна:
– Оҕолоор, бүгүн биһиэхэ саҥа оҕо кэллэ. Аата Мичил диэн. Билсэн кэбиһиҥ. Кини хаһан да уһуйааҥҥа сылдьа илик. Онон киниэхэ эһиги көмөҕүт, сүбэҕит-амаҕыт наада. Бэйэҕитин кытта ооонньотуҥ, – диэтэ.
Бытыгыраспыт оҕолор хаһан да харахтаабатах “саҥа киһилэрин” тула үмүөрүстүлэр, көрдүлэр-иһиттилэр, ыйытыы бөҕөтүн түһэрдилэр. Сайаан:
– Эн хантан кэлбиккиний? Дьиэҕэр туох оонньуурдааххыный? – диэн үрүт үөһэ ыйытан чаҕылыннарда.
Кини кэнниттэн Айаал, лаппыйан туран:
– Ханнык киинэни сөбүлээн көрөҕүнүй? Миэхэ араас киинэ элбэх. Сарсын киинэтэ аҕалаар эрэ, атастаһыахпыт. Сөп? – диэн эбии тоһоҕолоото.
Онуоха Күннэй да хаалсыбата:
– Эн сатаан уруһуйдуугун дуо? Мин үчүгэйдик уруйдуубун ээ. Эйиэхэ көрдөрүөм, сөп? Көрөн бэйэҥ да астыныаҥ, – диэн киэн тутта бэлиэтээтэ.
Олус элбэх ыйытыыттан, хайаларыгар да таба хоруйдуоҕун билиминэ, дөйүөрэ быһыытыйбыт Мичил умса көрөн турда. Дэлби ыксаата, онуоха эбии тириттэ да быһыылаах, мэктиэтигэр көлөһүнэ ыгыллыбыкка дылы буолла. Саргылаан уол Мичилгэ чугаһаан кэлэн, илиититтэн ылла уонна оргууй аҕай: “Чэ, кэл, барыахха. Мин эйигин кытта оонньуом. Барытын көрдөрүөм, кэпсиэм”, – диэн буолла. Уолаттар сиэтиспитинэн оонньуурдар кыстанан турар ыскааптарын диэки дьөгдьөрүһэ турдулар.
Атыттар, тылларыттан матан, киирэр аан таһыгар туран хаалбыттара эрэ баара.
Туһалаах сүбэ
Сайыҥҥы куйаас күн. Халлааҥҥа биир да былыт суох. Оҕолор тэлгэһэҕэ күнү-күннүктээн оонньоон бөҕөлөр. Ардыгар алларааҥҥы көлүччэҕэ киирэн сөтүөлээн чомполонон тахсаллар.
Уолан тастыҥ быраата Сэмэнчиктиин дьиэ үктэлигэр сэһэргэһэ олороллор. Уолан, убай киһи быһыытынан, быраатын арааска үөрэтэр, сүбэлиир.
– Мин улааттахпына, элбэх харчылаах буолуом. Курутуой да курутуой джип ылыныам уонна суол устун түп-түргэнник элээрдиэм этэ, – диэн баҕа санаатын этэр. – Ол иһин, миэхэ тугу эмэ соруйдахтарына, билиҥҥиттэн барытын харчыга эрэ толоробун. Холобур, эбэм килиэп ыллардаҕына, 10-ну, ийэм үүт ыллардаҕына эмиэ уону, эһэм ачыкытын сүтэрдэҕинэ тута булан биэрэрбэр 5-һи, аҕам хаһыатын аҕаллахпына эмиэ 5 солкуобайы хайаан да көрдүүбүн. Бары, мөҕөн-этэн баран, син, биэрэллэр ээ. Миигинэ суох син биир табыллыбаттар буо. Хайдахпыный?.. – диэн киэн тутта быраатын диэки көрөр.
Син балачча сэлэһэ түһээт, убайа Уолан, тыыллаҥныы-тыыллаҥныы, быраатыгар:
– Чэ, бар, Ньукууну түргэнник ыҥыр эрэ. Сөтүөлүү барыа этибит буо, – диэн дьаһайан кэбиһэр.
Онуоха Сэмэнчик:
– Эс, босхо барбаппын, сылайыам дии. Чэ, уон солкуобайы төлөө, оччоҕуна барыам, – диэн, ып-ырааһынан көрөн кэбиһэр. Онуоха Уолан, киһититтэн соһуйан, хараҕын муҥунан быраатын диэки дьиктиргээбиттии көрөн олороро харахпар билигин да баар.
Кыра суумка
Дьүөгэлиилэр Айта уонна Айыына алта саастаахтар. Иккиэн “Мичийээнэ” уһуйааҥҥа сылдьаллар. Айыына ийэтэ-аҕата улахан тэрилтэ үлэһиттэрэ. Кыыс кинилэргэ соҕотох оҕо. Онон дьоно кинини атаахтаталлара сүр. Тугу баҕарбытын бүтүннүүтүн ылан биэрэллэр. Ол иһин кыыстара тугу да харыстаабат, ахсарбат. Саҥаттан саҥа таҥас-сап, талбыт оонньуура киниэхэ. Ол үрдүнэн, ардыгар, сирэр-талар ээ. Билиҥҥиттэн кыыспыт омук таҥаһын эрэ таҥнар, эргэ таҥастара, оонньуурдара сотору-сотору быраҕыллан муҥу көрөллөр.
Онно холоотоххо, Айта соҕотох ийэлээх, эбэлээх эрэ. Дьоно кинини кыра сааһыттан барыны бары харыстыырга үөрэппиттэр. Онон Айта таҥаһын мээнэ киртиппэт, оонньуурдарын да алдьаппат. Сүрдээх чэнчис кыысчаан.
Эбэтэ иистэнэр буолан, эргэ да таҥастан сүрдээх үчүгэй былаачыйалары, эгэлгэ сону, бэргэһэни сахалыы быһыылаан-таһаалаан, киэргэтэн тикпитин сөбүлээн кэтээччи.
Биир үтүө күн Айта санныга иилинэр быалаах, сахалыы ойуулаах-дьарҕаалаах, дьоҕус суумкалаах уһуйааҥҥа кэллэ. Оҕолор тута кинини тула үмүөрүһэ түһэллэр, дьикти бэйэлээх суумкатын илиилэринэн тутан-хабан көрөллөр-истэллэр. Онуоха Айыына:
– Пахайбын даа! Бу эргэ курдук дии. Миэхэ ийэм Турцияттан маннааҕар үчүгэйи аҕалбыта-а! – диэн, ахсарбаттыы туттар.
Онуоха ити кэмҥэ иитээччилэрэ туох айылаах соһуйуу-өмүрүү тахсыбытын истэн:
– Оҕолоор, көрүҥ эрэ! Бу Айта суумката чахчы да сахалыы тигиилээх эбит. Тигиллибит ньыма аата “кыбытыы тигии” диэн. Аны туран, өҥүн-дүһүнүн болҕойон көрүҥ эрэ, сайыҥҥы көстүүнү, оту-маһы, сибэккини санатар дии. Маннык суумканы быыстапкаҕа да көрдөрүөххэ сөп, – диэн хайгыыр.
Онуоха Айта үөрэн, иитээччитин диэки махтаммыт харахтарынан көрөр. Оҕолор да сүрдээҕин сэргээбит курдуктар.
Күнүскү дьарыктарыгар бу кыракый суумканы дуоска иннигэр уураннар, кыргыттар үтүгүннэрэрдии уруһуйдаатылар. Ол уруһуйдарын киэһэ дьиэлэригэр илдьэ бардылар. Айыына да кинилэртэн хаалсыбата, эмиэ
дьиэтигэр илдьэ барда.
Клавдия ВАСИЛЬЕВА.
Бороҕон, Уус Алдан.