Айыына быйыл номнуо төрдүс кылаас киһитэ. Үөрэҕэр үчүгэй эрээри, отой кыһаммат, дьиэтээҕи үлэтин үрдүнэн-аннынан ааҕа охсубута эрэ баар. Онтон атын кэмҥэ сөбүлүүр киинэлэрин, мультиктарын күнү-күннүктээн тэлэбиисэринэн көрөртөн соло булбат.
Бүгүн эмиэ, куруук буоларын курдук, дьиэтигэр киирээт, плазменнай диэн аныгылыы ааттаах чап-чараас бэйэлээх тэлэбиисэри холбуу оҕуста. Бэлэм аһы тэриэлкэҕэ куттан иннигэр уурунна уонна дьэ, аһыы-аһыы, мультигын көрөрүн саҕалаата. Кини бу курдук күнү быһа да олоруон сөп. Ийэтэ үлэтиттэн киэһэ хойут кэлиэр диэри, хата, ким да мэһэйдээбэт.
Маарыын уруок кэмигэр тэлэбиисэргэ көстүөхтээх киинэтин саныы олордоҕуна, учуутала эмискэ кини аатын ааттаабытыгар соһуйбута аҕай. Киниттэн хаста да ыйыппытын сатаан сөпкө эппиэттээбэтэҕэ. Онуоха Анна Николаевна:
– Айыына, кэнники кэмҥэ олус ыһылынныҥ. Наар атыны саныы сылдьар курдуккун. Ийэҕин ыҥыран кэпсэтиэм этэ, – диэн кыыһырбытын биллэрбитэ.
Айыына онно да ыксаабатаҕа, соччо наадыйбатаҕа.
Бу билигин эмиэ киинэтин көрө олорор. Араас сирэйдээх-харахтаах зомбилар уолу эккирэтэн сүгүннээбэттэр, киниттэн арахсар санаалара ончу суох. Уолчаан аҕылыырын быыһыгар маҕыйа-маҕыйа сүүрэ сатыыр да, анарааҥҥылар тутан сииллэрэ чугаһаата. Ол аайы Айыына сирэйин ытыһынан саптар. Бу олордоҕуна ийэтэ киирэн кэлэр да, тэлэбиисэри төрдүттэн араарда. Бүттэхпит ити.
Быстыа дуу, ойдуо дуу, хоһугар аа-дьуо киирэн, суумкатын ылан, уруогун аахпыта буолла. Дневнигин ороон көрбүтэ, хата, ааҕыы эрэ баар эбит. “Ээ, маны баҕас, ааһан иһэн буоллаҕа” – диэн, бэрт холку киһи “Төрөөбүт литература” кинигэтин таһааран, аахпытынан барда. Син ортолоон иһэн, халтаһалара улам ыараан, кыламаннара ыпсан бардылар, устунан утуйан хаалла.
Арай түһээтэҕинэ, Айыына төбөтө, айаҕынан үрүллэр саарык курдук, улам улаатан, үллэн-баллан барда. Оттон илиитэ-атаҕа эриэн үөн курдук эриллэн, субуруйарга дылы буолла.
Кыыс кутталыттан хаһыытаан көрдө да, саҥата кыайан тахсыбата. Аны хантан кэлбиттэрэ биллибэт абааһылар кыыһы эккирэтэн сордоотулар. Ол курдук булумахтана сыттаҕына, ырыых-ыраахтан ийэтин саҥата иһиллэр быһыылаах.
– Ийээ, ийээ! – Айыына, өрүһүйтэрэр санаалаах, хаһыытаан тоҕо барда. Онтуттан соһуйан, оронугар олоро биэрдэ. Ийэтэ кыыһын кууста:
– Чыычааҕым оҕото, киһини куттаатыҥ дии. Котокум, икки күнү быһа сыттыҥ, сэниэҥ бараннаҕа буолуо, тугу аһыаххын баҕараҕын? Тэлэбиисэргин холбоон биэрэбин дуо?
– Ээ, суох, ийээ. Аны тэлэбиисэри көрбөппүн. Ол оннугар, хата, кинигэ ааҕыам, – диэн кыысчаана эппититтэн ийэ сүрэҕэ сымнаабыкка дылы гынна.
Онтон ыла Айыына үөрэҕэр кыһаллан, уруокка эппиэттиирэ элбээтэ, үчүгэй сыаналары ылара үксээтэ. Ону таһынан, иллэҥ кэм көһүннэр эрэ, дьиэтин эркинигэр бүтүннүү тэнитиллибит баай ис хоһоонноох кинигэлэрдээх долбууртан арахпат. Ардыгар олохтоох бибилэтиэкэҕэ тэбинэн тиийэн, ааҕар саалаҕа олорон ааҕара элбиир буолбутуттан, ама, хайа ийэ үөрбэт, долгуйбат буолуой?!
Учуутала кини тосту уларыйбытын бэлиэтии көрөн: “Үөрэххитигэр Айыына курдук сыһыаннаһыҥ”, – диэн холобурга сылдьар үөрэнээччилэр ахсааннарыгар киллэрбитэ дьоһун ситиһии буоллаҕа.
Николина Андреева.
Маҕарас, Горнай.