Кэлэр 2019 сыл Россия үрдүнэн Театр сылынан биллэрилиннэ. Театр сылын көрсө, биhиги үөрэнээччилэрбит «Татыйык уонна Туораах» диэн театрализованнай дьүhүйүүгэ кытыннылар.
Дьүһүйүүнү Дүллүкүтээҕи Култуура уонна сынньалаҥ киинин уус-уран салайааччыта, Дьокуускайдааҕы Култуура уонна искусство кэллиэhин IV кууруhун устудьуона Анисия Николаевна Алексеева дипломнай үлэтин быһыытынан туруорда. «Татыйык уонна Туораах» айымньы ааптара — ырыаhыт, суруналыыс, хоhоон суруйааччы Любовь Готовцева
Аҕа дойду сэриитигэр дьон саамай тэтиэнэҕэ, эрчимнээҕэ, чулуута бары кэриэтэ ыҥырыллыбыта. Аан ийэ дойду атыйахтаах уу курдук аймаммыт кэмигэр дьон тыылга кыайыы туһугар бары күүһүн-уоҕун биэрэн туран үлэлээбитэ.
Тыылга эмиэ фроҥҥа курдук кытаанах усулуобуйа этэ. Дьон эдэриттэн эмэнигэр, оҕотуттан оҕонньоругар тиийэ бука бары, утуйар ууларын умнан туран, хоодуоттук үлэлээбитэ. Бу туhунан сыанаҕа туруоруллубут айымньыга кэпсэнэр.
Кылаабынай оруолга V кылаас үөрэнээччилэрэ Васильева Ангелина уонна Бурнашев Кеша сэрии кэмин оҕолорун аас-туор олохторун итэҕэтиилээхтик оонньоотулар. Кинилэргэ бииргэ үөрэнэр уолаттара хоhоон ааҕан, үҥкүүлээн көмөлөстүлэр. Оҕо уhуйааныттан Людмила Дорофеева сүрүн герой ийэтин, Наталья Иванова сэриигэ барбыт буойун кэргэнин, XI кылаас үөрэнээччитэ Богдан Федоров эдэр сэрииhит уобарастарын толору арыйдылар, ситиһиилээхтик оонньоон көрдөрдүлэр.
Ол саҕанааҕы кэм — аччыктааһын, тоҥуу-хатыы, өлүү-сүтүү… Кырачаан Татыйык кыыс, аhыыр аhа суох олорон, кутуйаҕы аhынан ытыырын, булбут туораах бурдугун бэйэтэ сиэбэккэ, кутуйаҕар биэрэрин, бэйэтэ буоллаҕына аһаабакка хоргуйан өлөрүн көрөн, олус харааhынным… Эйэлээх олох иһин бу маннык ыар кэми ааспыт сэрии кыттыылаахтарын, тыылга үлэлээбит дьону биһиги, кэнчээри ыччат, билиэх, ытыктыах, кинилэринэн киэн туттуох тустаахпыт.
Сэрии ыар бааhа, төhө да үйэ аҥаарыттан ордук кэм ааспытын иhин, дьон сэргэ өйүттэн-санаатыттан сүппэт. Көрөөччүлэр сыанаҕа туруоруллубут айымньыны кэрэхсээтилэр, оҕолор уонна улахан дьон оруолларыгар табыллан оонньообуттарын бэлиэтээтилэр.
Оччотооҕу кэм тыыннаах туоhулара, тыыл, үлэ бэтэрээннэрэ М.И. Алексеева, М.Н. Докторова ыҥырыыны тутан, инники эрээккэ долгуйан олорон, дьүhүйүүнү көрдүлэр. Бу үлэтин туруорарыгар ытык дьоммут сүбэ-ама буолбуттарыгар Анисия Николаевна ис сүрэҕиттэн махтанна.
Уйгулаана Прокопьева, VIII кылаас,
Дүллүкү, Үөhээ Бүлүү, “Эрчим” эдкорпост.