Бары сөбү-лээн ааҕар “Юность Севера” хаһыаппыт 30 сааһын томточчу туолла. Онон сибээстээн Табаҕа орто оскуолатыгар Мэҥэ Хаҥалас улууһун эдкорпостара түмсүүлээх тэрээһин буолан ааста.
Табаҕа оскуолата биһиги редакциябытын кытта уруккуттан ыкса ситимнээх. Манна 80-с сыллардаахтан С.В. Шишигин, салгыы Т.Н. Маркова “Дьүкээбил уоттара” диэн эдкорпоһу үлэлэппиттэрэ.
90-с сылларга Агния Спиридоновна Шишигина “Табаҕа кыымнара” поһу тэрийэн, элбэх оҕону суруналыыстыка, тыл эйгэтигэр сирдээбитэ. Хаһыаппытыгар көхтөөхтүк суруйар Лена Соловьева, Сережа Макаров диэн оҕолору билиҥҥээҥҥэ диэри өйдүүбүт-саныыбыт.
Билигин “Юность Севера” хаһыаты кытта ыкса ситими Полина Григорьевна Брызгалова салайааччылаах “Кыымчаан” пост тутуһар.
“Юность Севера” хаһыат 30 сылын бэлиэтиир тэрээһиҥҥэ редактор Е.С. Иринцеева, редакция үлэһиттэрэ Юлия Попова, Миэль Юмшанова, Мария Решетникова, Катя Киприянова, Василий Пак, Таисия Алексеева, Майа 2 №-дээх оскуолатыттан К.Д. Бакычарова, Маттаттан А.Н. Ченянова, Бүтэйдээхтэн Р.А. Никифорова, Т.А. Игнатьева, Тиэлигиттэн Е.А. Никитина, Чыамайыкыттан С.Е. Прокопьева, Аллараа Бэстээх 1 №-дээх оскуолатыттан Т.Е. Игнатьева уонна эдэр кэрэспэдьиэннэр кытыннылар. Оскуола дириэктэрэ Наталья Васильевна Бурнашева ыалдьыттары эйэҕэстик көрсөн, киэн туттар биир дойдулаахтарын “Россия үтүөлээх экономиһа”, “СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ” үрдүк ааттаах Роберт Андреевич Бурнашов мусуойугар экскурсия ыытта.
Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар “Дьүһүйүү” ансаамбыл эҕэрдэ нүөмэрдэри көрдөрдө. Оттон сүрүн чааһыгар учууталлар төгүрүк остуолга уопут атастастылар, оҕолор квест-оонньууга, маастар-кылааска сырыттылар.
Тэрээһиҥҥэ эдэр кэрэспэдьиэннэр “дьиэтээҕи сорудаҕы”, фоторепортаж оҥорон, Майа 2 №-дээх оскуолатын үөрэнээччитэ Юля Тарабукина “Военно-учебные сборы” үлэтэ I миэстэни ылла.
Иккис “Үөрэх түгэннэрэ” үлэлээх Оля Осипова, Эмма Никифорова (Бүтэйдээх), үһүс “Оскуола быыбарын түгэннэрэ” үлэлээх Максим Прокопьев (Чыамайыкы) буоллулар.
Оҕолор кылгас кэм иһигэр да буоллар, хаһыат үлэтин туһунан өйдөбүл ылбыттара өйдөрүгэр-санааларыгар хаалыа, ааҕыыга интэриэһи тардыа диэн эрэнэбин.
Хаһыат — күннээх, сонун — үйэлээх
Полина Григорьевна БРЫЗГАЛОВА, “Кыымчаан” пост салайааччыта (Табаҕа):
– Табаҕа оскуолатыгар 131 оҕо үөрэнэр. 2001-2002 сс. үөрэх дьылыттан үөрэнээччилэрбитин араас идэҕэ үөрэтэн, докумуон (свидетельство) биэрэбит. Бу биһиги оскуолабыт уратыта буолар. Билигин 6 идэҕэ үөрэтэ сылдьабыт: атыылааччы-кассир-контролер, повар-кондитер, мас ууһа (столяр), делопроизводитель, суруналыыс, “В” категориялаах суоппар.
Уопсайа, 225 оҕо оскуоланы анал идэлээх бүтэрдэ. Холобур, суруналыыстыка идэтигэр ХИФУ суруналыыстыка кафедратын кытта дуогабардаһан, оҕолор 2 сыллаах анал кууруһу бараллар. Оннук, атын үөрэх тэрилтэлэрин кытта эмиэ дуогабардаахпыт. Маны таһынан, оскуолабыт биир сүрүн хайысхатынан оҕолору урбааҥҥа уһуйуу буолар. Роберт Бурнашов “РФ үтүөлээх экономиһа” буоларын быһыытынан, оскуолабытыгар экономика хайысхатын киллэриибит олус оруннаах дии саныыбыт.
Хаһыат күнэ, былааннаммытын курдук, үчүгэйдик ааста. Ыҥырыыбын ылынан кэлбит ыалдьыттарбар, “Кэскил”, “Юность Севера” хаһыаттар эрэдээктэрэ Евдокия Семеновна Иринцееваҕа, эрэдээксийэ эппиэттээх үлэһиттэригэр барҕа махталбын тиэрдэбин. Мусуойдарыттан “Володя Ульянов дневнигэ” диэн сүрдээх улахан альбомнарын бачча ыраахха илдьэ кэлбиттэрин бары сэргээн көрдүбүт.
Ыалдьыттарбыт маастар-кылааһы, квест-оонньууну ыытан, оҕолору түмтүлэр, сэргэхситтилэр. Бастыҥ эдкордар грамота, кинигэ бэлэх туттулар. “Фоторепортаж”куонкурус оҕолор интэриэстэрин тарта. Оскуола аайыттан оҕолор араас үчүгэй фоторепортажтары оҥорон аҕалбыттар.
Ити курдук, улуус оскуолаларыттан кэлбит учууталлар, эдэр кэрэспэдьиэннэр элбэҕи билэн-көрөн, туһанан бардылар.
Суруналыыс — көрдөөх, ыстатыйа — «төбөлөөх»
Алина ЗАХАРОВА (Табаҕа):
– Мин ордук квест-оонньууну сэргээтим. Бу төһө да сүүрүүлээх-көтүүлээх, хамсаныылаах оонньуу буоллар, сорудахтара барыта “Юность Севера” балаһаларынан буолан, кыттааччы оҕо хаһыат туһунан өйдөбүлү ылар, билиитэ эбиллэр. Биһиги хамаандабыт «Комедия» диэн этэ. Аат, девиз толкуйдаабыппыт. Хамаанданан бары сиэттиһэн, бииртэн-биир станцияҕа сүүрүүнэн сылдьыбыппыт.
Бастакы станция – “Барабашка”. Манна кылааска сыһыана суох бэридимиэти булуохтааххын уонна анал сиргэ тиийиэхтээххин. Станциябытын үчүгэйдик ааһан, 10 баалы ылбыппыт.
“Тайм-аут” спорт балаһата буоларын быһыытынан, ыстаныы, дартст-ытыы баара уонна аҕыйах ыйытыылаах этэ. Салгыы бибилэтиэкэҕэ жюри эппит кинигэтин булуохтаах этибит. Дьэ, биһиги көрдөө да көрдөө! Бибилэтиэкэр, бэл, күлбүтэ: “Маннык күн аайы көрдөттөрбүт киһи, бибилэтиэкэ кинигэтин барытын билиэ эбиккит!”
Бүтэһик станция – “Клякса”. Манна, бастакынан, «ЮС» диэн тылы туран, олорон эбэтэр сытан эрэ “оҥоруохтаахпыт”. Иккиһинэн, бэриллибит малларынан биир эмэ оҕону, күлүүлээх буоларын курдук, таҥыннарыахтааххын.
Биһиги хамаандабыт барытын үчүгэйдик ааһан, түмүккэ кыайыылаах тахсан, үөрүү-көтүү бөҕө буоллубут! Квест оонньууну оҕо барыта сөбүлээтэ. Олус интэриэһинэй эбит уонна хаһыаттар тустарынан билиини эмиэ биэрэр.
Юлия САННИКОВА (Табаҕа):
– Мин ордук Екатерина Киприянова диэн суруналыыһы өйдөөн хааллым. Кини өйдөөх, кыраһыабай. Дьиҥнээх суруналыыс маннык буолуохтаах дии саныыбын. Екатерина квест-оонньуу уонна маастар-кылааһы ыыппыта. Маастар-кылааска араас сүбэни-аманы биэрбитэ, ыстатыйа “төбөтүн” (заголовогы) сөпкө, интэриэһиргэтэр гына толкуйдуурга үөрэппитэ. Үрдүкү кылаастар буоларбыт быһыытынан, обургу оҕону долгутар тиэмэлэргэ сорудах биэрбитэ: дьону кытта сыһыан, аныгы оҕо уобараһа, идэни талыы. Мин санаабар, итинник, оҕону толкуйдатар суруйуулар хаһыакка наадалар. Оҕо интэриэһиргиир тиэмэтин ылларан туран ааҕар. “Кэскил”, “Юность Севера” хаһыаттарга маннык суруйуу элбэхтик тахсарыгар баҕарабын.
«Иэспиттэн» үөрэбин
Анжелика Николаевна ЧЕНЯНОВА, «Куорсун» пресс-киин салайааччыта (Матта):
– Мин бэйэм Таатта Дьохсоҕонун оскуолатыгар “Кулуһун” поска дьарыктаммытым. Поспут үчүгэй үлэлээх буолан, “Океан” лааҕырга путевканан наҕараадаламмыта. Онно барар чиэс миэхэ тиксэн, “Кэскил” хаһыат иннигэр улахан иэстээхпин. Матта оскуолатыгар поспун үчүгэйдик үлэлэтэн, хаһыаппын кытта ыкса сибээһи тутуһан, иэспин төлүөхтээхпин диэн соруктаахпын. Үөрэрим диэн оскуолабыт дириэктэрэ “Кэскилгэ” суруйуохха наада диэн сорук туруорда, эдкордары өйүүр. “Куорсун” диэн хаһыаты таһаарабыт.
Быйыл 100 % cурутуулаахпытынан киэн туттабыт. Сурутуу баар, аны оҕолор ааҕалларын ситиһиэххэ наада! Бу улуустааҕы тэрээһиҥҥэ кыттыбыппын олус сөбүлээтим. Олус сэргэх тэрээһин ааста. Мэҥэ Хаҥалас эдкорпостарын оҕолоро, салайааччылара түмсэн, «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттар үлэһиттэрин кытта көрүстүбүт, санаа үллэһиннибит. Төгүрүк остуолга хас биирдиибит хайдах үлэлээн олорорун кэпсээтибит, уопут атастастыбыт.
«Кэскил» хаһыаты кытта өрүү бииргэ үлэлииргэ илии тутустубут. Тэрээһин бүтүүтэ үгүһү билэн, элбэххэ үөрэнэн, кыайыылаах оҕолор грамотанан наҕараадаланан, илии тутуурдаах, өттүк харалаах үөрэн-көтөн, тарҕастыбыт.
Пак диэ… хата көрдүм ээ
Радик АНДРОСОВ, VII кылаас үөрэнээччитэ (Матта):
– “Кэскил” уонна “Юность Севера” хаһыаттар тэрээһиннэрин олус сөбүлээтим. Наһаа үчүгэйдик сырыттыбыт. Атын оскуола оҕолорун кытта билистим уонна уруккуттан билэр табаарыспын көрсөн, эмиэ үөрдүм. Хаһыат суруналыыстарын уонна Василий Пак фотограбы көрдүм, хаһыакка хайдах дьон үлэлииллэрин биллим. Маастар-кылаастан хаһыакка заметка, интервью хайдах суруйуохха сөбүн туһунан кэпсээбиттэрэ миэхэ туһалаах буолла. Өссө да “Кэскил”, “Юность Севера” хаһыаттар тэрээһиннэригэр сылдьыахпын баҕарабын.