А. Е. Мординов аатынан Таатта лиссиэйин 7 кылааһын үөрэнээччитэ Саргылаана Неморицына «Исследования параметров космической погоды воздействующих на сердечно-сосудистую систему человека» ураты тиэмэнэн үлэлии сылдьар.
«Бэргэн ыйытыы — наука күлүүһэ» О. Бальзак
— Наукаҕа бастакы холонуубун кыра эрдэхпиттэн уһуйаантан саҕалаабытым. Бастакы бырайыактыыр үлэбин битэмиин туһунан суруйбутум. Араас уопуттары оҥорон интэриэс үөскээн, табыллыбыт үлэбититтэн күн күбэй ийэбиниин олус үөрэрбит. Алын сүһүөх кылааска дакылааппын салҕыы ситэрэн улуустааҕы научнай кэмпириэнсийэлэргэ ситиһиилээхтик кыттан, кыайыылаах үрдүк аатын сүкпүтүм. Ийэм быраас буолан, наукаҕа маҥнайгы хардыым медицина эйгэтигэр сыһыаннаах. Бэһис кылаастан научнай салайааччыбынан английскай тыл учуутала, педагогическай үлэ кандидата Попова Я.И. үлэлэһэр. Ол курдук, улуустааҕы «Саарыннар ааҕыылара» лауреата, IX 6рөспүүбүлүкэтээҕи «От ученических исследований до научных открытий» политехническай кэмпириэнсийэ дипломата, XXIII 6рөспүүбүлүкэтээҕи «Инникигэ хардыы» дипломата, VI Бүтүн Арассыыйатааҕы «Открой в себе ученого» научнай-инновационнай кэмпириэнсийэ лауреата, IV Бүтүн Арассыыйатааҕы «Тропой открытий В.И. Вернадского» кэмпириэнсийэ лауреата, «Актуальное исследование» анал аат хаһаайката, IX норуоттар икки ардыларынааҕы «СТАРТ В НАУКЕ» кыайыылааҕа, XXIV өрөспүүбүлүкэтээҕи «Инникигэ хардыы» дипломана буолар чиэскэ тиксибитим.
Науканан дьарыктаныы сыл ахсын саҥаттан саҥаны билэргэ, бэйэни сайыннарыыга олус туһалаах. Сайыҥҥы сынньалаҥҥа научнай-технологическай бырайыакка ситиһиилээхтик кыттан, наука министиэристибэтин иһинэн үлэлиир «Сириус» бырагырааматыгар үөрэнэр дьоллоннум. Бырагыраама сайдар кэскиллээх, инникилээх буолан, «Исследования параметров космической погоды воздействующих на сердечно-сосудистую систему человека» тиэмэнэн үлэлэһэ сылдьабын. Күһүҥҥүттэн ыла, научнай салайааччыбын уонна СӨ Наукатын академиятын младшай научнай сотруднига, «Молекулярная медицина и генетика человека» лаборатория салайааччыта Маныкина Вероника Ивановнаны кытары ыкса үлэлэһэ сылдьабыт. Киһи бэйэтэ сөбүлүүр интэриэһиргиир тиэмэтинэн үлүһүйэн дьарыктанар буоллаҕына үгүһү ситиһиэн сөп. Наука эйгэтин саҥа саҕахтарын баҕалаах уонна дьулуурдаах буоллахха арыйарга кыах үөскүүр. Онон наука эйгэтигэр саҥа сүүрээннэри, ситиһиилэри баҕарабын!