Сайыҥҥы кэм — саамай көрдөөх, бэһиэлэй кэрэ кэм. Тааттатааҕы «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтин иһинэн 2021 сылтан оскуола саастаах оҕолорго аналлаах «Түөлбэ баһаатайа» сайыҥҥы оскуола үлэлиир. Бу сайын бэс ыйын 19 күнүгэр сайыҥҥы оскуола үлэтин саҕалаата.
Оскуола аһыллар түһүлгэтигэр сүүстэн тахса оҕо кэлэн дуоһуйа сынньанан, оонньоон, билсэн бардылар. Оскуола бэс ыйын 19 күнүттэн бэс ыйын 30 күнүгэр дылы Ытык-Күөлгэ Хадаайыга «Таатта» литературнай художественнай музей-заповедник сиригэр үлэлиир. Сайыҥҥы оскуола үлэтэ оҕолор уһун кэмҥэ дистанционнай үөрэххэ олорон сылааларын таһааран, дьоҥҥо-сэргэҕэ үөрэнэр, саҥа доҕоттору булар бэртээхэй кэм.
Сайыҥҥы оскуола сүрүн тутаах дьонунан үгэс буолбутунан «Ситик» оҕо тэрилтэтин лидердара буолаллар, баһаатайдыыллар. Быйыл баһаатайдарынан үлэлииллэр: Хаарчаана Заворотная, Афоня Канаев, Ая Таппырова, Уля Маркова, Алик Григорьев, Маша Толстякова, Саша Аввакумов, Сахая Ефремова, Сайаана Ефимова, Володя Егоров, Тимур Калашников, Виолетта Старостина. Оҕолор дуоһуйа оонньон, үҥкүүлээн, сүүрэн-көтөн сэргэхсийдилэр. Баһаатайдар оҕолору түөлбэлэргэ арааран, хас биирдии түөлбэ бэйэтин билиһиннэрэр тэрээһинэ буолла. Баһаатайдар оҕолорго анаан элбэх көрдөөх оонньуулары ыыттылар, флешмобтары үҥкүүлэттилэр. Ону таһынан оҕолорго анаан төрөппүттэр кыһамньыларынан батут үлэлээтэ, крио-кафе “Мохито” үлэлээн утахтары, сахарнай вата, попкорн атыылаан оҕолору үөртэ. Сайыҥҥы оскуола саҕаламмытынан хас биирдии оҕо мороженайынан босхо күндүлэннэ.
Сайыҥҥы оскуола сайыҥҥы кэмҥэ оҕо дьарыктаах буоларыгар, оҕо социальнай эйгэҕэ тирэхтээхтик киирэригэр, элбэх саҥа доҕоттору буларыгар сыаллаах үлэлиир. Бу икки нэдиэлэ устата оҕолору көрдөөх-нардаах оонньуулар, саҥа билсиһиилэр, сонун тэрээһиннэр күүтэллэр.
«Сатабыл» медиа-студията, Тааттатааҕы «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтэ.