Үгэс курдук, үһүс чиэппэр “Инникигэ хардыы” научнай-практическай кэмпириэнсийэ өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕиттэн саҕаланна.
Манна регионнарыгар кыайбыт бастыҥнар ыҥырыллан кэлэн, чинчийэр үлэлэрин түмүгүнэн суруллубут дакылааттарын, саҥа ирдэбилинэн, ангылычаанныы, нууччалыы кэпсээтилэр.
Чурапчы улууһун Арыылааҕыттан кэлбит Виктория Сивцева уонна Клара Дагданча VII кылааска бииргэ үөрэнэллэр эбит. Омук тылыгар үөрэтэр учууталлара Зинаида Николаевна Семенникова салайыытынан кыргыттар “Таал-Таал” остуоруйаны ангылычаанныы саҥардыбыттар уонна онно олоҕуран тылдьыт оҥорбуттар.
—Туох сыаллаах бу «Словарь-путеводитель по якутскому мультфильму «Таал-Таал эмээхсин» үлэни суруйдугут?
—Бастатан туран, саха оҕото омуктуу биллин диэн. Иккиһинэн, тылдьыппыт көмөтүнэн ангылычаанныы тылын баайын хаҥатыа. Үсүһүнэн, ютубка укпуппутун көрөн, атын омук дьоно саха норуотун туһунан өйдөбүл ылыаҕа, култуурабытын кытта билсиэҕэ.
— Мультигы бэйэҕит оҥордугут дуо?
— Суох. Таатта уола Софрон Варламов оҥорбут “Таал-Таал эмээхсин” мультигын автортан бэйэтиттэн көҥүллэтэн ылан монтажтаабыппыт. Ону Movavi Video Editor программанан саҥардыбыппыт (озвучка).
—Сахалыыттан тута ангылычаанныы тылбаастаабыккыт?
— Остуоруйаҕа сахалыы сценарийын суруйбуппут. Икки аҥаар мүнүүтэлээх хартыынаҕа сөп түбэһэр гына. Ону бастаан нууччалыы, онтон биирдэ ангылычаанныы тылбаастаабыппыт.
— Кыргыттар, өрөспүүбүлүкэҕэ II миэстэ буолбуккутунан эҕэрдэлиибин! Бу үлэҕитин өссө кэҥэтэн иһиҥ. Кырдьык, билиҥҥи үйэҕэ саха оҕото үс тылы баһылыахтаах. Онуоха эһиги бырайыаккыт бэртээхэй эбит. Ситиһиини!