Бүлүү өрүс уутун улуу Өлүөнэҕэ холбуур сириттэн, Киччэҥтэн алын, хоту диэки түстэххэ, өрүс боротуокаларга хайдан, элбэх ахсааннаах арыылар быыстарынан устар. Бу арыылар Саха сирин үрдүнэн Түөрт уон арыы диэн аатынан биллэллэр. Хас биирдиилэрэ тус-туһунан ааттаахтар-суоллаахтар. Бу арыыларга көтөр-сүүрэр мустар, сайылыыр, төрүүр-ууһуур. Дьааҥы хайаларын ууллубат муус төбөлөөх очуостара көстөллөр. Сайынын кинилэртэн түһэр үрэхтэр муус дьэҥкир ыраас ууларын Өлүөнэҕэ куталлар. Дьапталҕа таастара, ким хайдах өйүгэр оҥорон көрөрүнэн, араас кыылларга, дьоҥҥо, ураһаҕа маарыннаан көстөллөр.
Буор эҥээргэ биэс үрэх кэлэн холбоһор сирдэрэ бааллар, ол сир аата Биэс Билир диэн. Бу сиргэ Муҥур Күҥкүй диэн ааттаах үрэх устар. Кылгас буолан аата – Муҥур, төрдө сиртэн тахсар. Кыһыннары сылаас, тоҥмот куһаҕан сыттаах уулаах, ол иһин Күҥкүй диэбиттэр. Ол уутунан сүһүөхтэрин угуттууллара үһү. Оттон Дьаҕары диэн ааттанар, сүрдээх бөдөҥ мастаах, тымныытынан аатырбыт сир баар. Былыр биир киһи, кыһын айаннаан иһэн хараҥаҕа былдьатан, манна хонорго күһэллибит. Кутаа оттон уокка мас быраҕа-быраҕа утуйумаары төҥүргэс үрдүгэр олорбут. Арай ол олордоҕуна хараҥаттан уот кыһыл уһун таҥастаах, кугас баттахтаах дьахтар тахсан кэлбит. “Ыччыы-ычча … Аата, аҕырыйан-дьаҕырыйан тымныы даҕаны сиргэ кэлбиппин. Уокка иттиэхпин көҥүллээ эрэ”, – диэбит. Айанньыт дьиктиргээтэр даҕаны, кутаа нөҥүө сыҕарыйан биэрбит. Дьахтар балачча уһуннук иттэн баран, сарсыарда борук-сорук буолуута: “Мантан хоту барыа суохпун, төттөрү төннүүһүбүн, тымныыката бэрт эбит. Уоккар итиннэрбитиҥ иһин махтанабын. Манньатын эйигин тыыппакка бардым”, – диэбит уонна турбут сиригэр салгыҥҥа симэлийэн хаалбыт. Ол уоспа ыарыы кэлэ сылдьыбыт уонна бу сир тымныытыттан дьулайан мантан төннүбүт. Онон бу дойду дьоно ыалдьыбакка хаалбыттар. Онтон ылата бу сири Дьаҕары диэн ааттыыр буолбуттар.
Анна Егоровна Варламова-Намыына “Лүүчүннэр” кинигэттэн.
Николай Гольдеров уруһуйа.
Атын кутталлаах кэпсээннэри «Кэскил» хаһыакка ааҕыаххын сөп. Биһиги сайтпыт маҕаһыыныттан онлайн атыылаһан аах.