Быйылгы сыл өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ сылынан биллэриллибитинэн, эбэм туһунан кэпсиэхпин баҕардым. Эбэм ол кэминээҕи үлэ ыараханын барытын кыайа-хото үлэлээн, билигин нэһилиэгин, улууһун дьонугар үтүө тылынан ахтылларыттан үөрэбин.
Эбэм Августина Иустиновна 1937 сыллаахха Таатта улууһун Тыараһа нэһилиэгэр, Кыйы бөһүөлэгэр холкуостаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. 1953-59 сылларга оскуола кэнниттэн төрөөбүт дойдутугар, аан бастаан бииргэ үөрэммит оҕолорун кытта Ленин аатынан колхозка ньирэй көрөөччүнэн үлэтин саҕалаабыта. 1959-1967 сыллаахха Чурапчы оройуонугар Субуруусскай аатынан колхозка дояркалаабыта. 1967-1979 сылларга Субуруусскай аатынан совхоз Соловьевтааҕы отделениетыгар ньирэй, бороон көрүүтүгэр, доярканан үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. 1962 сыллаахха олоҕун аналын Филипп Филиппович Собакины көрсөн ыал буолаллар, Мырылаҕа олохсуйаллар.
1967 сыллаахха диэри утуу-субуу оҕолонон олорор, онтон өр сылларга Субуруусскай аатынан совхоз Соловьевтааҕы отделениетыгар ньирэй, бороон көрүүтүгэр үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Элбэх эдэр ыччаттары үлэҕэ үөрэппитэ, наставниктаабыта.
Августина Иустиновна нэһилиэк общественнай олоҕор актыыбынайдык кыттара, нэһилиэк советыгар хас да төгүл депутатынан быыбардаммыта. Кини 9 пятилетка былааннарын эҥкилэ суох толорбутун иһин, 1973 сыллаахха Партия уонна правительство үрдүк наҕараадатын Үлэ Кыһыл Знамята уордьанынан наҕараадаламмыта. Биир дойдулаахтара общественнай үлэҕэ активнай үлэтин бэлиэтии көрөн, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин 9 ыҥырыылаах сессиятыгар депутатынан быыбардаабыттара. В.И. Ленин 100 сыла мэтээлинэн, өрөспүүбүлүкэ, оройуон, сопхуос, нэһилиэк Бочуотунай грамоталарынан, Махтал суруктарынан наҕараадаламмыта. Соловьев нэһилиэгин Бочуотун кинигэтигэр киллэриллибитэ.
Августа Иустинова нэһилиэк историятыгар, боростуой үлэһит дьонтон Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин депутатынан быыбардаммыт соҕотох киһибитинэн буолар.
Эбээм эһэбитин кытта Филипп Федотовичтыын, нэһилиэктэрэ сайдарын туһугар, түүннэри-күнүстэри үлэлээн, көмүс көлөһүннэрин тохпут дьоннорунан буолаллар.
Билигин хас биирдии оҕо төрүттэрин билэр бигэ тирэҕэ, киниэхэ улахан көмө буолар. Инникитин архыып матырыйаалларын үөрэтэн, эбэм туһунан өссө дириҥэтэн билэр, чинчийэр санаалаахпын.
Лилия МАРКОВА, VI кылаас,
А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолата, Чурапчы.