Мин эһэм Егор Егорович Захаров, эбэм Мелания Прокопьевна Захаровтар 50 сыл бииргэ олорбуттара.
Эһэм Егор Егорович Захаров кэпсииринэн, тɵрдүбүт Суптуҥа аҕа ууһа диэн эбит. Аҕа ууһугар аар-саарга аатырбыт олоҥхоһут Чээбий тɵрɵɵн-үɵскээн ааспыта.
Төрүччүбүтүгэр түгэх ɵбүгэбит Тээкэ Маппый 1789 с. тɵрɵɵбүт. Талах диэн сиргэ олорбут. Түɵрт уоллаах эбит: Буокалыыр Борокуопай, Бɵкчɵгɵр, Ылдьаа, Күɵх Бүɵтүр диэн. Буокалыыр Борокуопай диэн биһиги хос-хос-хос эһэбит. Кини түөрт уоллаах: Баһылачаан, Луха, Наар Кууһума уонна Силип.
Буокалыыр Борокуопай Хачча Сүөдэр диэн күүстээх киһи кыыһын кэргэн ылар. Бу Сүөдэр Додор кулуба чугас аймаҕа. Баай Бакыыһа үлэһитэ. Биирдэ Бакыыһа уолун Сүɵдэр Новиков байтаһын биэтэ Хадьаҕа күɵлүгэр ууга түһэн ɵлбүт. Муус тутум курдук томмутун кэннэ, тойоно Хаччаны ыҥырбыт уонна: «Нохоо, биир байтаһын биэм ууга түһэн сытар. Ону илдьэн сиэ», – диэбит. Хачча ууга тɵбɵтɵ эрэ кɵстɵр мууска хам тоҥон сытар биэни муустары сүгэн, Талахха дьиэтигэр илдьэ барбыт.Хачча Сүөдэр мас уһааттаах тоҥ тары булуустан ɵрɵ быраҕара дииллэрэ.
Буокалыыртан хос-хос эһэм Луха Захаров тɵрүүр. Бэйэтин кыанар киһи эбит. Биирдэ алта бууттаах хааһаҕы кɵтɵҕɵн истэҕинэ, Чээбий икки бууттаах хааһаҕы эбии бырахпыт. Ону илдьэн ууран баран: «Киһини эчэтээри», – диэбит. Луха туспа ыал буолан баран Кутуйа куулатыгар балаҕан уонна ампаар дьиэ туттан олохсуйбут.
Луха Тиэлигиттэн тɵрүттээх Федора Кириллинаны кэргэн ылбыт. 21-дэ оҕоломмуттарыттан соҕотох уол, хос эһэм Егор Лукич ордон, аҕа ууһун салҕаабыт.
Егор Лукич бɵҕɵ-таҕа, бɵдɵҥ-садаҥ, күүстээх киһи эбит. 7-8 миэтэрэлээх бэрэбинэни аа-дьуо сүгэрэ. Олорор дьиэтин соҕотоҕун туппут. Мас тардыһар эбит.
1927 с. хос эбэбин Анастасия Андреевна Новикованы кэргэн ылар. Аҕыс оҕолоноллор.
Егор Лукич 1942 сыл бэс ыйын 9 күнүгэр Аҕа дойжу Улуу сэриитигэр ыҥырыллан барар. 1942 с. Сталинград кыргыһыытыгар ахсынньы 8 күнүгэр сэрии толоонугар охтубута. Көмүс уҥуоҕа Западновка дэриэбинэҕэ хараллыбыт.
Захаровтар удьуордарын сиэттэрэ салгыыбыт. ϴбүгэлэрбит дойдуларыгар Эмискэ олоробут. Сылын аайы Луха ɵтɵҕɵр Кутуйаҕа мустан кɵрсɵбүт.
Айталыына ЗАХАРОВА, VI кылаас,
В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата, Амма
Алина Монастыршина уруһуйдара