Үөһээ Дьааҥы оскуолатын бибилэтиэкэтэ бүтүн Аан дойдутааҕы төрөөбүт тыл уонна Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр анаан хобо чуорааны тыаһатан, сахалыы сылаас астаах сандалы бэлэмнээн 8-9 кылаас уоланнарыгар күрэс ыытта.
Бастаан төрөөбүт тылга тапталы иҥэриигэ дорҕоонноохтук ааҕыы, айымньылар ааттарын быһаарыы, өс хоһооннору ситэрии, паараласпыт тылы булуу, тылбаастааһын уонна “угунньа”, “кээнчэ” уратытын биллилэр. Уолаттар бу ичигэс атахха кэтиллэр таҥаһы кэтэн, үс дулҕанан үктээн, саалаах сүүрүүгэ күрэхтэстилэр. Күрэс ыксалыгар угунньаны кэтэр быдан түргэн эбит диэн быһаардылар.
Түмүгэр, СВО-ҕа сылдьар байыастарга анаан угунньа тигэн (сметкалаан) бэлэмнээтилэр. Биһиги уоланнарбыт Ийэ дойдуларыгар бэриниилээхтэр диэн бигэ эрэннибит.
Үөһээ Дьааҥы оскуолатын бибилэтиэкэтэ