Сахабыт тыла барахсан хас эмэ үйэни уҥуордаан, эппитигэр-хааммытыгар иҥэн, өйбүтүн-санаабытын салайан сырыттар, аныгы кэм сабыдыалыгар оҕустаран, сүтэр-симэлийэр кутталланара сахалыы куттааҕы эрэ барытын долгутар. Бүгүн, Төрөөбүт тылбыт уонна сурук-бичик күнүгэр, омук кэскилин, саха тылын дьылҕатын туһугар ис сүрэҕиттэн кыһанар киһинэн ааттаан туран, Ангелина Афанасьевна Кузьминаны кытта кэпсэтиибин таһаарабын.
-Ангелина Афанасьевна, бастатан туран, бүгүҥҥү үөрүүлээх күнүнэн эҕэрдэлиибин! Саха тылын чинчийэр баҕа санаа эйиэхэ хаһан киирбитэй?
-Устудьуоннуу сылдьан, биһиги тылбыт хайдах үөскээбитэй, хаһан баар буолбутай диэн күүскэ сэргээн, дириҥэтэн үөрэтэн барбытым. Кыра кыралаан үлэлэри суруйан саҕалаабытым. Онтон кэлин диссертациябын суруйан, көмүскээбитим.
-Үлэҥ тиэмэтэ чуолаан туохха олоҕурбутай?
-Аат тыл төрдүн үөрэппитим. Үөскээбит араҥатынан үс бөлөххө араарбытым. Тыл үөскүүрүгэр дорҕоонуттан саҕалаан, өлүктүйбүт олоҕун, сыһыарыытын булан арааран, ханнык тылтан киирбитин уонна суолтатын атын тыллары кытта тэҥнээн чинчийбитим. Уруулуу түүрдүү омуктар, монгуол, тоҥус-мондьуур тылларын үөрэтэр чинчийээччилэр дириҥник сыаналаабыттара: Кабардино-Балкария судаарыстыбаннай үнэбэрситиэтиттэн тыл билимин дуоктара, бэрэпиэссэр, балкар тылын хаапыдыратын сэбэидиссэйэ М.Б. Кетенчиев, Калмыкия судаарыстыбаннай үнэбэрситиэтиттэн тыл билимин дуоктара, бэрэпиэссэр Светлана Менкеновна Трофимова, Иркутскайдааҕы судаарыстыбаннай үнэбэрситиэтиттэн тыл билимин дуоктара, бүрээт филологиятын хаапыдыратын бэрэпиэссэрэ Татьяна Бороевна Тагарова, Башкирия сударыстыбаннай үнэбэрситиэтиттэн тыл билимин дуоктара, бэрэпиэссэр, татаар филологиятын уонна култууратын сэбиэдиссэйэ Алмас Галимзянович Шайхулов, Казахстан А. Байтурсынов аатынан тыл институтун сүрүн научнай үлэһитэ Алимхан Жунисбек, Татарстан сударыстыбаннай үнэбэрситиэтиттэн тыл билимин хандьыдаата Миннира Рахимовна Булатова, Хакасия тылы, литератураны уонна устуоруйаны үөрэтэр институтун үрдүкү научнай үлэһитэ, тыл билимин хандьыдаата Петр Егорович Белоглазов, Тува сударыстыбаннай үнэбэрситиэтиттэн тыл билимин хандьыдаата Кара-оол Любовь Салчаковна, РНА СС Гуманитарнай чинчийии уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларынинститутун сүрүннүүр научнай үлэһитэ Сардаана Ивановна Шарина о.д.а.
-Тылбыт устуоруйатын туһунан тугу этиэҥ этэй?
-Саха тыла түүрдүү тыллартан саамай эрдэ арахсыбыт (чуваш тылын кытта). Онон уратыта элбэх. Түүр тылыттан төрүттээҕэ биллэр. Ону сүрүн туттар тылбыт-өспүт көрдөрөр. Онтон монгуол уонна тоҥус-мондьуур тылларын кытары булкуспут. Монгуол тылын чинчийэн көрүү түмүгүнэн, сүрүннээн XIII–XV үйэлэргэ киирбиттэр. Ол курдук сүөһү иитиитигэр, итэҕэлгэ, дьиэ-уот малыгар-салыгар сыһыаннаах элбэх монгуоллуу тыллар бааллар. Тоҥус-мондьуур тыла кэлин соҕус киирбит диэн этиэххэ наада. Ону таһынан атын тыллар эмиэ бааллар. Холобур, финно-угорскай, кытай, самодийскай, согдийскай, енисей тыллара биирдиилээн да буоллар көстөллөр.
—Былырыыҥҥыттан “Саха этигэн тыла” диэн саайт, ону тэҥэ “Саха суола” диэн саайт, ютуб-ханаал арыйан үлэлэтэҕин. Бу туох сыаллаах бырайыактарый?
-Бу оҕолорго, ыччакка аналлаах төрөөбүт омукпут, тылбыт-өспүт, итэҕэлбит, үгэспит, төрүт дьарыкпыт, уопсайынан эттэххэ, омук быһыытынан уратыбыт туһунан чинчийиилэри сырдатар, үөрэтэр таһаарыылар. Ийэ тылбыт эйгэтин кэҥэтэр, сайыннарар сыаллаах, сахалыы хомоҕойдук саҥарарга, уус-ураннык уонна таба суруйарга үөрэтэр, сүбэлиир-амалыыр аан ситим. Бырайыак Ил Дархан Гранын өйөбүлүнэн тахсар. Уопсастыбаннай хамсааһыҥҥа саха тылын үөрэхтээхтэрэ, кыраайы үөрэтээччилэр, учууталлар, чинчийээччилэр биир сомоҕо буолан үлэлии сылдьабыт. Ону тэҥэ оҕолорго, ыччакка анаан “Этигэн тыл эгэлгэтэ” аман өс өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕин (араатардар күрэхтэрэ), «Тыл – омук тыына» сахалыы ыстатыйалары уонна уус-уран кэпсээннэри суруйуу күрэһин, «Норуот тылынан уус-уран айымньытын үйэтитии» фольклору хомуйуу өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэһин, айти эйгэҕэ саха тылын үөрэтиини киллэриигэ сэмэнээр ыыттыбыт. Мантан саас төрөппүттэргэ уонна оҕолорго, учууталларга аналлаах саха өйүн-санаатын барҕа баайын, тылынан уус-уран айымньытын, төрүт дьарыгын, үгэһин тарҕатар, сайыннарар, үйэтитэр, дьиэ кэргэҥҥэ оҕону өбүгэ үөрэҕинэн иитиини көҕүлүүр, уопут атастаһар научнай-практическай кэмпириэнсийэ ыытыахпыт.
-Маннык санаа үөскээбит төрүөтэ тугуй?
-Былырыын эмискэ хамсык туран, оҕолор ыраахтан үөрэниигэ киирбиттэригэр учууталлар куйаар ситимин нөҥүө сэргэх уруоктары хайдах оҥоруохха сөбүй диэн толкуй бөҕөҕө түспүттэрэ. Онно көмө буолар сыалтан маннык санаа киирбитэ. Саха тылын үөрэхтээҕэ уонна ийэ буоларым быһыытынан бу кыһалҕаны сытыытык өйдөөбүтүм. Саайпар дьон-сэргэ саха норуотун туһунан тугу көрдүүрэ барыта баар буолуон баҕарабын. Ол туһугар дьаныһан үлэлиибин. Онон өссө даҕаны матырыйааллара хаҥатылла туруохтара. Сорох дьон сахалыы билигин өйдөөбөт, тылы сыыһа туттар, эргэрбит тыллары билбэт. Бу төрөөбүт тылбытын айгыратар турукка тириэрдиэн сөн. Ону үөрэтэргэ көмөлөөх, туһалаах буоллун диэн уруоктары оҥоробун. Онтон “Саха суола” диэн ютуб-ханаалы сахалар омук быһыытынан уратыбытын (култуура, үгэс, сиэр-туом, итэҕэл, тыл-өс, төрүт дьарык уо.д.а.) көрдөрөөрү, кэпсээри арыйбытым.
-Өскөтүн дьон матырыйаал ыыттаҕына таһаараҕыт дуо?
-Киирбит үлэлэри көрөн, сааһылаан, тылын-өһүн көннөрөн таһаарабыт. Ол эрээри барытын буолбатах. Уустук, мөккүөрдээх тиэмэҕэ суруллубут буолуо суохтаах. Матырыйаал үөрэх бырагырааматыгар, улахан чинчийиилэргэ олоҕурбут буолуохтаах. Холобур, итэҕэлбитигэр олус элбэх хайдыһыылар бааллар. Ону биһиги быһаарар сыалбыт-сорукпут суох. Дириҥэтэн үөрэтии туспа хайысхалаах. Барыта төрөппүт оҕотун кытта дьарыктанарыгар, оҕолорго, ыччакка анаан буолар.
-Маны барытын бэйэҥ иилиигин-саҕалыыгын дуо?
-Салайар киһи мин буолабын эрээри, соҕотох буолбатахпын. Саха тылын учууталлара, чинчийээччилэр, суруналыыстар көмө буолаллар. Ити иһин үөрүүм уонна махталым муҥура суох.
-Олус үчүгэй дии. Учууталлар кыайа-хото уруоктарыгар туһаммыттара, туһаныахтара да буолуо дии саныыбын.
-Номнуо элбэх учуутал уруокпутугар туттабыт диэн суруйар. Оҕо ылынарыгар, өйдүүрүгэр олус судургу уонна туһалаах диэн бэлиэтииллэр. Дьон-сэргэ бу бырайыактар наадаларын өйдүүрэ, өйүүрэ миигин кынаттыыр. Оҕолорбут, ыччаппыт сахалыы саҥардын, чэчирии сайда турдун.
-Хас да кинигэ таһаартардыҥ. Туох туһунан кинигэлэрий?
-Оҕолорго аналлаах “Мас тоҕо үүнэрий?” уонна улахан дьоҥҥо аналлаах “Олох ыллыктара” диэн кинигэлэри таһаартардым. Бу эмиэ Ил Дархан Гранын кыайыым үөрүүлээх түмүктэрэ буолаллар. Мин үс оҕолоох ийэбин. Оскуола үөрэнээччилэрэ. Сахалыы ыраастык саҥараллар. Оҕолорго аналлаах кинигэм мин кинилэри кытта алтыһыыбыттан үөскээн тахсыбыта. Барыта оҕо хараҕынан, толкуйунан кэпсэнэр, тулалыыр эйгэни, саха төрүт билиитин, сиэрин-туомун үөрэтэргэ, билиитин-көрүүтүн хаҥатарыгар ананар. Онтон “Олох ыллыктара” диэн кинигэбэр олоххо буолар араас кыһалҕалары, ыарахаттары киһи, дьиэ кэргэн күүстээх санаатынан хайдах туоруурун, сырдык олоххо тардыһыытын туһунан кэпсэнэр. “Үгүлээт фольклора” диэн кинигэбэр төрөөбүт дойдум кырдьаҕастарыттан хомуйбут үлэлэрим киирдилэр. Хомойуох иһин, үгүстэрэ билигин суохтар. Кэмигэр хомуйан, сурукка тиспиппиттэн олус үөрэбин. Эргэрбит уонна түөлбэ тыллары быһааран, ырытан, кинигэ кэннигэр тылдьыт оҥордум. Ону тэҥэ сахалыы суруйарга, саҥарарга үөрэтэр көмө кинигэ тахсара былааннанар. Өссө саха тылын лиэксикэтин, фонетикатын, морфологиятын уонна этимологиятын үөрэппит монографиям тахсыаҕа. Бу – өр сыллаах үлэ түмүгэ.
-Ангелина Афанасьевна, ийэ быһыытынан оҕону сахалыы иитиигэ-такайыыга тугу сүбэлиэҥ этэй?
-Төрөппүт оҕотун кытта куруук кэпсэтэ уонна аахпытын кэпсэттэрэ сылдьыахтаах. Ханнык да тиэмэ буоллун, сахалыы быһаарабын. Холобур, тулалыыр эйгэҕэ сыһыаран оту-маһы, сибэккини, кыылы-сүөлү, үөнү-көйүүрү барытын сахалыы туох диэн ааттаахтарын кэпсиибин. Оччоҕо ол барыта оҕо төбөтүгэр хатанан хаалар, билиитэ-көрүүтэ хаҥыыр. Бэйэм чинчийэрбин сөбүлүүр буоламмын буолуо, оҕолорум үһүөн чинчийэр үлэнэн дьарыктаналлар, араас научнай кэмпириэнсийэлэргэ ситиһиилээхтик кытталлар. Ити барыта эмискэ бэриллибит кыра ыйытыктан үөскээн тахсыан сөп.
-Холобур?
-Холобур, аҕабыт биирдэ алаастан былыргы туой иһит үлтүркэйин булбута. Онтубут өссө оһуордаах этэ. Бу хаһыс үйэтээҕи буолуой, оһуордара туох суолталааҕый диэн үөрэтэн барбыппыт. Ити улахан уолбут Витя бастакы чинчийэр үлэтэ этэ. Ону тэҥэ сэтинньи ыйга дьиктитик дьиэбит ортотугар баар буолан хаалбыт этиҥ тииһин (баттаҕырыыска) туһунан эмиэ үөрэппиппит. Биир үлэбит тэлгэһэҕэ сытар хатырыктары туһаҕа таһаарыы буолар. Ол курдук өссө химия табылыыссатын оскуолаҕа кылааһын оҕолоро өссө үөрэтэн саҕалыахтарын быдан иннинэ Менделеев табылыыссатын бүтүннүү үөрэтэн, ХИФУ химия лабаратыарыйатыгар илдьэн үөрэтэн, састаабын чинчийбитэ. Түмүгэр катехин диэн туһалаах эттиги оҥорон таһаарбыттара. Оттон кыыһым Света тэлгэһэбитигэр үүнэр эмтээх үүнээйилэри үөрэтэн чинчийбитэ. Онон сиэттэрэн, тылдьыт оҥорбута, туһалаах састааптарын үөрэппитэ, математикаҕа садаачалары оҥорбута. Өссө ол сибэккилэрин араас матырыйаалтан тигэн энциклопедия оҥорбута. Кыра уолум Володя барыны бары билэ-көрө сатыыр. Биирдэ: “Ийээ, былыр дьон кыраасканы хайдах оҥорор этилэрий?”, – диэн ыйытта. Кинигэ бөҕө хаһыстыбыт, аахтыбыт. Бу тиэмэҕэ улахан суруйуу да суох, умнуллан хаалбыт эбит. Ол да буоллар оттон-мастан оҥоһуллар эбит диэн билбиппит, быһаарбыппыт. Билигин улаатан, Саха сиригэр туһалаах тиэхиньикэлэри оҥорон таһаарыыны интэриэһиргиир. Ол курдук от охсор тиэхиньикэни, Арктикаҕа үлэлиир оруобаты оҥорбута.
Барыта оҕолорбут туһугар. Биһиги норуоппут инники дьылҕата оҕолорбутуттан тутулуктаах буоллаҕа. Кинилэр сахалыы эйгэҕэ улааттахтарына, сахалыы саҥарар, толкуйдуур буоллахтарына, тылбыт үйэлээх буолуо. Күндү төрөппүттэр, оҕолор, төрөөбүт дойдубут устуоруйатын, култууратын, сиэрин-туомун, үгэһин үөрэтиҥ, сахалыы саҥарыҥ диэн ыҥырыам этэ!
Кэпсэттэ Вера Петрова.
1
Бэртээхэй кэпсэтии буолбут!