Саха тылыгар норуоппут олоҕо, кута – сүрэ, майгыта – сигилитэ, өйө – санаата, иэйиитэ, култуурата барыта баар. Тыл диэн эрэл, сиэр – майгы, олох, норуот быһыытынан сайдыы.
Олунньу тыл ыйа буоларын чэрчитинэн, оҕо – аймахха анаан төрөөбүт тыл күннэрэ ыытыллаллар.
Оскуолабытыгар үгэс буолбут биир сүдү тэрээһинэ төрөөбүт тылга, үгэскэ ананар. Оҕолор, учууталлар сахалыы таҥнан — симэнэн сандааран кэлэн бу күнү өрө көтөҕүллэн көрүстүбут. Сарсыардаттан кэлбит дьон арчыланан, алгыстанан үлэлэрин, үөрэхтэрин саҕалаатылар.
Нэһилиэкпит аҕам саастаах общественнига, норуот үгэһин тарҕатааччы З.И.Игнатьев уруоктарга «Саха үөрэҕэ” дьарыгы ыытта. Оҕолорго алгыс туомун көрдөрөн алҕаата, сахалыы тыл – өс суолтатын, ийэ тылбыт кэскилин туһунан санааларын үллэһиннэ. Оҕо кыра сааһыттан сахалыы саҥара үөрэнэригэр, санаатын сааһылаан сайа этэригэр аналлаах алын кылаас үөрэнээччилэригэр “Санаабын сатаан этэбин..“ тыл этии күрэҕэ ыытылынна.
Төрөөбүт тыл дьоро тэрээһинэ — ийэ тылбыт кэскилин туһугар үлэтин, олоҕун биэрбит, лингвист, учуонай, суруйааччы Г.В.Баишев – Алтан Сарын 125 сыллаах үбүлүөйугэр ананна.
Оҕолор суруйааччы олоҕун, айар үлэтин туһунан үгүһү бэлэмнээн кэпсээтилэр. Алтан Сарын киллэрбит тыллара саха тылын байыппыт историятын, саха тылын сайдыытыгар сүҥкэн улэни тэрийбитин сырдаттылар. Г.В.Баишев – Алтан Сарын поэт, прозаик. Этиҥнээх ардах кэпсээнинэн уус – уран дьүһүйүү бэлэмнээн көрдөрдүлэр. Улахан кылаас үөрэнээччилэрэ суруйааччы “Тайаарар”, “Кыһыл өрт”, “Хамначчыттар тойуктара” хоһооннорун аахтылар.
Сыллата өбүгэ үгэһин тилиннэриигэ аналлаах түһүлгэ тэриллэр. Ол курдук, “Хабылык” сахалыы остуол оонньуутун оскуолабыт иитэр – үөрэтэр үлэҕэ завуһа Петров О.С. иилээн – саҕалаан ыытта. Күрэх түмүгүнэн бастыҥ оонньооччуларынан Тастыгин Яша 5б, Баишев Степа 6б, Платонова Маайа 7а, Романова Валерия 8а кылаас үөрэнээччилэрэ буоллулар.
Оскуолабыт физкультура5а учууталлара “Ойбонтон уулааһын” күрэҕи тэрийдилэр. Бастыҥнарынан Брызгалов Стас 9а, Попова Айталыына 9б кылаас үөрэнээччилэрэ бэлиэтэннилэр. Оһуокай түһүлгэтэ биир сэргэх тэрээһининэн бэлиэтэннэ.
Кылаастар икки ардыларыгар “Күн оҕото” түөлбэ оһуокайын күрэҕэ биллэриллэн бэрт тэрээһиннээхтик ааста. Күрэҕи фольклор куруһуогун салайааччыта, Игнатьев И.Н., ыытта. Хас биирдии кылаас түөлбэлээн олорор улуустар оһуокайдарын бэлэмнээн дьүүллүүр сүбэҕэ билиһиннэрдилэр. Оҕолор түөлбэ оһуокайдара майгынаспат уратылаахтарын өйдөөтүлэр. Оһуокайы таһаарарга, уҥкүү хамсаныыларыгар үөрэннилэр.
Түмуккэ, бастакы бөлөххө: 1 миэстэ – 7а, 2 миэстэ – 5б, 3 миэстэ – 7б — кылаастар буоллулар. Иккис бөлөххө: 1 миэстэ – 9б, 2 миэстэ – 11а, 3 миэстэ – 10б – кылаастар буоллулар. “Бастын этээччинэн” 9б кылаас үөрэнээччитэ Попова Айталыына ааттанна. Оһуокайбыт түһүлгэтэ учууталлар Мэҥэлии оһуокайдарынан түмүктэннэ.
Төрөөбут тыл күнүгэр бары кылаастар көхтөөхтүк кытыннылар диэн үөрэн туран бэлиэтиибит.
медиа-студия ОхлопковNews