Биһиги төрөөбүт нэһилиэкпит 1-кы Наахара нэһилиэгэ буолар. Нэһилиэкпит улуус кииниттэн, Аллараа Бэстээхтэн 100 км ордук тэйиччи сытар. Мэҥэ Хаҥалас соҕуруу өттүгэр Хомпу уонна Тамма үрэхтэр икки ардыларынан 669 кв.м. иэннээх сири тайаан сытар.
Нэһилиэкпит киинэ Тиэлиги бөһүөлэгэр кэлиҥҥи 5 сылга социальнай эбийиэктэр үлэҕэ киирэн нэһилиэк олоҕун сайдыыга сирдииллэр.
Ол курдук, 2019 сыллаахха бөһүөлэк социальнай эбийиэктэрин, чааһынай ыаллар дьиэлэрин сылааһынан хааччыйар киин хочуолунай тутуллан үлэҕэ киирбитэ.
2020 сыл ахсынньы ыйыгар биир дойдулаахпыт С.И.Борисова аатын сүгэр Норуот айымньытын дьиэтэ үлэҕэ киирбитэ.
2021 сыллаахха олохтоох биэлсэр пуун саҥа эбийиэгэ арыллан үлэҕэ киирбитэ.
Төрөөбүт нэһилиэкпит 1-кы Наахара, өссө да үүнэ-сайда тур!
Артур Петров, VIII кылаас,
Айаана Гаврильева IX кылаас,
А.А. Пахомов аатынан Тиэлиги орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ.