Кэтэһиилээх, күүтүүлээх, дьиктини кэтэһэр, инникини түстүүр Саҥа дьыл кэлэрэ отой ахсааннаах күн хаалла. Ордук оҕо-аймах үөрэр-көтөр бырааһынньыга. Оҕолор билигин оскуоланы, кылаастарын киэргэтэн, ону таһынан көрдөөх-бэһиэлэй көрдөрүүлэри бэлэмнээн түбүгүрүү үөһүгэр сылдьаллар.
Оскуола, ыал дьиэлэрин таһа, кылаастар түннүктэрэ араас өҥнөөх лаампаларынан киэргэтиллэн, дэриэбинэ иһэ киэркэйдэ, бырааһынньык иһэрин биллэрдэ. Чахчы да, саҥа үүммүт сыл кэрэни, үчүгэйи түстүөҕэ биллэн иһэр.
«Күбэйэ» эбээлэр түмсүүлэрэ балаҕан иһин киэргэтэн, кылабачыгас уоттары иилэн, ону таһынан бэйэлэрэ оҥорбут харыйа симэҕин оҥорон киэргэппиттэрэ оҕолорго да, ыалдьыттарга да сонун буолла. Ордук элбэх харыйа оонньуурун Надежда Васильевна Котоконова, Наталия Александровна Кривошапкина оҥордулар. Биир дойдулаахпыт Илья Викторович Котоконов эбээлэр балаҕаҥҥыт таһын дьэрэкээн өҥүнэн киэргэтиҥ диэн ыыппыт лаампаларын ыйаатахпытына, өссө тупсалларын туһунан үөрэ-көтө үллэһиннилэр.
Өйдөөн көрүҥ эрэ, Харыйа ортотугар 2023 сыл бэлиэтэ Куобах үөрбүт киэҥ хараҕын, «илиитигэр» таптыыр аһын моркуобу тутан турарын. Кини тула куобахтар тумсүбүттэрин (оҥордулар 8-9 кылаас кыргыттара). Бары ити куобах курдук олоҕу киэҥник, аһаҕастык көрөн, олоххо бэриллэр кэрэни кэрэхсиэҕиҥ, эйэлээх олоххо эрэниэҕиҥ, астаах-үөллээх тотоойутук олоруоҕуҥ уонна харыйа тула түмсүбүт куобахтар курдук түмсүүлээх буолуоҕуҥ!
Ванесса Васильева «Тымтык» эдкорпост, Ороһу.