(Бүтүүтэ иннин 17 №-гэ көр).
Онуоха ойуур иччитэ түүлээх үөҥҥэ сиһилии быһаарарга сананар. Олоҕун тосту уларытар санаата булгуруйбатаҕына, онно барытыгар бэлэм буолуохха наадатын этэр. Төттөрү төннүү сатамматын быһаарар. Маннык уларыйыы-тэлэрийии түүлээх үөннэргэ эрэ биологическай ураты баарын ордук тоһоҕолоон бэлиэтиир.
Көтөр үөн буолуон иннинэ түүлээх үөн кыараҕас сууга сууланан, ыас хараҥаҕа, уу чуумпуга өр кэмҥэ сытыахтаах эбит. Ол эрэ кэнниттэн суу иһиттэн дьикти өҥнөөх кынаттарынан көтөр кыахтанарын лаппыйан этэр. Ону барытын түүлээх үөн, тохтоло суох ыстыырын быыһыгар, саҥата суох болҕойон истэр.
– Бэйи эрэ, мин өйдөөбүппүнэн, биһиги ханнык эрэ хараҥа сууга хас эмэ ыйга хаайыллыахтаахпыт эбит дуо? – түүлээх үөн сөбүлээбэтэҕин биллэрэн, кытаанах куолаһынан ыйытар. – Ол тоҕо баҕа өттүбүтүнэн биһиги билбэтэх, истибэтэх биологическай уларыйыыга, хаппахчыга киирэн биэрэбит? Ньаам-ньаам… Оттон эн, ойуур иччитэ, тоҕо бэйэҥ ону барытын оҥорбоккун?
– Эһиги тус бэйэҕитигэр ол уларыйыыларга сөп түбэһэр, тоҕоос буолар күүс баар эбээт. Оннооҕор билигин даҕаны, ити сэбирдэххин тэлгэнэн сытар кэмҥэр, эн этиҥ-сииниҥ онно хайыы-үйэ бэлэм.
– Һы, дьэ, эттиҥ дии! Мин акаары үһүбүн дуо? Ньаам-ньаам… Онно хас эмэ күн сыттахпына хоргуйан өлбөт үһүбүн дуо? Түүлээх үөн барыта билэр дии – биһиги тохтоло суох аһаатахпытына эрэ тыыннаах буоларбытын. Эн дьиктини кэпсиириҥ киһини хайдах эрэ дьиксиннэриэх курдук.
Түүлээх үөммүт ойуур иччитигэр көхсүнэн буолан, атын сэбирдэҕи кэбийэ охсоору: “Чэ, бар, бүттүбүт”, – диэн иэдэс биэрдэ. Ойуур иччитэ саҥата-иҥэтэ, тыаһа суох оргууй симэлийэн хаалла.
Түүлээх үөн уоһун иһигэр: “Өссө салгыҥҥа көтөр түүлээх үөннэрдээх ээ, ньаам-ньаам… Эҥин араас буо- ланнар…” – диэн мөҕүттэ хаалла.
Сарсыныгар ойуурга баар түүлээх үөннэр бүтүннүү сонун истээри тоҕуоруспуттар. Онуоха түүлээх үөммүт дьоһумсуйа соҕус туттан туран, саҥарарын саҕалыыр:
– Ойуурбут иччитин көрсөн кэпсэттим. Куһаҕан баҕайы санаалаах иччи эбит. Кини биһигини албыннаан, ханнык эрэ хараҥа сууга угаары, хаайаары гынар. Ньаам-ньаам… Кини этэринэн, биһиги бары көтө сылдьар ханнык эрэ үөн буоларга бэйэбит баҕа өттүбүтүнэн сөбүлэһиэхтээх үһүбүт! Ону таһынан, дьүһүммүтүн-бодобутун, быһыыбытын-таһаабытын кубулутар туһуттан хас эмэ ый отой аһаабат үһүбүт! Оччотугар бары хоргуйан өлөр буоллахпыт дии!
Инньэ диэтин кытары, бары күлсэн тоҕо бараллар.
– Биир да үтүө санаалаах иччи, биһигини хоргутар туһуттан, хараҥаҕа хаайыа суох этэ. Ньаам-ньаам… Ойуур иччитэ биһигини туохха эрэ үктэтээри гынар быһыылаах.
Онтон лаппа киэбирэ соҕус эбэр:
– Мин ойуур иччитин кытта кэпсэтээт, кини туох эрэ кэтэх санаалааҕын тута сэрэйдим! Биһиги кини былааныгар киириэхпит эрэ суоҕа!
Мустубут үөннэр бүтүннүү биһиги үөммүт буолуохсуту, аҕа ууһу өлүүттэн быыһаабытын иһин, сири билбэт буолуор диэри хайҕаан, өрө арбаан туран, үөрүүлэриттэн бэйэлэрин сымнаҕас түүлээх көхсүлэрин үрдүнэн эргиттилэр, кулахачыттылар.
үүлээх үөннэри бэйэлэрин үөрүүлэрин кытта хааллартаан, мастар быыстарынан өрө уһулу кыырайан тахсыахха, күн сардаҥатын сабардаан турар үрдүк мастар үрдүлэриттэн тулабытын эргиччи көрүнүөххэ эрэ. Көтө сылдьар түүлээх үөннэр – үрүмэччилэр, лыахтар – дойдуларыгар тиийиэххэ.
Оо, хайдахтаах курдук кэрэлэрий! Күн күлүмнэс уотугар, туох да кыһалҕата суох, төттөрү-таары тэлээрэ көтөллөр. Хас биирдиилэрин кыната хатыламмат дьикти өҥнөөхтөр. Үрүмэччилэр ойуур иччитигэр үөрэ-көтө махтаналлар, кинилэр аһылыктарын, дьикти уларыйыыларын ойуур иччитэ оҥорбутун чопчу билэллэр.
Оттон уларыйыан баҕарбатах түүлээх үөннэри чыычаахтар күҥҥэ тэҥнээх быыкаайык оҕолоругар аһылык гынан аҕалаллар. Таарыйа бэйэлэригэр сэниэ киллэринэллэр.
Күндү ааҕааччым, эн тус олоххун үчүгэй өттүгэр уларытыаххын, ис эйгэҕин киһилии киһи сиэринэн иитиэхтииргин, үөрэххэр кыһаллыаххын, тугу барытын кэбэҕэстик сатыырга дьулуһуоххун баҕарабын.
Санаан көрүҥ, ытыс үрдүгэр түүлээх үөнү уурдахха, кыргыттар тоҕо эмискэ часкыйа түһэллэрий? Оттон үрүмэччиттэн куттанар оҕо суох эбээт. Тоҕо эбитэ буолла?
КЫТАЛЫЫНА.