Былыр биир уол ийэлээх аҕата эмискэ тэҥҥэ өлөннөр, төгүрүк тулаайах хаалбыт. Кинини Молоо дииллэрэ. Чугас ыаллар бары быстар дьадаҥы буоланнар, ким да Молоону иитэ-аһата ылыан баҕарбат эбит.
Ол иһин уол ыал ахсын киирэн:
– Миигин аһыныҥ-харыһыйыҥ, саатар, айахпар аста кулуҥ, — диэн көрдөһөр. Онуоха ыаллар:
– Бэйэбит аһыыр аспыт баранан, Олоо баай хараҥа хабалатыгар киирэн олоробут, — дииллэр.
Уол эрэйдээх, кэлэр- барар сирэ баранан, муҥур уһугар Олоо баай уоругун өҥөйөр.
– Тойонуом, көрдөһөбүн-ааттаһабын, бу ийэлээх-аҕам өлөннөр, турар бэйэм эрэ хааллым. Саатар, айаҕым иннигэр үлэлэтэн абыраа, — диир Молоо.
Онуоха баай:
– Ол хас кэрэдэги иитэ-аһата олорор оннук баай буолбатахпын. Хоргуйан өлүөххүн баҕарбат буоллаххына, хара тыаҕа тахсан бултаан аһаа, — диэн холдьоҕон ыытар.
Молоо эрэйдээх ытыы-ытыы, ханна да барар сирэ суох буолан, аҕатын эргэ ох саатын ылан, тугу эмэ бултаан аһаары, хара тыаҕа тахсар. Ол тахсан хаама сатыыр да, биир да көтөр кынаттаах, сүүрэр атахтаах киниэхэ түбэспэт. Хата, дэлби сылайан, аччыктаан уонна утатан даҕаны биир улахан күөл кытыытыгар киирэн, сылбай ууну иһэн, кураанах куртаҕын толорбута буолбут.
Ол олордоҕуна, эмискэ халлаан оройуттан кылбаа маҥан куба күөл ортотугар кэлэн түһэр. Кини кэнниттэн тута баттаһа, хап-хара дьүһүннээх хомпоруун хотой обургу, куба барахсаны дэгиэ тыҥыраҕынан харбаан ылаары, үөһэттэн тыас-уус бөҕө буолан, сурулаан түһэр. Онуоха куба эрэйдээх көмүскэтээри, төбөтүн ньыкыппытынан, хаһыытыы-хаһыытыы, Молоо диэки устар. Молоо ону көрөн, ох саатын ылан, үөһэттэн түһэн иһэр хотойу моонньун булгу ыппыта, часкыйбытынан ууга түһэр.
Өлөр өлүүттэн быыһаммыт мааны көтөр уолга устан кэлэн:
– Үтүө уолан, эн үрүҥ тыыммын өрүһүйбүт үтүөҕэр манньаҕын тугу ылаҕын? — диэн киһилии ыйытар.
Уол, хаһан даҕаны куба саҥарарын кимтэн да истибэтэх-көрбөтөх буолан, соһуйан, манньа көрдүөхтээҕэр буолуох, саҥарбакка бэрт уһуннук дөйөн турда.
Онтон өйдөнөн:
– Ар-дьаалы, улуу көтөр! Айыы буоллаххына, бэттэх буол! Абааһы буоллаххына, антах бар, — диир.
Онуоха кубата, көрөн турдаҕына, кэрэттэн кэрэ сэбэрэлээх кыыс оҕо буолан хаалла. Маныаха Молоо өссө ордук иэдэйэр: турбут сиригэр хам хараҕаланан, тылыттан матан, көрбөтөҕүн көрөн, даллайан турар.
– Куттаныма. Мин үөһэ сэттис халлаан үрдүгэр олорор Сүҥ Дьааһын кыыһабын. Сиргэ суунаары куба буолан түспүппүн, хотой кыыл тутан сии сыста. Хата, эн түбэһэ көрөн, миигин быыһаатыҥ, — кыыс уолга махтаммыттыы көрөн ылар.
— Манньаҕын тугу көрдүүгүн, барытын биэрэбин.
Уол куттаммыта, дьиибэргээбитэ ааһан:
– Мин тулаайахпын. Миигин ким баҕарар үүрэр-үтүрүйэр, атаҕастыыр. Оннук киһи эйигиттэн баай-дуол көрдүөхпүн:
«Кими эрэ өлөрөн, уоран-талаан ылбытыҥ буолуо», — диэн ылбыт баайбын былдьаан ылыахтара, бэйэбин түрмэҕэ түҥкэлитиэхтэрэ. Аһыыр аһы көрдөөтөхпүнэ, ас баранымтыа. Таҥнар таҥаһы ылыахпын, таҥас алдьанымтыа. Арай бэйэҥ сүрэҕиҥ сөбүлүүрүн, санааҥ кыайарын тугу биэрэҕин, ону ылыам этэ, — диир киһи буолла.
– Сөп, өйдөөтүм. Сарсын баччаҕа манна баар буолаар, кэлиэҕим, — диэн эттэ уонна төттөрү куба буолан, үөһэ көтөн таҕыста…
Уол хараҕыттан сүтэриэр диэри кубаны көрөн турда.
Молоо эрэйдээх ханна барыай, күөл кытыытыгар хонон, кубаны кэтэстэ.
Сарсыҥҥы күнүгэр куба үөһэнэн көтөн, налыйан кэлэн, күөлгэ түһүнэн кэбистэ. Тумсугар күлүмүрдээн көстөр сыты кылыһы ытыран кэлбит. Куба устан кэлэн, кылыһы уолга биэрэр:
– Бу боростуой кылыс буолбатах, аптаах кылыс. Маны илдьэ сылдьар киһи туохтан да куттаммат: тугу баҕарар өлөрөр, алдьатар, уоттуур кыахтанар. Кинини туһаайан баран этиэҥ эрэ кэрэх, барытын оҥоруоҕа. Мантан инньэ сиргэ эйигиттэн ордук күүстээх ким да суох буолла. Ким да эйигин аны атаҕастыа-баттыа суоҕа, ону өйдөө, — диир кыыс уонна куба буолан, көтөн хаалар.
Молоо куба аҕалбыт кылыһын үүнэн турар окко туһаайан баран: «Умат!»— диэн этэрин кытта, чаҕылҕан чаҕылыйар, этиҥ этэр. Үүнэн турар от умайан күлүбүрээн тахсар. Онтон тэйиэс маһы кылыһынан туһаайан баран: «Алдьат!» — диэбитигэр чаҕылҕан чаҕылыйар, этиҥ этэр, үүнэн турар мас үлтү кумаланар.
Сүҥ Дьааһын ампаардаах баайын-дуолун көрө сылдьан, уурбут сытыы кылыһа миэстэтигэр суоҕун көрөр. Онно- манна өҥөҥнүүр да, суоҕун курдук суох буолар. Кыргыттарын ыҥыран ылан:
– Ким билэрий, мин сытыы кылыспын? Уурбут сирбэр суох буолбут, — диэн ыйытар. Онуоха кыра кыыһа:
– Аҕаа, мин сир уолугар биэрбитим, — диир.
– Тыый! Тоойуом, киниэхэ тоҕо биэрбиккиний? — ыйытар аҕата.
– Мин сиргэ куба буолан көтөн тиийбиппэр хотой тутаары гыммыта. Ол уол хотойу өлөрөн, миигин өлөр өлүүттэн быыһаабыта. Кини тулаайах буолан, ким баҕарар атаҕастыыр-баттыыр эбит. Ол иһин кинини аһынан даҕаны уонна миигин өлөр өлүүттэн өрүһүйбүт манньатыгар сытыы кылыһы илдьэн биэрбитим. Билигин кинини ким да атаҕастыа-баттыа, ыт курдук үүрүө-түрүйүө суоҕа, — диэн быһаарар кыыс. Онуоха аҕата:
– Тоойуом, улаханнык алҕаһаабыккын. Сир дьонугар ким күүстээх, ким баайдаах – ол тойон. Ол уолуҥ кыахтааҕын билиннэҕинэ, билиҥҥи атаҕастаммытын умнуоҕа, өссө сүрдээх атаҕастабыллаах-батталлаах, кыраларыгар кырыктаах тойон буолуоҕа. Ити өссө кыра, Үөһээ Үрдүк Айыылар этиилэринэн, ити сытыы кылыс сир киһитигэр тиксиэ суохтаах. Сир дьоно акаарыларын эбиитигэр куһаҕан санаалаахтар. Сытыы кылыс кинилэр илиилэригэр киирдэҕинэ, сир ото-маһа, көтөрө-сүүрэрэ, киһитэ-сүөһүтэ эстиэҕэ. Барытын сытыы кылыс көмөтүнэн күдэн-таһаан оҥоруохтара, сир сир аатыттан ааһыаҕа, суох буолуоҕа. Онон алдьархай буола илигинэ, ол сытыы кылыһы аҕала оҕус, — диир Сүҥ Дьааһын.
– Оччоҕо, үрүҥ тыыным өллөйүгэр тугу биэрэбин? — кыра кыыс аҕатыттан ыйытар.
– Тугу баҕарар. Холобура, аһы-таҥаһы.
– Ас баранымтыа, танас алдьанымтыа диэн ылбат.
– Чэ, оччоҕуна, көтөх муҥунан көмүстэ биэр. Сир дьоно көмүскэ ымсыы буолааччылар. Ылыаҕа, — сүбэлиир аҕата.
– Байбыт сурахпын иһиттэхтэринэ: «Кими эрэ өлөрөн, былдьаан-талаан булбута буолуо», — диэн хаайыахтара диэн куттанар.
– Чэ, оччоҕо бэйэҥ бил. Тугу биэрэҕин, толкуйдаа, — диир аҕата.
Молоо, билигин киниттэн күүстээх уонна кутталлаах ким да суоҕун курдук сананан, сытыы кылыһын сыттанан, утуйан хаалар. Төһө өр утуйбутун билбэт, биирдэ уһуктубута, күн үөһэ ойбут, кини аттыгар били кубата кэлэн уста сылдьар эбит. Уол уһуктубутун билэн, куба кытылга кэлэн, кыыс буолан хаалар.
Молооҕо сүгүрүс гынар уонна этэр:
– Үтүө эр бэрдэ, мин үүннээх-тэһииннээх үтүө тылбын икки кулгааххынан истэн сэргэҕэлээ. Мин бэҕэһээ сытыы кылыһы алҕас биэрбит эбиппин. Ону төннөрөргөр көрдөһөбүн. Хардатын тугу көрдүүгүн? Ыл.
– Биэрбэппин. Мин аан дойдуну атыйахтаах уу курдук аймыам этэ. Оччоҕо бу сир үрдүгэр соҕотох мин эрэ тойон буолуом, мин эрэ албан аатым атыыр оҕус курдук аартык аайы айаатыа. Аны хоргуйан өлөөрү гыммыт тулаайах Молоо суох!
Баар — аан дойду аҕа баһылыга Молоо обургу! Аны билигин бары мин хара бараа күлүкпэр үҥэн-сүктэн хаптайыахтара! — уол сытыы кылыһын таҥнары тайахтанар, аҥаар илиитинэн өттүк баттанар.
– Молоо, кэбис, аньыыны саҥарыма. Сытыы кылыс – аҕам киэнэ. Үөһээ Үрдүк Айыылар этиилэринэн, сытыы кылыс икки атахтаахха тиксиэ суохтаах. Өскөтүн киһи илиитигэр тиийдэҕинэ, сиргэ аана суох алдьархай, иэнэ суох иэдээн буолуо диэбиттэр. Көрбөккүн дуо, бэлиэр саҕалаабыккын: оту умаппыккын, маһы алдьаппыккын, — кыыс уолга ыйан көрдөрөр.
— Мин, эйигин аһыммычча, алҕас сытыы кылыһы биэрбиппин. Көрдөһөбүн, ааттаһабын, сытыы кылыһы төннөр, — дии-дии, кыыс ытаан хараҕын уута икки иэдэһинэн таҥнары саккырыыр.
Маны көрөн, Молоо кыыһы аһынар: «Кэбис, бу маннык бэйэлээх айыы оҕотун иэтэр-туотар иэдээнэ бэрт, кэлин сэттээх-сэлээннээх буолуоҕа. Ол кэриэтэ аптаах сытыы кылыһа да суох сылдьан эриим», — дии саныыр.
– Чэ, кэбис, мэ, ыл, аҕаҕар илдьэн биэр, — диэн сыты кылыһы кыыска биэрэр.
— Кэрэ кыысчаан, эн билигин букатын барарыҥ буолуо. Ааккын сүрэҕим түгэҕэр илдьэ сылдьыахпын, саатар аакын эт, ким диэҥҥиний?
– Күн Туналы диэн, — хардарар кыыс.
– Төрүөн баран истибэтэх кэрэ аат эбит. Кырдьык, бэйэҥ даҕаны күн сыдьаайын курдук сыдьаайдаах эбиккин. Хайа дьоллоох уол эйигин кэргэн ылыа буолла? Чэ, быдан дьылга быраһаай, аны көрсөрбүт биллибэт: халлаан көҥүл оҕото, халлааҥҥа көттөҕүҥ, эрэйдээх-муҥнаах сир оҕото сирбэр хааллаҕым. Аҕаҥ кырдьаҕас кэтэстэҕэ буолуо, бара оҕус, —диир уол уонна түҥнэри хайыһар, хараҕын уута икки иэдэһинэн таммалыыр.
– Үтүө санаалаах Молоо, эр бэрдэ, салгыы иһит мин тылбын. Эн маҥнай мин үрүҥ тыыммын өрүһүйбүтүҥ. Иккиһинэн, үүннээх-тэһииннээх көрдөһүүбүн эмиэ ылынныҥ. Онон, мин аҕам этэрин курдук, сир дьоно, оннук акаары, ымсыы уонна куһаҕан санаалаах буолбатах эбиккит. Онон эйигин соҕотохтуу хаалларыахпын тоҕо эрэ санаам кэлбэт буолла. Өскөтүн киэр диэбэт буоллаххына, хотун ойох буолуом этэ, — диир Күн Туналы. Онуоха үөрбүт Молоо:
– Күн Туналы доҕоруом, туох диэн эттэҥий? Ама мин ааргым иннигэр эйигин «эс» диэм дуу, «суох» диэммин холдьоҕон ыытыам дуу? Мин эйигин баайбынан манчыыктыахпын биир ыанар ынаҕым, биир таҥнар таҥаһым, биир аһыыр аһым суох, баар бэйэм бу тураахтыыбын. Ол миигин кытта холбоһон дьоллонуоҥ дуо? Ону бэйэҥ бил, – диэн кыыска этэр.
– Үлэлиэхпит буоллаҕа. Үлэлээтэхпитинэ баай да баар буолуо, дьол да баар буолуо, — диир Күн Туналы уонна Молоону кууһан, сыллаан ылар.
– Хайа, доҕоор, аҕаҕар сытыы кылыскын хаһан илдьэн биэрэҕин? — Молоо ыйытар.
– Аптаах кылыс иччитигэр бэйэтэ барыаҕа, – диир да, Күн Туналы сытыы кылыһы үөһэ бырахпыта, көтөн хаалар…
– Күн Туналы доҕоруом, аҕаҥ кырдьаҕас кыыһыра сылдьаарай, бараҥҥын санаабыт санааҕын, эппит тылгын иһитиннэрбэккин ээ, — диир Молоо.
– Кэбис, бардахпына, миигин төттөрү ыытыа суоҕа уонна: «Дууһабын быыһаабытын манньатыгар тугу биэрэбин», — диэн ыйыппыппар: «Бэйэҥ бил», — диэбитэ. Онон бэйэм биллэҕим дии, — диэт, үөрбүт-көппүт хараҕынан Молоо диэки көрөн мичилийэр.
Ити кэнниттэн Молоо уол Күн Туналыны кытта ыал буолан, байан-тайан, элбэх оҕону төрөтөн олорбуттара үһү. Онтон Күн Туналы аҕата Сүҥ Дьааһын сэттис халлааҥҥа олорон, кыыһыгар уонна сир дьонугар билиҥҥэ диэри кыыһыран аптаах сытыы кылыһынан сири быһыта курбуулаатаҕына, чаҕылҕан чаҕылыйар, этиҥ этэр буолта үһү.
Ааптар: Мария Прокопьевна Федотова