Ульяна Николаевна Захарова — Таатта улууһун Туора Күөлүттэн төрүттээх. Айымньылара “Кэскил” хаһыакка, “Чуораанчык”, “Чолбон” сурунаалларга бэчээттэммиттэрэ. Аммаана кыыс туһунан остуоруйата аан бастаан “Кэскил” хаһыакка 1997 сыллаахха бэчээттэммитэ. Кинигэлэрэ: “Оһуор туос” (2007), “Оҕо саас тиэргэнигэр” (2010), “Эн суоххуна” (2012), “Атын таптал” (2015). Россия суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, “Саха сирэ” хаһыат кэрэспэдьиэнэ.
АЙТА
(кэпсээн)
Айта онуска үөрэнэр. Быйыл дьоно улуус киинигэр гимназияҕа үөрэттэрэ ыыттылар. Онон Айта интэринээккэ олорон үөрэнэр. Субуота, өрөбүл күн дойдутугар тахсан сынньанар.
Саҥа оскуолаҕа үөрэнэ кэлиэҕиттэн, бэйэтин наһаа куһаҕаннык сананар буолла. Бииргэ үөрэнэр оҕолорун курдук тиһиликтээх муодунай бачыыҥката, курутуой суотабай төлөпүөнэ суох. Онон ханнык да социальнай ситимҥэ сатаан киирбэт. Ийэтин уонна аҕатын кытта кэпсэтэригэр оҕолор этэллэринии, «деревяшка» төлөпүөннээх.
Айта кыра соҕус уҥуохтаах, кыаһаан сирэйдээх. Хойуу, уһун кыламаннаах эрээри, кыараҕас харахтаах. Утары чугастан көрдөххө, олус ис киирбэх. Кылгас лэппээһин баттаҕын өрүү ньылбыччы тараанан кэбиһэр. Улахан саҥата-иҥэтэ суох буолан, манна үөрэнэ кэлэн баран, оҕолору кытта бодоруһара уустугурда. Антах дойдутугар да оннук этэ. Арай, эн-мин дэсиһэр чугас Аанчык диэн ыаллыы олорор дьүөгэлээҕэ. Билигин интэринээккэ биир хоско үһүө буолан олороллор. Кинини кытта олорор атын нэһилиэк кыргыттара сытыылара сүрдээх. Сиэлпилии-сиэлпилии, хаартыскаларын Инстаграмҥа таһаараллар. Харчылаахтар да быһыылаах, маанытык таҥналлар, маҕаһыыҥҥа хото сылдьаллар. Талбыт сакалааттарын, чипсыларын мотуйаллар. Айтаҕа ийэтэ нэдиэлэҕэ туттарыгар тыһыынчаны биэрэр. Остолобуойга босхо аһыыр. Онон харчытын биир үксүн дойдутугар тахсарыгар бырайыас оҥостор.
Биир үтүө күн кылаас оҕолоро бырааһынньыктыыбыт, дьахтар күнүн бэлиэтиибит дэстилэр. Туйаара диэн олохтоох кыыс төрөппүттэрэ куоракка барбыттарынан, барыларын дьиэтигэр ыҥырда. Элбэх саҥалаах чобуо кыыс Айтаҕа үчүгэйдик сыһыаннаһар. «Айта, кэлээр, эйигин ким эрэ ыйыппыта…», — диэн таайтарыылаахтык саҥаран, Айтаны ууга-уокка түһэрбитэ. Айта интэринээккэ бииргэ олорор кыргыттара ол бэчэрииҥкэҕэ бараары хомунуу, киэргэнии бөҕөлөр.
— Айта, барсыый, наһаа үчүгэй буолуо, биһиэхэ уолаттар шампанскай ылбыттар үһү, — диэн Катя быктаран кэбистэ.
— Ол биһиги бырааһынньыкпытын туораттан одуулуур харах наадата суох, барсыбат буоллаҕына барсыбатын, —диэтэ уһун уҥуохтаах Рая.
Айта ити саҥаттан иһигэр абара санаата. Сатахха, дьиэлээх кыыс Туйаара таайтарыылаахтык эппитин санаан, иһигэр ымсыыра санаата уонна барсарга быһаарынна.
Икки мэндиэмэннээх мас дьиэ кэҥэс саалатыгар кылаас оҕото бары мустубут. Олор быыстарыгар Сережа, 9 кылаас спортсмен уола эмиэ кэлбит. Бу уолу Айта бастааҥҥыттан сөбүлүү көрбүтэ. Сережа Айтаны аахайбат этэ. Кини Раяны сэҥээрэрэ. Айта онно кыһаммат этэ. Уруккуттан да дьон болҕомтотун тардыбат кыыс уол кинини сэҥээрбэтигэр наадыйбат курдук туттара, ол эрээри, уора-көстө наар Сережаны маныыра. Арай бу киэһэ Сережа Айта аттыгар олордо. Аһылык саҕаламмытыгар, уолаттар кыргыттарга сэмэй бэлэхтэри туттардылар. Сережа Айтаҕа кыһыл өҥнөөх блокнот уонна уруучука бэлэхтээтэ. Онуоха кыргыттар бэйэлэрин бэлэхтэрин арыйа-арыйа, «һуу-һаа» буола олорон, Айта туппут бэлэҕин көрөн, кистээн күлүстүлэр. Айтаҕа итинтэн атын наадата да суох курдук. Кини кырааскаламмат, наушникка, төлөпүөн ол-бу киэргэлигэр ымсыырбат.
Сережа кыыска үрүүмкэлээх сампааны уунна уонна хап-хара харахтарынан утары көрдө. Айта маннык долгуйбутун өйдөөбөт, улахан кыыс курдук көстөөрү, үрүүмкэлээх сампааны иһэн кэбистэ. Күлсүү-салсыы быыһыгар кимнээх эрэ үҥкүүлүүллэр, кимнээх эрэ караоке ыллыыллар. Айта мэйиитэ эргийдэ, хайдах эрэ чэпчээбиттии сананна. Хорсун санаата киирэн, Сережаны үҥкүүгэ ыҥырбытын билбэккэ хаалла. Бытаан муусука доҕуһуолугар уһуннук үҥкүүлээтилэр. Ити үҥкүү бүтүүтэ уурастылар. Арай чыпчылыҥныыр уоттартан, оҕолор күлсүүлэриттэн эргиллэн көрбүтэ, оҕолор бары суотабайдарын тутан, кинилэри хаартыскаҕа түһэрэн, күлүү-салыы, дьээбэлэнии бөҕөлөр. Айта иһигэр кыбыстыах буолан иһэн, туох тэһэ кэйбитэ буолла, соруйан аны үҥкүүлээн барда. Синньигэс биилин хамсатан, үөрэн мичилийэн үҥкүүлээбитигэр оҕолор бары да соһуйдулар. Ыкса киэһэ Сережа Айтаны интэринээккэ атаарбыта…
Сарсыарда Айта төбөтө ыалдьан сытта. Оскуолаҕа барбата. Бэҕэһээҥҥи күнүн санаан кыбыстар да курдук. Хата, Инстаграмҥа суоҕа да үчүгэй. Төһө эрэ тарҕатан, күлэн эрдэхтэрэ. «Акаары, таах сибиэ арыгы иһэммин, төрөппүттэрим барахсаттар көрбүттэрэ буоллар, төһө эрэ хомойуо этилэр», — диэн бэйэтин буруйдана сытта. Ол эрээри, Сережа кинини атаарбытын, бүтэһигэр тапталга билиммитин санаан, иһигэр үөрэ сытта. Ол сыттаҕына, көрүдүөргэ хатан саҥа иһилиннэ. Кини куолаһын кыыс эндэппэккэ биллэ. Ити Сережа саҥарар. Сережа уонна Рая.
— Сережа, бэҕэһээ бэркэ артыыстаатыҥ эрээри, аны Айтаны дьиҥнээхтии сөбүлээн кэбиһээйэҕин, — диэн, Рая лыҥкынас саҥатын истэн, Айта тымныы уунан саба ыстарбыттыы олоро түстэ. Онуоха Сережа тугу саҥарбытын кыыс истибэтэ. Ойон турда. Хантан ылбыт хорсуна эбитэ буолла, ааны тэлэйэн, көрүдүөргэ баар буола түстэ. Раялаах Сережа түннүк таһыгар өйөнөн тураллар эбит. Айта наһаа кэлэйэн, бэйэтиттэн бэйэтэ кыбыстан, тугу да саҥарбакка көрөн турда, онтон сонун харбаан таһырдьаны былдьаста. Кини туохтан куотарын бэйэтэ билбэккэ сүүрдэ.
— Акаары, Рая, наһаа да коварнайгын, — диэн, Сережа Раятын диэки кынчарыйан кэбистэ. Кини иһигэр бу кыра уҥуохтаах, көмүскэлэ суох кус оҕотун курдук көрбүт кыысчааны эмискэ аһына санаан, таһырдьа эккирэтэн тахсыбытын өйдөөбөккө хаалла.
— Сережаа, — диэн кэнниттэн Раята хаһыытыы хаалла.
Бэҕэһээ чахчы кини сүбэлэһии быһыытынан Айта өйүн сүүйүөхтээҕэ. Ол эрээри, Айта хомойбут харахтара, оттон бэҕэһээ кини эмиэ истиҥ тыллары истэн, мичилиспит харахтара тоҕо эрэ Сережа өйүттэн арахпата. «Сампаан кутан биэрэ-биэрэбин. Арай бэйэм балтыбын итинник гынныннар, акаары да эбиппин”, — диэн саныы-саныы, Айтаны көрдөөн уулусса устун хаамта. Оттон Айта барахсан суол айаҕар тахсан ааһар массыыналар быыстарынан кумуччу туттан, ытыы турара. Сережа иһигэр олус куттана санаат, уһун уулусса ортотугар турар кыысчааҥҥа сүүрдэ.
Сережа Айтаны санныттан кууһан, суол кытыытыгар илтэ.
— Айта, миигин бырастыы гын, — диэн олус аһаҕастык утары көрдө. Ити көрүү бэҕэһээҥҥитээҕэр атын. Хайдах эрэ, дьыбардаах салгыҥҥа ордук ыраастык дуораһыйан иһилиннэ. Кыыс муммут кус оҕотун курдук көрөн турда.
— Айта, мин эйигин атаҕастатыам суоҕа, барыма, ханна да куотума… , — диэтэ. Онуоха Айта саҥата суох сөбүлэспиттии, Сережа кэтит түөһүгэр сыһынна…
Киһи олоҕо, оҕо олоҕо… Эрдэҕэс сааска барыта уустук. Бастакы таптал, албын, итэҕэйии, доҕордоһуу….
Ульяна ЗАХАРОВА.