Тоһуттар тымныылаах, таайтарыылаах Таҥха киэһэлэрдээх тохсунньу ый биир күнүгэр, Эргэ Саҥа дьылга түбэһиннэрэн, 2022 сыл сайыныгар үүннэрбит сэлиэһинэйи «Түмэл» дириэктэрэ Зоя Васильевна Анисимова салайыытынан уонна «Алгыс» ийэлэр түмсүүлэрэ, «Сата» куруһуок оҕолорун кыттыылаах В.А. Петрова аатынан түмэлгэ былыргы өбүгэлэрбит ньымаларынан — куолаһын арааран, кэлиигэ сынньан, туорааҕын ыраастаан суорунаҕа тардан, кыл сиитэнэн ыраастаан ыраас сэлиэһинэй бурдук ыллылар.
Бу тэрээһиҥҥэ оскуола оҕолоро, улахан дьон кыттыыны ыллылар. Суорунаҕа бурдук туораҕын тардар — саамай ыарахан үлэ эбит, күүһү, кыаҕы эрэйэр. Түмэл үлэһиттэрин сүрүн соруга — оҕолорго урут сахалар хайдах бурдук ыһан-үүннэрэн, астанан аһаан олорбуттарын көрдөрүү, умнуллубут тыллары билиһиннэрии.
Бу сэлиэһинэй бурдукпут «Туймаада» диэн сорт. Биэс киилэлээх чабычахха толору этэ, суорунаҕа тардыллан 2-3 киилэ курдук бурдук таҕыста.
Халлааммыт муҥурдук тымныйан турар кэмэ буолан, оҕолор кыайан кэлбэтилэр да буоллар, барыта 10 буолан үөрэ-көтө бурдугу астаатыбыт. Минньигэс лэппиэскэ көмүлүөк оһоххо буспут сыта дьикти атын буолар эбит. Былыргылыы чугуун хобордооххо саламаат астаан, сыт таһааран, үлэлээбит дьон быһыытынан, сандалы тула олорон уоспутунан үллэстэн, үөрэ-көтө, күө-дьаа кэпсэтэн, ааһан тарҕастыбыт. Бу буолар бэйэ үлэтин түмүгүн билэр, астынар.
Олег Адамов, 10 кыл.
«Ыллык» эдкорпост,
Ньурба, Хаҥалас.