Дмитрий Кононович оҕолорго дьикти үчүгэй сыһыаннааҕа. Кини оҕолорго аналлаах элбэххэ үөрэтэр-такайар айымньылардаах. Биһиги көлүөнэ кини “Чүөчээски”, “Чөөчө”, “Хараҥаҕа тыкпыт сырдык”, “Ачаа саһаана”, “Бэйэтэ эмтиэкэ” курдук кэпсээннэрин сөбүлээн ааҕарбыт, төрүттэрбит урукку олохторун билэрбит. Саха остуоруйаларын хомуйан хаста да бэчээттэппитэ.
Биирдэ музейга директордыы сырыттахпына, туох эрэ наадаҕа Суорун Омоллоон киирэн кэллэ, ол түгэҥҥэ кыра кыыһым Аанчык кабинеппар баара, кыра кылаастарга үөрэнэрэ. Кыыспыттан ыйыттым:
— Бу кырдьаҕас кимий, билэҕин дуо? Кыыһым балачча саҥата суох олордо. “Таах-сибиэ ыйытан”, — диэн бэйэм да ыксыы быһыытыйдым. Кыыһым олорбохтоон баран, Суорун Омоллоон диэтэ. Хата, кыыһым “Маайыс” диэн кинигэтин аахпытым”, — диэтэ. Кырдык да, бэрт соторутааҕыта бу кинигэни оҕолорбор атыылаһан бэлэхтээбитим. Суорун Омоллоон олус үөрдэ, кыыспын сыллаан ылла, хайҕаата. Онтон ыла, Дмитрий Кононович саҥа тахсыбыт кинигэлэрин оҕолорбор анабыл суруктаан бэлэхтиир буолбута, ыйыталаһара. Оҕолорум ордук “Саха остуоруйалара” диэн кинигэтин сөбүлээн, уларса сылдьан аахпыттара.
Тэрийбит музейдарыгар оҕолор сырыттахтарына, Дмитрий Кононович олус үөрэрэ, бэйэтэ экскурсия ыытара. Оскуолаларга сылдьан, лекция оҥороро, бэйэтэ устубут өҥнөөх слайдаларын көрдөрөрө. Сааскы уһун өрөбүллэргэ оскуолалар Чөркөөххө, Суоттуга автобуһунан экскурсияҕа сылдьалларын ситиспитэ. Бу үтүө үгэс кэлин умнуллан эрэр, сөргүтүөх, саҥа кэмҥэ саҥалыы тэрийиэх баара.
Е.С. ШИШИГИН, РФ, СР культураларын үтүөлээх үлэһитэ.