П.А. Ойуунускай аатынан Чөркөөх орто оскуолатын үөрэнээччитэ Алеша Петров 2015 сыллаахха улуустааҕы «Маҥнайгы хардыылар» научнай-практическай кэнпириэнсийэҕэ кыттан «Гуманитарнай» секцияҕа 2 миэстэни ылбыт үлэтин бүгүн манна таһаарабыт уонна үйэтитэбит. Салайааччы — Ф.Е. Баева.
Алеша Петров, 2016 с.
Үлэм сыала: Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон кэпсээннэрин сахалыы өс хоһооннорунан наардааһын.
Үлэм соруга:
- Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон кэпсээннэрин билсиһии;
- Сахалыы өс хоһооннору үөрэтии;
- Кэпсээннэрин уонна сахалыы өс хоһооннору тэҥнээһин;
- Билбити оҕолорго тиэрдии, сырдатыы.
Үлэм төрүөтэ: Саха республикатын народнай суруйааччыта Дмитрий Кононович Сивцев — Суорун Омоллоон саха литературатыгар элбэх кылааты киллэрсибит, саха остуроруйаларын, фольклорун оҕолорго тиэрдээччи, бэртээхэй учебниктары айан, ыччаты иитиһээччи киһи быһыытынан билэбит. Мин санаабар, биһиги, Саха сирин инники көлүөнэтэ маннык дьоммутунан киэн туттуохтаахпыт, кинилэри үчүгэйдик билиэхтээхпит, үөрэтиэхтээхпит. Дмитрий Кононович айымньылара иитэр-үөрэтэр суолталаахтар. Кини оҕолорго анаан суруйбут кыра тэттик кэпсээннэрэ ону туоһулууллар. Онон мин Дмитрий Кононович оҕолорго анаан суруйбут кэпсээннэрин туһунан элбэҕи ааҕан, билэн дакылаат суруйарга сананным.
1. Саха народнай суруйааччыта Д.К.Сивцев- Суорун Омоллоон олоҕун устата үүнэр көлүөнэҕэ ураты болҕомтотун уурбута. Уус-уран айымньылара Саха норуотугар киэҥ билиниини уонна дириҥ тапталы ылар. Кини оҕолорго анаан суруйбут кэпсээннэрин, “Саха остуоруйаларын” оҕо эрэ барыта интириэһиргээн ааҕар, кэпсээн гынан кэпсиир. Биһиги, алын сүһүөх кылаас оҕолоро кини оҥорбут “Буукубаарынан” ааҕарга, суруйарга үөрэнэбит, учебниктарбытыгар бэчээттэммит айымньыларынан саха художественнай литературатын кытары билсэбит.
2. Мин Суорун Омоллоон оҕолорго анаан суруйбут тэттик кэпсээннэрин ааҕан сиһилии билистим. Кинилэр бары иитэр-үөрэтэр суолталаахтар эбит. Кэпсээҥҥэ суруллар курдук быһыылар, түбэлтэлэр үкчү да буолбатар биһиэхэ, биирдэ эмит күннээҕи олохпутугар көстөллөр. Бу аахпыт кэпсээннэрим үксэ норуокка этиллэр саха өс хоһоонноругар сөп түбэһэллэр. Онон мин салҕыы сахалыы өс хоһооннору ааҕан, билсэн баран айымньыларбын өс хоһооннору кытары бөлөхтүүргэ холоннум.
№ | Суолтата | Айымньы аата | Өс хоһооно |
1 | Доҕордоһуу. | Доҕоттор. | Ким доҕордоох ол дьоллоох. |
2 | Майгы- сигили. | Бирээнньик толооҥҥо хайдах үүммүтэй. | Ким үлэлиир ол аһыыр. |
3 | Майгы-сигили. | Уоруйах кутуйах.
|
Иҥсэтигэр иэдэйбит, акаарытыгар алдьаммыт. |
4 | Майгы-сигили. | Мэник муҥур.
|
Иҥсэтигэр иэдэйбит, акаарытыгар алдьаммыт. |
5 | Майгы-сигили. | Бээчэ бэргэһэтэ.
|
Киһиргиибин диэн кирсиҥ быстаарай. |
5 | Майгы-сигили. | Баҕа аттаммыта.
|
Киһиргиибин диэн кирсиҥ быстаарай. |
6 | Майгы-сигили. | Тиэтэйбит сааһыт. | Эрдэттэн күөскүн өрүнүмэ. |
7 | Майгы-сигили. | Куттамсах куобах. | Куттас күлүгүттэн да куттанар. |
8 | Майгы-сигили. | Эһэ, бөрө уонна саһыл. | Киһи кэпсэтэн, сылгы кистээн, ынах маҥыраһан быһаарсар эбэтэр Сутуругар сокуоннаах, ытыһыгар ыйаахтаах. |
9 | Майгы-сигили. | Чыычаах эрэсиимэ.
|
Эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор, хойут турбут чыычаах хараҕын хастар. |
10 | Майгы-сигили. | Күөрэгэй уйата.
|
Эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор, хойут турбут чыычаах хараҕын хастар. |
11 | Майгы-сигили. Сиэр-туом. | Сымыйалыаҥ – бэйэҕэр куһаҕаны оҥостуоҥ. | Сымыйалыаҥ – бэйэҕэр куһаҕаны оҥостуоҥ. |
12 | Сүбэ-ама. | Уол хайдах муммута. | Эдэртэн эйэтин, кырдьаҕастан сүбэтин. |
13 | Өй-санаа. | Муммут уолаттар. | Сатабыллаах саһыл саҕалаах. |
Өс хоһооно диэн норуокка киэҥник тарҕаммыт, чопчу уобараһынан арыллар дириҥ ис хоһоонноох бэргэн этиилэр. Кинилэр биһиги сиэр-майгы өттүнэн киһилии киһи буолан улаатарбытыгар, тылбыт байарыгар көмөлөөхтөр.
Түмүк. Суорун Омоллоон уһулуччулаах суруйааччы, кэрэхсэнэр кэпсээнньит. Айар үлэтэ саҕаланыаҕыттан кини саха норуотун баай тылынан уус-уран айымньытыттан тахсар дириҥ толкуйдаах айымньылара хайдах да киһи дууһатын таарыйбат буолуон сатаммат.
Саха народнай суруйааччыта олоҕун устата үүнэр көлүөнэҕэ ураты болҕомтотун уурбута. Билиҥҥи көлүөнэ бэйэтин норуотун историятын ытыктыы үөрэнэригэр угуйара, өйдөтөрө, такайара.
Суорун Омоллоон норуот ураты Улуу дьонун кэккэтигэр киирэр, тарбахха баттанар дьонуттан биирдэстэрэ. Кини суруйан хаалларбыт айымньылара улахан дьоҥҥо, оҕолорго уос номоҕо буолан үйэттэн үйэлэргэ бэриллэн иһэллэр.
Дакылааппын суруйан бүтэн баран маннык түмүктэри оҥордум:
- Суорун Омоллоон Саха сиригэр, норуотугар, дойдутугар үгүс үтүөнү оҥорбут;
- Оҕолорго аналлаах элбэх айымньылардаах;
- Мин аахпыт оҕолорго аналлаах кэпсээннэрим сахалыы өс хоһооннорун кытары олус дьүөрэлэһэллэр эбит;
- Кини суруйбут айымньылара иитэр-үөрэтэр суолталаахтар.
Туһаныллыбыт литература:
- “Айымньылар уонна үлэлэр толору хомуурунньуктара” , 5 тома, Дьокуускай 2007 с.;
- “Улуу Суорун”, Дьокуускай 2012 с.;
- “Саха өс хоһоонноро”;
- Суорун Омоллоон “Оҕолорго аналлаах айымньылара”.