Тохсунньу 23 күнүгэр Сунтаар улууһун дьаһалтатын аактабай саалатыгар норуоттар икки ардыларынааҕы уонна российскай таһымнаах куонкурустар, научнай-практическай конференциялар, күрэхтэр кыайыылаахтара — 1-4 кылаас үөрэнээччилэрэ улуус аҕа баһылыгын кытары көрүстүлэр.
Уопсайа 22 алын сүһүөх үөрэнээччилэрэ кыттыыны ыллылар. Кутана орто оскуолатыттан 4 кылаас туйгун үөрэнээччитэ Ариан Додутов сырытта. Оҕолор бары үөрэх туйгуннара, спортсменнар, араас куонкурустар кыайыылаахтара.
Тэрээһини төрдүс кылаас үөрэнээччитэ Найыына Поскачина хомус дьүрүскэн тыаһынан арыйда. Ол кэннэ улуус аҕа баһылыга Анатолий Васильевич Григорьев уонна үөрэҕирии начальнига Альберт Ионович Иванов эҕэрдэ тылларын эттилэр. Инники кэскиллэригэр уонна кинилэр учууталларыгар, ону кытта төрөппүттэригэр улахан махталларын биллэрдилэр.
Салгыы наҕараада чааһа буолла. Хас биирдии оҕоҕо грамота, бэлэх туттардылар. Үөрэнээччилэр аҕа баһылыкка оскуолаларын, дьарыктарын туһунан кэпсээтилэр, ыйытыктарын биэрдилэр, аҕа дьон сүбэтин иһиттилэр. Анатолий Григорьев оҕолор долгутуулаах ыйытыктарын сөҕө иһиттэ. Холобур, Устье, Кириэстээх нэһилиэктэр аннынан Бүлүү өрүһү туоруур муоста тутуута, бэйдиэ сылдьар ыттарга хайдах дьаһал ылыахха сөбүн туһунан, оскуола тутуутун, баһылык оҕо сылдьан туох идэлээх киһи буолуон баҕарарын, тугунан ордук сөбүлээн дьарыктанарын ыйыттылар.Түмүккэ төрдүс кылаас үөрэнэччитэ Алгыстаан Тен «Сахам ата» ырыатын бэлэх уунна.
Сылын аайы ыытыллар улуус баһылыгын кытары көрсүһүү үөрүүлээхтик ааста. Ити курдук, оҕолор улуус баһылыгын кытары көрсүһүүгэ сылдьан, санаа атастаһан, үөрэн-көтөн тарҕастылар.
Кутана оскуолата, «Кутана кыымнара» эдкорпост.