Аҕа дойду Улуу сэриитин түөрт ыарахан сыллара… Бу дууһа ыарыыта, харах уута, олус элбэх дьон алдьаммыт дьылҕалара… Сэрии киһи-аймахтан саамай сыаналыырын, таптыырын барытын былдьаабыта. Бу сылларга Сэбиэскэй Сойуус кэскилин, ыраас халлаанын туһугар, аччык, тымныы күннэри инники көлүөнэлэр көрсүбэттэрин туһугар үгүс дьон бэйэлэрин олохторун уурбуттара. Кинилэр биһиги дьоллоох, ыарахаттара суох олохпутугар анаан өлүүнү кытары сирэй-сирэйгэ көрсүбүттэрэ.
Бу туһунан биһиэхэ история учебниктара эрэ буолбакка, маассабай көрөөччүгэ анаммыт уус-уран киинэлэр эмиэ кэпсииллэр. Бу олус бэрт, тоҕо диэтэххэ, уһун үйэлэргэ Аҕа дойду Улуу сэриитин дьон өйүгэр-санаатыгар хаалларар. Холобур, бу тиэмэҕэ уһуллубут биир киинэнэн «Судьба человека» диэн режиссёр Сергей Бондарчук хартыыната буолар.
Сүрүн дьоруой – Андрей Соколов, сэрии кыттыылааҕа. Киинэ чэрчитинэн көрөөччү бу киһи олоҕун туһунан билэр. Дьоллоох, дьиэ кэргэннээх киһи сэрии курдук кутталлаах дьайыыны кытары көрсөн уларыйар, ол эрээри өрүү кинини кытары хаалаллар, киһини киһи оҥорор хаачыстыбалар – үтүө санаа, ыраас дууһа, дойдуга, дьоҥҥо-сэргэҕэ таптал. Киинэ, билэрбит курдук, нуучча улуу суруйааччытын Михаил Александрович Шолохов кинигэтигэр олоҕурар.
Режиссёр ааптар идиэйэтин, санаатын барытын бу хартыынаҕа бэрткэ сатаан арыйбыт, өссө киэҥник, киэргэтэн ойуулаабыт диэххэ сеп дии саныыбын. Мин бу киинэни олус сөбүлээтим, манна бааллар үчүгэй да куһаҕан да майгылаах дьоннор, хорсуннар да, куттастар да. Ыарахаттары тулуйуохха, аһарыахха сөп, тостубакка, бэйэни сүтэрбэккэ диэн санааны режиссёр тириэрдэр. Онон, бу хартыынаны бары көрөргүтүгэр ыҥырабын. Кини киһини толкуйдатар, элбэххэ үөрэтэр-иитэр: олоххо тардыһыыга, тапталга, күүстээх санаалаах буоларга.
Онон Сергей Бондарчук «Судьба человека» кинигэтигэр көстөр Аҕа дойду Улуу сэриитин эрэйдэрэ, алдьархайдара аны хаһан даҕаны хатыламматтарын курдук бар дьон бары бииргэ иллээхтик-эйэлээхтик олоруоххайын диэн баҕа санаабын этэбин.
Нюргуяна Макарова, Майа лиссиэйин 11 кылаас үөрэнээччитэ,
Мэҥэ Хаҥалас