Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ история хаамыытын уларыппыт, киһи-аймах сайдыытыгар сабыдыаллаабыт сүдү суолталаах көстүү буолар. Бу бэлиэ даата туһунан сэбиэскэй кэмҥэ төрөөбүт-улааппыт дьон үтүө өйдөбүллээхтэр.
Ол эрээри историктар санаалара хайдыһар. Сорох бу бэлиэ түгэн кэхтиигэ тиэрдибитэ, атыттар саҥа олох кэлэн, сайдыы суола аһыллыбыта диир. Чуолаан, аҕыйах ахсааннаах норуоттаах Саха сирэ Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин үчүгэй да, хомолтолоох да өрүтүн — барытын билбитэ.
Үчүгэй өрүтүнэн судаарыстыбаннас олохтонуута, үөрэхтээһин киэҥник тарҕаныыта, медицина сайдыыта, олохтоох каадыры бэлэмнээһин, о.д.а. буолар. Аны өрөбөлүүссүйэ буолбатаҕа буоллар, ыраахтааҕылаах Россия сирбитин тус-туспа арааран, Халыма, Бүлүү , илин эҥэрдэр туспа үллэһиллиэх этибит.
Саха уһулуччулаах уолаттара Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов уо.д.а. күүстээх үлэлэрин түмүгэр 1922 сыл муус устар ыйыгар автономия олохтоммута. Бу түгэн историческай, политическай оруола олус улахан. Саҥа үөскээбит өрөспүүбүлүкэ сокуон уонна быраап өттүнэн көмүскэллээх буолбута.
Өрөбөлүүссүйэ саха норуотугар оҥорбут улахан охсуутунан Сэбиэскэй былаас олохтоноругар ЧК – лар (чрезвычайный комитет) сүнньүнэн баай төрүттээх, үөрэхтээх дьонун тутан-хаайан киирэн барбыттара буолар. Ол Саха сиригэр гражданскай сэрии турарыгар биир төрүөтүнэн буолбута…