Биһиэхэ, Орто Халыма улууһугар, Данил Степанович Слепцов аатынан Эбээх орто оскуолатыгар биир кэтэһиилээх, үгэскэ кубулуйбут тэрээһиммит «Үрүҥ Уолан уонна Долгунча» күрэх буолар. Бу күрэх тыыл бэтэрээнэ, II Хаҥалас нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, стахановец булчут, «Үлэ Албан аат» 3-с истиэпэннээх уордьан кавалера Алексей Степанович Гуляев – Ыстапаанабыс аатын үйэтитэн, хоту дойду төрүт үгэстэрин-дьарыктарын умнубат, оҕону үлэҕэ сыһыарар, айылҕалыын алтыһар, төрөөбүт сиригэр-уотугар тапталы үөскэтэр сыаллаах-соруктаах быйыл 24-с төгүлүн ыытыллан ааста.
Күрэх историятын арыйан көрдөххө, 1991 сыллаахха аан бастаан А.С. Гуляев – Ыстапаанабыс кыыһа Анна Рехлясова уонна төрүт культура учуутала Николай Гуляев «Үрүҥ Уолан» диэн оҕо кыаҕын-дьулуурун, хоту дойду олоҕор бэлэмин көҕүтэр сыаллаах уолаттарга анаан күрэх тэрийэн ыыппыттара. Кэлин, 2000 сыллаахха кыыс оҕо эмиэ олоххо бэлэмнээх буолуохтаах диэн санааҕа салайтаран, ырыаҕа ылламмыт хотугу кыраай Стахановец булчута, холкуос кыыһа Акулина Федоровна Никулина – Долгунча аатынан «Долгунча» диэн кыргыттарга аналлаах күрэҕи эбии киллэрэн биэрбиттэрэ. Ол сылтан ыла «Үрүҥ Уолан уонна Долгунча» диэн күрэх төрүттэнэн бүгүҥҥү күҥҥэ диэри тэриллэн, ыытыллан, бу сыллар тухары элбэх оҕо кыттан кэллэ.
«Үрүҥ уолан уонна Долгунча» күрэх 5-11 кылаастарга ыытыллар буоллаҕына, 2000 сыллартан алын кылаастарга анаан эбии «Бэргэн уонна Кыыдаана» диэн саха төрүт спортивнай оонньууларыгар күрэх ыытыллар буолбута. Курээхэ оҕолор (этапы киирэллэр) күрэхтэһэллэр. Бу тэрээһин оҕолору «Үрүҥ Уолан уонна Долгунча» күрэххэ бэлэмнээх буолалларыгар эмиэ оҥкул буолар.
Хоту сир оҕото – айылҕа оҕото. Тыйыс айылҕалаах дойдуга олох иһин охсуһуу, күчүмэҕэйдэри туорааһын – олохпут укулаата буолар. Бу күрэхтэн оҕо элбэххэ үөрэнэр – тулуурдаах, кыайыыга дьулуурдаах буоларга, ыарахантан чаҕыйбакка, тымныыттан куттаммакка, хоту дойду дьарыгын бэйэтин этинэн-хаанынан билэр, төрүт культуратын өрө тутар киһи буолан тахсар.
«Үрүҥ Уолан уонна Долгуча» күрэх иһигэр киирдэххэ, бу тэрээһин икки күн ыытыллар. Бастакы күҥҥэ биирдии кылаас тэрээһин буолар былаһааккаҕа балаакка уонна оһох туруоран күрэстэһэр дьиэлэрин оҥостоллор. Кыттааччы уол тыа саҕатыгар мас көтөрдөрүгэр туһах, тыа кыылларыгар хапкаан иитэр, күөлгэ ойбон алларан илим иитэр эбэтэр туу анньар.
Иккис күнүгэр тэрээһин сүрүннүүр күрэхтэрэ буолаллар. Бастаан тута кыыстаах уол бириэмэҕэ мас эрбииллэр, ол кэнниттэн старт бэрилиннэҕинэ малларын-салларын харыытаҕа соһон хомурах хаарынан сылдьар «Тайга» хайыһарынан балачча ыраах сиртэн балааккаларыгар сүүрэн кэлэллэр. Кэлэ түһээт уол кыыһын балааккаҕа хаалларан баран күөлгэ ойбон алларар, түүтүн эбэтэр илимин эһэр. Ол кэнниттэн ииппит туһаҕын, хапкаанын эһэр, воздушка саанан сыал ытар, төрүт культураҕа сыһыаннаах ыйытынньыкка эппиэттиир. Бу күрэстэрин тухары уол хайыһарынан сылдьар. Байанай күндүлээбит, бултаах-алтаах буоллахтарына хамаандаҕа эбии баал бэриллэр. Ол кэмҥэ кыыс балааккаҕа хаалан кумааҕыта да, көмө уматыга да суох оһох оттор, уол алларыбыт ойбонуттан чаанньыкка уу баһан чэйин өрөр. Эрдэ бэлэмнэммит тоҥ балыгы хатырыктыр, кыһар. Кыыс чаанньыга оргуйда да, хамаанда малын-салын хомунан хайыһарынан финишка сүүрэр, сүрүн күрэһин түмүктүүр. Эбии, тэрээһин түмүгэр уол кыыһын харыытаҕа хомурах хаарынан соһор – ким маҥнайгы финишка кэлбит, ол бастыыр. Бу курдук икки күннээх, сүүрүүлээх-көтүүлээх, тыҥааһыннаах күрэхпит түмүктэнэр.
Быйылгы «Үрүҥ Уолан уонна Долгунча» күрэх кэлиҥҥи сылларга тэрийэн ыыппыт энтузиаст, бары ытыктыыр учууталбыт Николай Гуляев сырдык аатын ааттатар сыаллаах-соруктаах ыытылынна. Тэрээһин, 30 гыраадыс тымныы да кун буоллар, үрдүк таһымҥа ааста. Тыҥааһыннаах киирсии түмүгэр орто сүһүөх кылаастарга «Үрүҥ Уолан» аатын Фролов Самсон, «Долгунча» аатын Сивцева Милана 5 кылаас үөрэнээччилэрэ ыллылар. Улахан сүһүөхтэргэ «Үрүҥ Уолан» — Гуляев Тамир, 9 кылаас, «Долгунча» — Наследникова Виолетта, 10 кылаас үөрэнээччилэрэ буоллулар.
Хоту дойду ыар хара үлэтигэр олохторун анаабыт, дойдуларын туһугар сэмэй кылааттарын киллэрсибит дьону ахтан-санаан, олорон ааспыт олохторун сырдатан, үүнэр көлүөнэ ыччатыгар билиһиннэрэр сыаллаах, дьиҥнээх патриотическай иитии биир көрүҥэ — «Үрүҥ Уолан уонна Долгунча» күрэх буолар.
Д. С. Слепцов аатынан Эбээх орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччилэрэ,
Салайааччы Байя Ивановна Никитина,
Орто Халыма