Бүлүү улууhун Хаҕын орто оскуолатын 11 кылааhын үөрэнээччитэ Ньургуйаана Дмитриева үгүс үрдүк ситиhиилэрин иhин быйылгы 2022-2023 үѳрэх дьылыгар СӨ Ил Дарханын Харыйатыгар кытта барар чиэскэ тигистэ.
Yөрэҕэр олус кыhамньылаах үөрэнээччи, наар «4», «5» сыанаҕа үөрэнэр, оскуола, нэhилиэк тэрээhиннэрин көхтөөх кыттааччыта, улуустааҕы предметнэй олимпиадаларга уонна оскуолаттан саҕалаан бүтүн Арассыыйаҕа тиийэ таhымнаах араас куонкурустарга, конференцияларга, ааҕыыларга ситиhиилээхтик кыттар, олус үлэhит волонтер. Төрөөбүт норуотун устуоруйатын, төрүт култууратын интириэhиргээн үѳрэтэр, саха литэрэтиирэтин кэрэхсээн ааҕар, Ийэ тылын ис сүрэҕиттэн таптыыр. Салайааччыта — Бүлүү улууhун Хаҕын орто оскуолатын саха тылыгар уонна литэрэтиирэтигэр учуутала Александра Яковлевна Григорьева.
Сахам сирин аны 100 сылынан хайдах көрөбүн?
Саргылардаах сахаларбыт
Салаhыннаах саҥаларын
Саҥалыыра тойугунан
Салайан-саҥардан иhиэҕиҥ…
… Уруккулуур удьуордарбыт
Уруйдаабыт олохторун
Умнубакка сылдьаммыт,
Уhатан-кэҥэтэн иhиэҕиҥ
(А.И. Софронов – Алампа “Ыччат сахаларга” )
Быйыл 2022 сылга саха норуотугар улахан кэрэ бэлиэ кэрдиис кэми — Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтибит. Платон Ойуунускай, Максим Аммосов, Степан Аржаков, Исидор Барахов сүүрбэhис үйэ саҥатыгар Саха сирэ сайдыытыгар улахан кылааттарын киллэрбит, олох-дьаһах чыҥха уларыйыытын оҥорсубут уһулуччулаах политическэй диэйэтэллэр, саха чулуу дьоно буолаллар. Кинилэр докумуон бѳҕѳнү оҥорон, ыйы ыйынан Москубаҕа олорон үлэлээн, үрдүкү салалтаҕа харса суох туруорсан Саха сирэ туспа автономнай ѳрѳспүүбүлүкэ буоларын ситиспиттэрэ. Кинилэри сэргэ оччотооҕуга Саха сирин ѳссѳ Союзнай өрөспүүбүлүкэ статуhугар тиэрдэ сатаабыт конфедералистар диэн ааттанар, репрессия миэлиҥсэтигэр эриллэн ыар дьылҕаламмыт Ксенофонтовтар, В.В. Никифоров-Күлүмнүүр курдук уонна да атын саха чулуу дьонун ахтан-санаан ааhыах тустаахпыт. Норуот историятыгар үгүс үтүөнү оҥорбут дьон ааттара умнуллуо суохтаах.
Быйыл өрөспүүбүлүкэ сүүс сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах киэҥ тэрээhиннэри ыыталларын туhунан тэлэбиисэринэн, араадьыйанан, куйаар ситиминэн күннэтэ сырдаталлар. Хас биирдии улуус, нэhилиэк, тэрилтэ бу сылга норуот олоҕо сайдыытыгар бэйэтин кылаатын киллэриэхтээх. Бу сылы Ил Дархаммыт Ийэ сылынан биллэрбитэ, хас биирдии саҥа төрөөбүт оҕоҕо 100 тыһыынчалаах сертификат анаабыта. Улуустарга, нэhилиэктэргэ араас бырайыактары көмүскээн олоххо киллэрдилэр. Маны тэҥэ «Yтүө санаа» 100 араас ааксыйатын тэрийэн олоххо киллэрдилэр. Икки саха уола Дугуйдаан уонна Мичил саха ата тулуурдаах, тымныыны-итиини тулуйар кыайыгас боруода буоларын дакаастыыр сыаллаах-соруктаах саха атынан уhун унньуктаах ыарахан айаҥҥа туруммуттара. Кэтит Сибиири уҥуордаабыттара, онтон салгыы Дугуйдаан соҕотоҕун айаннаабыта, аара уолун ыҥыттаран ылан, иккиэн салгыы баран Улуу Москуба куоракка тиийбиттэрэ. Кинилэр Саха сирин, саха норуотун ааттаталлар. Ити курдук, Саха сирин хас биирдии олохтооҕо төрөөбүт сириттэн-уотуттан саҕалаан, өрөспүүбүлүкэтин инники сайдыытын түстүүргэ көхтөөхтук кыттара кэскиллээх үтүѳ дьыала буолар.
Өксөкүлээх Өлөксөй «Ойуун түүлэ» поэматын 9 кылааска аахпыппыт да, биhиги оҕо дьон улаханнык ѳйдѳѳбѳтѳхпүт. Быйыл эмиэ аахпыппыт, ис хоhоонун син ѳйдѳѳбүт курдук буолбуппут да, толкуйдатара элбэх. Алексей Елисеевич Кулаковскай сахатын норуотугар аны 100 сылынан туох уларыйыылар баар буолуохтаахтарын өтө көрүүлээх айымньытын үйэттэн ордук кэм анараа өттүгэр суруйбута да, айымньыта билигин даҕаны суолтатын сүтэрбэт, хата өссө күүһүрэн, ис хоһооно сытыырхайан, дириҥээн иһэр. Кини сүбэ-соргу тыллара биһиэхэ билигин суолдьут сулус буолан, олохпутун сырдатыахтара. Бу айымньыны сахабын дэнэр киhи барыта ааҕыан наада дии саныыбын.
Онтон Платон Алексеевич Слепцов-Ойуунускай “Сүүс сыллаах улуу былаан” айымньытыгар эппит тыллара эмиэ туоллулар. Бу улуу дьоммут бэйэлэрин айымньыларыгар норуот дьылҕатын, олоҕун өтө көрүүлэрэ туолбуттара дьон киэҥ сэҥээриитин ылаллар.
«Сахаҥ сирин аны 100 сылынан хайдах көрөҕүн?» диэн ыйытыыга эдэр оҕо буоларым быhыытынан ырааҕы, киэҥи дириҥник анааран кѳрѳрүм ыарахан уонна билбэтим-кѳрбѳтүм элбэх буоллаҕа. Ол да буоллар, бэйэм тус санаабын суруйарга холонуом: үтүө уонна мөкү өрүттэрин сабаҕалаан көрүѳм.
Аан бастаан туох үчүгэй, үтүѳ ѳрүттэр баар буолуохтарын туhунан эттэххэ, Сахабыт сирэ аныгы тэтимнээх олоҕу кытта биир тэҥҥэ кэккэлэһэ сайдыа дии саныыбын. Билигин былааҥҥа киирбит үлэлэр түмүктэнэн дьону үөрдүөхтэрэ. Ол курдук Улуу Өлүөнэ өрүhү туоруур муостаны тутан, тиһэҕэр тириэрдэн, Саха сиригэр эрэ буолбакка Аан дойдуга биир баараҕай тутуу — сайдыы төрдө буолуо. Тимир суол Өлүөнэни туораан, Арктика киэҥ куйаарынан тилийэ сүүрүө. Берингов силбэhиитинэн эмиэ муоста тутуллан, тимир суол икки материгы холбоон, Саха сирэ Аан дойду улахан эргийэр киинэ буолуо. Хотугу Муустаах муора кытыытыгар турар Тиксии бѳhүѳлэгэр улахан муора пуорда тутуллан, аан дойду муннуктарыттан хараабыллар мустуохтара. Балысхан сайдыы туоhулара буолан, эбии улахан куораттар, бѳhүѳлэктэр тэллэй курдук үүнэн баар буолуохтара. Ол куораттарга элбэх сөҕүмэр тутуулар, атыы-эргиэн кииннэрэ, элбэх этээстээх таас дьиэлэр дьэндэйиэхтэрэ.
Цифровой технология өссө күүскэ сайдыа, интэриниэт ситимэ ханна баҕар күүhүрэн, ыраах хоту сытар нэhилиэктэр туох баар кыhалҕаларын, дьыалаларын-куолуларын, олохторун-дьаhахтарын барытын куйаар нѳҥүѳ быhаарыахтара. Цифровой техника араас кѳрүҥнэрэ айыллан олоххо киириэхтэрэ, роботизация сайдан үлэ араас кѳрүҥүн роботтар үлэлиэхтэрэ. Тыа сиригэр суол-иис тупсан, асфальт суоллар хоту кытыы нэhилиэктэргэ тиийэ тэлгэниэхтэрэ. Тыынар салгыны киртиппэт туhуттан массыыналар бэнсиининэн буолбакка, электрическэй уотунан иитиллэн айанныыр буолуохтара. Маны таhынан кѳтѳр массыыналар айыллан, салгын маршруттарынан дьону таhыахтара.
Саха сиригэр промышленность күүскэ сайдан, сир баайын хостуурга уонна таҥастыырга собуоттар, баабырыкалар, атомнай ыстаансыйалар тутуллан үлэҕэ киириэхтэрэ. Гаас ситимэ тыа сирин бары нэhилиэктэрин хабан, биир да дэриэбинэ оттукка диэн маhы кэрдиэ суоҕа. Саха былааhа, патриот дьокутааттара ис сүрэхтэриттэн күүскэ үлэлээн туруорустахтарына, сир баайын хостуур хас биирдии промышленнай хампаанньа дивидиэн харчытын биэриэхтээх, алдьаппыт сирин чѳлүгэр түhэрэр күүстээх үлэни ыытыахтаах. Сахабыт сирин куораттарыгар, нэhилиэктэригэр социальнай тутуулар: аныгы кэмҥэ эппиэттиир толору хааччыллыылаах оскуолалар, оҕо уhуйааннара, култуура дыбарыастара, дьону эмтиир аныгы техникалаах мэдиссиинэ кииннэрэ, балыыhалар тутуллан хас биирдии киhи олоҕо тупсуон баҕарабын.
Айылҕабытын харыстаан уонна киhи доруобуйата чѳл буоларыгар сѳптѳѳх тутуу саҥа матырыйааллара айыллан, дьон олорор дьиэлэрин маhынан туттуохтара суоҕа, хас биирдии мас күүстээх хонтуруолга ылыллыаҕа.
Yөрэх туhунан эттэххэ, чахчы үѳрэххэ дьулуурдаах, кыhаллар эрэ оҕолор үѳрэнэр усулуобуйалара тэриллиэ. Yѳрэх барыта дистанционнай уонна тѳлѳбүрдээх буолуо, кыахтаах баай эрэ дьон оҕолоро оскуолаҕа кэлэн үѳрэниэхтэрэ диэн куттанабын. Оскуолаҕа киhи учуутал буолбакка, робот учууталлар тьютор курдук үлэлиэхтэрэ. Тѳhѳ да цифровой кинигэлэр, учуобунньуктар баар буолбуттарын иhин үгэс курдук ааҕар кѳннѳрү кинигэлэр син биир баар буолуохтара, кинилэри олохтон сүтэрбэт туhуттан араас үлэ ыытыллыа.
Тыа сиригэр сүүс сылынан туох уларыйыы баар буоларын санаатахха, кэлии дьон ылбаттарын курдук сири-уоту сөпкө дьаһаннахха, сүөһүбүт-сылгыбыт дэлэйиэ, үүтү, эти соҕотуопкалыыр аныгы цифровой техниканан хааччыллыбыт производственнай үгүс собуоттар баар буолуохтара, ас-үөл айылҕатынан тѳрүт хаачыстыбатын сүтэрбэт туһугар үлэлиэхтэрэ. Билигин сүтэрэ сыспыт төрүт аспыт дэлэйэрин туһугар саха дьоно үлэлиэ-хамсыа.
Аны сүүс сылынан Сахам сиригэр туох мөкү өрүттэр баар буолуохтарын сабаҕалаатахпына маннык буолуон сөп:
Билигин Саха сирин сорох улуустарын үрдүнэн космоска көтүтэр ракеталарын тобохторо түһэллэр. Буортута суох дииллэр даҕаны, биһиги айылҕабытыгар буортулааҕа чуолкай. Сүүс сылынан биһиги сирбитигэр космодром тутуохтара уонна сирбит космическай полигон буолуон сөп.
Сир баайын көрдөөн, хостоон, сирбитин алдьатыахтара, айылҕабытын киртитиэхтэрэ. Өрүстэрбитин, күөллэрбитин киртитэн, иһэр уу кыһалҕата үөскүө, уубутун харчыга аатылаһан иһэр буолуохпут. Айылҕабыт алдьанан, олохтоох дьон доруобуйата өссө күүскэ айгырыа.
Араас омук дьоно-сэргэтэ ѳссѳ элбэх киһи кэлэн олохсуйуо, ахсааннара наһаа элбээн саха норуота симэлийэр, сүтэр куттала күүскэ туруо. Кэлии дьон сирбитин былдьыахтара. Кэлии дьону кытта сэргэ наркотик арааһа элбээн үүнэр көлүөнэни иирдиэ. Билиҥҥи үйэҕэ элбэх дьону албыннаан харчыны араас көрүҥүнэн уоран устар ньымалара виртуальнай эйгэҕэ ѳссѳ сайдыа.
Аны туран дьон-сэргэ илии үлэтин, эти-сиини чэбдигирдэр хамсанар үлэни умнан, күнүн барытын цифровой технологияҕа атаарыа, дьэ оччоҕо киһи доруобуйата өссө мөлтүө. Роботизация сайдан үлэ миэстэтэ өссө аччыа.
Тыа хаһаайыстыбатыгар улахан болҕомтону ууран дьиҥнээх далааһыннаах үлэ барбатаҕына, өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан иитэн аҕалбыт ынахтарын, сылгыларын букатын сүтэриэхпит.
Норуот тыыннаах буолар баар суох баайа – төрөөбүт сахабыт тыла букатын симэлийэр кутталга киириитэ билигин да баар. Билигин куораттарбытыгар саха оҕолоро үксэ нууччалыы иитиилээхтэр, бэл тыа сиригэр итинник кыһалҕа үөскээтэ. Оччоҕо сабаҕалаан көрдөххө, аны сүүс сылынан төрүт ийэ тылбыт туттуута олох сүтүѳ. Инникитин тылбыт туруга уустугун саныырга ыарахан. Ол гынан баран, Өксөкүлээх эппитин курдук, наһаа өлөн-охтон биэриэхпит суоҕа диэн эрэниэххэ наада. Төрөөбүт тыл сүппэтин туһугар тылы байытыы-сайыннарыы үлэтэ аныгы цифровой технологияны кытта ыкса сибээстээх буолуохтаах.
Түмүкпэр этиэм этэ: сүүс сылынан Саха сирэ сайдарын туһугар хас биирдии саха оҕото үөрэх, сайдыы, ис култуура баар буолуохтааҕын өйдүөхтээх, дойдуга туһалаах киһи буолан тахсыахтаах. Эдэр ыччат Өрөспүүбүлүкэни олохтообут чулуу дьоммут сырдык олохторун холобур оҥостуохтаах, сүгүрүйүөхтээх уонна өссө элбэх үчүгэйи оҥорорго бэлэм буола улаатыахтаах. Саха ыччата Өксөкүлээх Өлөксөй 1912 сыллаахха суруйбут «Оттоку олук алгыhа» айымньытынан сирдэтэн үлэлээтэҕинэ, Сахабыт сирэ сайдыа диэн баҕа санаалаахпын:
Бар дьоҥҥор
Баттанар күннэригэр,
Баараҕай баҕана буол,
Суон норуоккар
Солбонуйар күнүгэр,
Суон дурда буол,
Хара норуоккар
Хаалар күнүгэр
Халыҥ хахха буол!
Ньургуйаана Дмитриева, Бүлүү улууhун Хаҕын орто оскуолатын 11 кылааhын үѳрэнээччитэ.