Сардаана сибэккинэн тэтэрэр, кырылас кумахтаах Амма эбэ биэрэгэр кыйа сытар Чымынаайы бөһүөлэгэр олохсуйан олорор Саввиннарга сиэн кыыстара буолабын. Хос эһэм Иван Павлович Саввин Японияны утары сэрии кыттыылааҕа, үлэ бэтэрээнэ, «Ытык Аҕа» анал аат хаһаайына. Хос эһээм нэһилиэккэ элбэх тутуулары туппут маастар, мас ууһа буолар.
Кини Колхоз, совхоз саҕаттан үлэ бөҕөтүн үлэлээбитэ. Байанайдаах булчут, хара өлүөр диэри кустаабыта. Сайын аайы оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин кытта оттуура, эһэбит суоҕун да кэнниттэн бары тэҥҥэ оттуубут.
Эһээм Дмитрий Иванович «Коммунизм» совхозка үрдук үүнүүгэ өр сылларга үлэлээбитэ. Сир үлэтигэр, бааһынаны оҥорууга түүннэри-күнүстэри ДТ тракторынан үлэлээбитэ. Совхозтар ыһыллан, кэнники «Хоту» бааһынай хаһаайыстыбаны тэринэн бурдук үүннэриитинэн дьарыктаммыта. Саас бааһынаны хорутуу, күрүө тутааһына, күһүн бурдугу хомуйуу – бу сүрүн үлэлэрэ буолара. Билигин бааһынай хаһаайыстыбаны уола Иван Дмитриевич салайар. Убайым эдэр кэскиллээх бааһынай хаһаайыстыба салайааччытынан улууска биллэр. Таатта улууһугар бурдук үүннэриитинэн Чымынаайыга эрэ дьарыктаналлар. Хайдах сыл үүнэриттэн бурдук үүнүүтүн ыланнар, бурдугунан улууһу хааччыйаллар. Бурдук үүннэриитинэн дьарыктанар Саввиннар тустарынан НВК каналга биэриилэри оҥорбуттара. Бурдук үүннэриитин таһынан нэһилиэккэ пилорама үлэлэтэн олохтоохтору тутуу маһынан хааччыйаллар. Илиини араарбакка хара үлэни үлэлиир дьоммунан киэн туттабын.
Динара Саввина, Таатта улууһун
Г.Д.Бястинов-Бэс Дьарааһын аатынан
Чымынаайы орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ