Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан уонна тус бэйэм Өрөспүүбүлүкэбит төрүттэммит күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэбит сүүс сыллаах үбүлүөйүн экэниэмикэҕэ, тутууга, үөрэххэ, наукаҕа, доруобуйа харыстабылыгар, бырамыысалыннаска, култуураҕа, IТ-салааҕа, успуорка уонна физическэй култуураҕа үрдүк ситиһиилэрдээх көрүстүбүт. Бу маны барытын биһиги, Улуу Арассыыйа саамай бөдөҥ эрэгийиэнин олохтоохторо, түмсүүлээх үлэбитинэн ситистибит!
Эрэгийиэннээҕи баалабай бородуукта кээмэйинэн Уһук Илиҥҥэ инники күөҥҥэ таҕыстыбыт. Арассыыйа инвестицияҕа килиимэтин национальнай рейтинигэр эрэгийиэннэр ортолоругар 13-с уонна Уһук Илиҥҥэ 2-с миэстэҕэ тахсан, 15 бастыҥ ахсааныгар киирдибит. 2022 сыл түмүгүнэн Саха Өрөспүүбүлүкэтэ дьиэҕэ гааһы киллэрии ахсаанынан дойдуга бэһис, Уһук Илин эрэгийиэннэрин ортолоругар бастакы уонна “Уһук Илиҥҥи ипотеканан” кирэдьиити биэрии кээмэйинэн уонна ахсаанынан иккис буолла. Оттон IТ-өҥөлөр экспортарыгар Сахабыт сирэ Уһук Илиҥҥи уокурукка бастакы миэстэлээх.
Маны тэҥэ 2022 сылга оҕо төрөөһүнүнэн уонна нэһилиэнньэ айылҕа быһыытынан эбиллиитин көрдөрүүтүнэн Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэр ортолоругар бастакы уонна дойду үрдүнэн сэттис миэстэҕэ тахсыбыппыт дьоһун суолталаах.
Күндү Сахабыт сирин олохтоохторо!
Быйыл өрөспүүбүлүкэбит иккис үйэтин маҥнайгы сылыгар үктэннибит. Биһиги иннибитигэр төрүт үгэстэрбитин салгыыр, Ийэ дойдубут – улуу Арассыыйа чэчирии сайдарын туһугар айар-тутар улахан сорук турар!
Хотугу кыраайбытын салгыы сайыннарар дьоһун былааннаахпыт. Ити үлэ, бастатан туран, Сахабыт сирин нэһилиэнньэтин олоҕун тупсарыыга туһуланар. Ону ситиһэргэ дойдубут салалтатын өйөбүлэ, национальнай бырайыактар чэрчилэринэн көрүллэр үп-харчы уонна бэйэбит кыахпыт – барыта баар.
Бүгүн биһиги тутаах сорукпутунан дойдубутугар уонна анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар саллааттарбытыгар эрэллээх тыылы хааччыйыы, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөнү оҥоруу буолар.
Кэлэр кэскилбит туһугар, Кыайыы иһин элбэх омуктаах норуоппут биир сомоҕо буолара бүгүн хаһааҥҥытааҕар да быһаарар суолталаах. Ыарахаттары туоруурбутугар, сыалбытын ситиһэрбитигэр түмсүүлээх буоларбыт, Ийэ дойдубутугар тапталбыт уонна күүрээннээх үлэбит, күүстээх санаабыт төһүү буолуо диэн эрэнэбин.
Барыгытыгар кытаанах доруобуйаны, энчирээбэт эрчими, саҥа ситиһиилэри, дьолу-соргуну, үлэҕитигэр уонна тус олоххутугар кыайыыны-хотууну баҕарабын!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев.