Киһи бу олоххо туох баар үчүгэйи, кэрэни, үйэлээҕи оҕо сааһыттан, эһэтиттэн, эбэтиттэн, ийэтиттэн, аҕатыттан иҥэринэр. Эбээ, эһээ олорон ааспыт холобуругар сыһыаран, онно тирэҕирэн оҕону иитии саха киһитигэр былыр да, быйыл да суолтата үрдүк.
Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата иитии бу хайысхатынан “Төрүччү” бырайыагы үлэлэтэр. Бу бырайыак Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев “Мы – будущее России!” Укааһын уонна судаарыстыбаннай тыллары харыстыыр, сайыннарар программаны олоххо киллэрии чэрчитинэн ыытыллар. Оҕоҕо дьиэ кэргэн сыаннастарын эбээ, эһээ олорон ааспыт олохторугар тирэҕирэн иҥэрии бүгүҥҥү күҥҥэ ордук улахан суоталаах. Төрүттээх-уустаах киһи – сиргэ бигэ тирэхтээх. Оҕо төрөөбүт тиэргэниттэн төрдү-ууһу анааран көрүүтэ кини киһи буолан үүнэн, үрдээн тахсарыгар улахан оруоллаах.
“Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата V-XI кылаас үөрэнээччилэригэр “Дьиэ кэргэним төрдө-ууһа” диэн чинчийэр үлэ куонкуруһун биллэрбитэ. Сайаапкалары уонна үлэлэри тутуу сэтинньи 11 күнүгэр диэри ыытыллар. Бастыҥ үлэлээх оҕолор “Инникигэ хардыы” өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай конференцияҕа кыттар кыахтаналлар. Куонкурус балаһыанньатын манна киирэн көрүҥ.
Оҕо төрдүн-ууһун, эбээ, эһээ олоҕун билэрэ туохха нааданый?
Биһиги эбэбит Мотрена Егоровна Солдатова (Карамзина) Хабаровскай кыраай Аян-Майскай оройуонун Ньылханыттан төрүттээх эбэҥки эмээхсинэ этэ.
Төрөөбүт Ньылханын туһунан сирэйдиин-харахтыын сырдаан олорон кэпсиирэ. Ол аайы биһиги, сиэннэрэ оҕолор, ханна эрэ ыраах да ыраах Мая өрүс кытылыгар хайа тэллэҕэр Ньылхан диэн ааттаах олус кэрэ дойдуну харахпытыгар араастаан ойуулаан көрөрбүт. Уонна ол кэрэ дойдуга хаһан эрэ тиийиэхтээхпит дии саныырбыт. Ол “хаһан эрэ” диир кэммит быйыл дьэ туолла.
Ньылхан, үөһэ этэн аһарбытым курдук, Хабаровскай кыраай уһук хоту сытар Аян-Майскай оройуонугар киирэр, 800-кэ киһи олохсуйан олорор бөһүөлэгэ. Эһэбит Константин Гаврилович Солдатов (аҕабыт Анатолий Константинович Солдатов аҕата) 30-с сыллардаахха Ньылхаҥҥа учууталынан ананан барбыта. “Куорат сахата” диэн аатынан биллибит учуутал Аян-Майскай оройуонун биэс оскуолатыгар – Аимҥа, Немуйга, Тоттоҕо, Джигдаҕа, Ньылхаҥҥа учууталынан, алын кылаас оскуолаларын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Бэйэтин кылгас олоҕун 17 сылын бу хотугу кыраай үөрэхтээһинин сайдыытыгар анаабыта. Эбэбитин эбэҥки кыыһын кытта олоҕун холбоон, оҕо-уруу төрөтөн удьуор хаанын ууһаппыта.
1948 сыллаахха түөрт оҕотун, кэргэнин илдьэ Ньылхантан дойдутугар Амма Эмиһигэр көһөн кэлбитэ. Дойдутугар кэлэн үс эрэ сыл буолан баран, ыарахан ыарыыттан төлөрүйбэккэ, олохтон туораабыта. Эбэбит биэс оҕотун кытта саха дэриэбинэтигэр соҕотох олорон хаалбыта. Кини биһиэхэ, бэйэтин олоҕун холобуругар сыһыары тутан, норуоттар икки ардыларыгар баар доҕордуу, истиҥ сыһыан тугунан да сыаналаммат күндү баай, тирэх буоларын туһунан дириҥ санааны иҥэрбитэ. “Олоҕум ыарахан күннэригэр саха дьонун сүрэҕин сылааһын билбитим”, – диэн иккис дойдута буолбут Эмиһин дьонугар-сэргэтигэр куруук махтанар этэ. «Эһэҕит Көстөкүүн бэйэтин кылгас олоҕор эр киһи сирдээҕи олоҕун дьолун билбитигэр эбэҥки норуотугар эрэллээх, хорсун-хоодуот кыыһы бэлэхтээбитигэр дириҥ махталлаах бу орто дойдуттан барбыта», – диэн кырдьаҕастар ахтан ааһаллара.
83 сааһыгар диэри олорбут эбэбит Мотрена Егоровна олоҕор биир улахан ыра санаалааҕа – дойдутун Ньылханын көрүөн, дьонун-сэргэтин көрсүөн, төрөөбүт эбэҥкитин тыыннаах тылын истиэн баҕарара. Ол ыра санаатын 74 сааһыгар толорбута. 1993 сыллаахха 45 сыл буолан баран, улахан сиэнин Владимир Анатольевич Солдатовы кытта дойдутугар Ньылхаҥҥа тиийэ сылдьыбыта. Сирэйдиин-харахтыын сырдаан, эрчимирэн кэлбитин өйдүүбүт. “Дьэ уонна туох да санаата-оноото суох аннараа дойдуга аттаныахпын сөп. Эбэҥким тылын, көр, умнубатах эбиппин ээ”, – диэн эппитин өйдөөн хаалбыппыт. Кыра мөһөөччүккэ дойдутун буорун уктан аҕалбыт этэ. Ону кэмиттэн кэмигэр ылан сыттыыр, эҕэрийэр, улаханнык дуоһуйар этэ. Эбэбит олоҕун холобуругар биһиги, сиэн оҕолор, туох да такайыыта, анал үөрэтиитэ суох, киһиэхэ төрөөбүт дойдута, ийэ тыла диэн хайдах курдук дириҥ суолталааҕын билэ улааппыт эбиппит.
Аны 30-ча сыл буолан баран эбэбит дойдутугар Ньылхаҥҥа быйыл биһиги, сиэннэрэ уонна төрөппүт кыыһа, Чурапчы олохтооҕо, педагогическай үлэ ветерана Александра Константиновна Барашкова тиийэ сырыттыбыт. Бу кэмҥэ диэри суругунан эрэ билсэ олорбут хаан-уруу аймахтарбытын кытта умнуллубат күннэри атаардыбыт. Төһөнөн хоту түһэн иһэҕин да, соччонон дьон өйө-санаата ыраас, кэрэҕэ-сырдыкка тардыһыыта күүстээх буолара манна эмиэ көстөр. Тиэргэннэрин иһэ толору сибэкки, оҕуруот арааһа, дьэдьэнтэн саҕалаан бөрө отугар тиийэ. Таас хайа эҥиэтигэр олохсуйан олорор буоланнар, наар өрө дабайан тахсаҕын. Ол аайы Ньылхан айылҕатын киэҥник хабан көрөҕүн.
Олохтоохтор сүрүн дьарыктара – булт, балык. “Таба иитиитэ, урукку кэмҥэ холоотоххо, мөлтөх эрээри, төрүт дьарык быһыытынан илдьэ сылдьабыт” дииллэр. Аҕыйах да буоллар, сүөһүнү тутан олорор ыал эмиэ баар.
Эбэҥки тылын, төрүт култууратын, өбүгэ аһын-үөлүн, оһуорун-мандарын омук быһыытынан иҥэринэн илдьэ сылдьаллар. Сүрүн кэпсэтэр тыллара нууччалыы эрээри, эбэҥки тылын күннээҕи олохторугар холкутук тутталлар, кэпсэтэллэр, олус минньигэстик саҥараллар.
Дьиэлэрин, социальнай эбийиэктэрин барытын маһынан оттоллор. Таас чох, гаас диэн манна суох. “Биһиги үйэбитигэр гаас ситимэ тардыллыа диэн улаханнык итэҕэйбэппит” дииллэр олохтоохтор. Оттук мастарын туспа сарайдаан, хаартан, силбиктэн хаххалаан хааччыналлар эбит.
Райпо маҕаһыына сэбиэскэй кэмтэн туох да атына суох ньиргиччи үлэлии турар. Ону кытта чааһынай маҕаһыыннар эмиэ бааллар. Оройуон кииниттэн Аянтан Охотскай муора пордуттан хааччыллан олороллор. Маҕаһыын аайы киһи наадыйар бородууктата, табаара барыта баар, сыаната да сөбүгэр.
Ньылхаҥҥа баар краеведческай музей сыаннаһа олус улахан. Аян-Майскай сирин-уотун, историятын, этнографиятын туһунан кэпсиир матырыйааллары барытын өр сыл устата бу музей сыралаһан муспут, түмпүт. Манна биир бастакынан “тайҕа историятын үрүҥ бээтинэлэрин” туһунан кэпсиир матырыйааллар көрдөрүүгэ тураллар. Саҥа былаас олохтонуутун мөккүөрүгэр тыыннарын толук уурбуттарга аналлаах паамытынньык, мэҥэ таастар, кинилэр ааттарынан уулуссалар бааллар.
Ньылхаҥҥа Хабаровскай кыраай үрдүнэн мастан тутуллубут собус-соҕотох таҥара дьиэтэ баар. Бу 1915 сыллааҕы тутуу. Тугун да уларыппакка туран, 1991 сыллаахха саҥардан, тупсаран биэрбиттэр. “Таҥара дьиэтэ биир сомоҕо санаанан бэйэ-бэйэбитин өйдөһөн олоруубутун түмэр” диэн олохтоохтор бэлиэтииллэр.
Ньылхаҥҥа айаммыт биир умнуллубат түгэнинэн оскуола үөрэнээччилэрин кытта көрсүһүүбүт буолла. Эһэбит Константин Гаврилович Солдатов аатын үйэтитэр сыаллаах кыыһа Александра Константиновна Барашкова алын кылаас бастыҥ выпускниктарыгар Павел Пановка уонна Кон Артемҥа аҕатын аатынан бириэмийэлэри туттарда. “Биһиги хотугу Ньылхаммытыттан силистэммит дьиэ кэргэн үтүө өйдөбүлүттэн бары да олус долгуйдубут. Ийэ, аҕа, эбээ, эһээ олорон ааспыт олоҕун сыаналаан, онно тирэҕирии ханнык да кэмҥэ суолтата үрдүк”,- диэн бэлиэтээтэ Ньылхан оскуолатын дириэктэрэ Нина Григорьевна Пахомова.
Эһэбит үлэлээн, олорон ааспыт эргэ интернат дьиэтэ ордон турар эбит. Дойдубут буорун, аймахтарбыт сүбэлэринэн, манна уурдубут, үйэлээх өйдөбүл ыччаттарбытыгар салҕана турдун диэн баҕа санаалаах.