“Азия оҕолоро” VIII норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыгар биһиги оскуолабытыттан VIII кылаас үөрэнээччитэ Айтал Григорьев баар. Кини өрөспүүбүлүкэ чиэһин чэпчэки атлетикаҕа көмүскүөҕэ. Бу күннэргэ биһиги Айталы көрсөн интервью ыллыбыт.
Айтал Григорьев Чурапчы улууһун С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолатын VIII кылааһын үөрэнээччитэ. “Азия оҕолоро” VIII норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга чэпчэки атлетикаҕа Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ. Сүүрүүгэ Арассыыйа чемпиона. 2500 м мэһэйдээх сүүрүүгэ I миэстэ ( Ярославль к.), 3000 м. II миэстэ, эстафетаҕа III миэстэ. Сүүрүүгэ I миэстэ (Пенза к.)
– Айтал, бастатан туран, эйигин Владивосток куоракка ыытыллыбыт “Приморская весна” Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһиигэ чөмпүйүөн үрдүк аатын сүкпүккүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
– Махтал!
– Сүүрүү секциятыгар хайдах кэлбиккиний?
– Сүүрүү иннинэ теннискэ, театральнай куруһуокка дьарыктаммытым. Биир күн тренерим Реворий Михайлович “сүүрүүгэ кэлээр эрэ, күрэххэ барарга дьарыктаныахпыт” диэн ыҥырбыта. Тиийбитим. Дьарыктаммытым. Күрэххэ баран, миэстэлэһэн кэлбитим. Онтон санаам көтөҕүллэн, күн аайы дьарыктанар буолбутум. Итинник 11 сааспыттан сүүрэбин.
– Дьарыгын хайдах быһыылаахтык барарый?
– Сарсыарда сэрээккэлээн баран сүүрэбин уонна үөрэх кэнниттэн эбиэттэн киэһэ дьарыктанабын. Дьарыкпыт туспа хаамыылардаах, ону тутуһабын.
– Айтал, сүүрүүгэ сүрүн сыалыҥ-соругун тугуй?
– “Азия оҕолорун” оонньууларыгар кыттабыт диэн соругу тренерим икки сыл аннараа өттүгэр туруорбута. Тоҕо диэтэххэ, сааһым, сүүрэр дистанциям барыта сөп түбэһэр. Бу улахан табыллыы дии саныыбын. Холобур, сорох сүүрэр оҕолор саастара, төрөөбүт сыллара кыл мүччү хапсыбата. Онон миэхэ “Азия оҕолоругар” кыттарга, нууччалыы эттэххэ, шанс баарын мүлчү тутуо суохтаахпын диэн соругу бэйэбэр күүскэ туруоруммутум.
Киһи сыаллаах-соруктаах дьарыктанар буоллаҕына, инникигэ эрэллээх, эппиэтинэстээх уонна бэйэтигэр ирдэбиллээх буолар.
– Айтал, күрэхтэһэр диэн ыарахан бөҕөтө буолуо.
– Хас биирдии күрэх киһини тургутар. Бастакы улахан күрэххэ кыттарбар, Нам сүүрүгэр хотторбутум. Онно аҕам: “Кыранан да хоттордун, ситиэххин сөп этэ”, – диэбитэ. Ону мин: ”Негр этэ, ол иһин сиппэтэҕим”, – диэбиппин дьонум билигин да санаан күлэллэр. Итинник, киһиэхэ психологическай барьер диэн баар буолар. Ону суох гынарга өй-санаа өттүнэн эмиэ үлэлиигин. Арассыыйа, Дальнай Восток таһымнаах күрэхтэргэ кыттарга элбэх тургутугу ааһаҕын: климат уларыйара, киһи доруобуйатын туруга, чааһын уратыта, айан сылаата о.д.а. Ол барыта мунньуллан, улахан уопуту биэрэр.
– Соҕуруу куораттарга дьарык туох туһаны биэрэрий?
– Соҕуруу сборга баран, толору дьарыгы оҥоробут. Бу олус элбэҕи биэрэр.
– Ыраах сылдьан дойдугун ахтарыҥ буолуо.
– Оннук. Ордук дьоммун ахтабын, аспын суохтуубун.
– Сборга сылдьар кэмнэргэр үөрэххин хайдах ситиһэҕиний?
– Сорудахтары толорон ыытабын. Чаас уларыйыылаах буолан, ыарахаттардаах соҕус буолааччы. Уонна манна баар кэммэр эрдэттэн былааннаан ситиһэбин.
– Айтал, интервьюҥ иһин махтал! Дьулуурдаахтык дьарыктанан, оскуолабыт, нэһилиэкпит, улууспут, өрөспүүбүлүкэбит аатын ааттата тураргар баҕарабыт.
– Эһиэхэ эмиэ улахан махтал!
Айна БАНДЕРОВА, VI кылаас, Алёна КСЕНОФОНТОВА, VII кылаас,
С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы