Хадаар нэһилиэгин баһылыга Афанасий Афанасьевич Степановы кытта интервьюбутун билиһиннэриэхпит иннинэ, кини туһунан кэпсиэхпитин баҕарабыт.
Афанасий Афанасьевич Степанов 1966 с. Хадаар нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
1981 с. Хадаар аҕыс кылаастаах оскуолатын бүтэрбитэ.
1983 с. Дириҥ орто оскуолатын физмат кылааһын бүтэрбитэ. «Оскуола – производство – үрдүк үөрэх» диэн бачыымы өйөөн, икки сыл сопхуоска үлэлээбитэ. Салгыы аармыйаҕа сулууспалаан, Ийэ дойдутугар ытык иэһин төлөөбүтэ.
1987-1992 сс. Саха госуниверситетыгар инжинернэй-техническэй факультекка үөрэнэн, үрдүк үөрэхтэммитэ.
1992 с. Хадаар нэһилиэгин дьаһалтатыгар специалиһынан үлэтин саҕалаабыта.
1996 с. Дьокуускайга көһөн киирэн, уон сыл үлэлээбитэ. Ол кэнниттэн дойдутугар төннөн, Чурапчыга, Хадаарга үлэлиир.
2021 с. Хадаар нэһилиэгин баһылыгынан талыллыбыта.
Кэргэннээх, үс оҕолоох. Оҕолоро үөрэхтэрин бүтэрэн, бары ыал буолан үлэлии-хамсыы олороллор.
– Афанасий Афанасьевич, дьэ кэпсэтиибит сүнньүгэр киириэххэ. Хадаар нэһилиэгигэр дьон олохсуйуута хайдаҕый диэн көрөҕүнүй?
– Хадаар нэһилиэгигэр кэнники сылларга сайдыы барда диэн бэлиэтиибин. Быйыл гааспыт киирэн, ону тэҥэ үгүс социальнай объектар тутулланнар дьон-сэргэ олохсуйарыгар усулуобуйа баар. Сайдыы баар буоллаҕына, ыччат тыа сиригэр тардыһар, талаһар. Онуоха Хадаарга биир сүрүн хайысхабыт гаас кэлиитэ буолар. Чугастааҕы сылларга нэһилиэк тас көстүүтүн тупсарыыга үлэ күүскэ барыаҕа. Тыа хаһаайыстыбатыгар уонна предпринимательство өттүгэр улахан хамсааһыннары таһаарбыт киһи диэн былааннаахпыт. Дохуоттаах, кыахтаах нэһилиэккэ дьон хаһан баҕарар талаһар, тардыһар.
– Афанасий Афанасьевич, биһиги нэһилиэкпитигэр былыр туох дьон олорон ааспыттарын туһунан кылгастык билиһиннэриэҥ дуо?
– 2013-2014 с. Хадаар историятын туһунан кинигэ таһаарбыпыт. Бу кинигэни нэһилиэкпит историятын үөрэтэн, чинчийэн үөрэппит Иннокентий Иннокентьевич Давыдов суруйууларыгар олоҕурбута. Балтыта Августа Иннокентьевна Дячковская, Марфа Николаевна уонна анал хамыыһыйа сылтан ордук кэм устата үлэлээннэр, бу дьоһун кинигэ күн сирин көрдө. Биһиги нэһилиэкпит дириҥ историялаах. Өссө 1637 с., 1639 с. сурукка-бичиккэ киирбитэ биллэр. Иван Галкин диэн нуучча хаһааҕа дьаһаах хомуйа кэлэ сылдьан, Амма өрүһүнэн кэлэ сылдьыбыт. 1637 с. бу Иван Галкин дьаһаах кинигэтигэр төһө киһи дьаһаах туттарбытын бэлиэтэммитэ баар.
Билигин Хадаар нэһилиэк быһыытынан хас сыллаахха тэриллибитин туһунан архыып докумуоннарын үөрэтии, чинчийии үлэтэ бара турар. Манна биллэр учуонайдарбытын кытта тэҥҥэ үлэлэһэбит.
Архыып докумуоннарынан сирдэттэххэ, Хадаар олох түҥ былыр Хатылы нэһилиэгин састаабыгар киирэн сылдьыбыт. Бу туһунан бэйэтин көрүүлэрин оскуолабыт урукку дириэктэрэ, учуутал Петр Васильевич Божедонов хасыһан үөрэтэн хаалларбыта баар.
Хадаар тоҕус Герой-ийэлээҕинэн биллэр. Кинилэр 99 оҕону төрөтөн, оҕолоро оскуолабытыгар үөрэнэн, үөрэхтэнэн, үлэһит, ыал дьон буолан, үгүстэрэ Хадаарга олохсуйан олороллор. Кинилэр оҕолоро-уруулара, сиэттэрэ, хос сиэттэрэ нэһилиэкпит сүнньүн тутан олороллор. Тоҕус Герой-ийэлэрбитин нэһилиэкпитин нэһилиэк оҥорбут дьоннорбут диэн улаханнык сыаналыыбыт. Маны сэргэ үлэ туйгуннара Агафья Тарасовна Кузьмина, Марфа Васильевна Софронова, Александра Васильевна Спиридонова, Мария Егоровна курдук үлэһит дьоннорбутунан киэн туттабыт.
– Афанасий Афанасьевич, билигин төһө сүөһүлээхпитий-астаахпытый?
– Сылгыбыт ахсаана – 600-тэн тахса, сүөһүбүт – 1000-тан тахса. Сотору идэһэ кэмэ сҕаланар. Ол кэнниттэн биллиэҕэ – төһө сүөһүлээх-астаах кыстыкка киирэрбит.
– Нэһилиэкпит саамай улахан ситиһиитэ, Эн санааҕар, тугуй?
– Биллэн туран, саамай улахан ситиһиибит гаас киириитэ буолар. Тыа сирин сайдыытыгарн төһүү күүс буолар биир улахан хардыыны оҥордубут. Ону таһынан экологияҕа улахан суолталаах боппуруоһу быһаардыбыт. Маспытын-оппутун мантан инньэ кэрдибэт буолабыт. Тыа сирин дьоно сылаас дьиэҕэ-уокка олоруохтара. Аны дьоммут дьиэлэригэр толору хааччыллыыны киллэриэхпит диэн былаанныыбыт.
– Оттон сүрүн кыһалҕабыт тугуй?
– Сүөһү-ас ииттэн олорор тыа дьонугар срүн кыһалҕабыт – оппут-маспыт буолар. Быйыл от үүнүүтэ үчүгэй. Инньэ гынан кыстыкка улахан кыһалҕата суох киирэн эрэбит диэн испитигэр үөрэбит. Бүгүҥҥү күҥҥэ тирээн турар сүрүн кыһалҕабыт суолбут боппуруоһа буолар.
– Афанасий Афанасьевич, Эн санааҕар, биһиги оҕолор Хадаар олохтоохторо буолан тураммыт, нэһилиэкпитигэр тугунан көмөлөһүөхпүтүн сөбүй?
– Оҕолорбут үөрэнэн, идэ ылан баран, тыа сиригэр төннө тураллара буоллар диэн наар саныыбын. Урут биһиги саҕана «оскуола – производство – үрдүк үөрэх» диэн үлэбитин хайаан да сопхуостан, тыа хаһаайыстыбатыттан саҕалыыр этибит. Ол кэмҥэ түбэспит оҕолор тыа хаһаайыстыбатыгар, тыа сиригэр наһаа күүскэ сыстыбыппыт. Билигин атын кэмҥэ олоробут. Ол гынан баран, тыа хаһаайыстыбатыгар оҥорон таһаарыыны бизнес курдук ылынан, оннук тэринэн үлэлиир кыах баар. Ити өйү-санааны оҕолор күүскэ иҥэринэн улаатыаххытын баҕарабын.
– Түмүккэ, оҕолорго баҕа санааҥ?
– Доруобуйаҕытын оҕо эрдэххититтэн харыстааҥ, көрүнэ сылдьыҥ. Бэйэҕит икки ардыгытыгар эйэлээх, доҕордуу, истиҥ сыһыаннаах буолуҥ!
Алена КСЕНОФОНТОВА, Иванна НИКОЛАЕВА,
Ванесса ЧУВАШОВА, Хадаар, Чурапчы