Мин аатым Изольда Слепцова, Өлөөкө-Күөл Г.Г. Софронов аатынан агрофермерскэй хайысхалаах орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэбин. Мин быйыл иис уруогар сиэлтэн станокка көбүөр оҥорорго үөрэнним. Учууталым норуот маастара – Варвара Иннокентьевна Винокурова. Кини сылын аайы оҕолору сылгы сиэлиттэн-кылыттан араас ньыманан оҥоһуктары оҥорорго үөрэтэр. Онон быйыл иккиэн саҥа ньыманан оҥорон көрөргө сананныбыт, үлэбит аата «Станокка сиэлинэн көбүөр».
Үлэм тоҕоостооҕо. Технология сайдан иһэринэн кэнники кэмҥэ төрүт дьарыгынан дьарыктаныы муода буолла. Сылгы сиэлинэн-кылынан араас ньымалары туттан кэрэ көстүүлээх сөрүөлэри, көбүөрдэри оҥорор буоллулар. Бу ньыманан үлэбит үчүгэй түмүктээх буоларыгар биһиги чэнчис, болҕомтолоох уонна тулуурдаах буолуохтаахпыт.
Үлэм кыһалҕата. Билиҥҥи кэм ирдэбилинэн үгүс саха киһитэ сиэлинэн кылынан дьарыктанара элбээбит. Дьиэлэригэр кэрэ көстүүлээх, кыраһыабай көбүөрдэри, харысхаллары киһи элбэхтик көрөр. Саха итэҕэлин сиэринэн дьөһөгөй айыыга сүгүрүйүү улахан суолталаах буолла. Дьөһөгөй оҕотуттан сиэли ыламмыт матырыйаал гынан араас оҥоһуктары, дьэрэкээн көстүүлээх киэргэллэри оҥостор буоллулар. Сиэл киһи доруобуйатыгар туһалаах уонна эмтиир суолталаах
Үлэм сыала: Кыраһыабай көстүүлээх көбүөрү станокка оҥоруу.
Үлэм соруктара:
- Кылы- сиэли көрөн араарыы.
- Гобелен ньыматынан көбүөр оҥоруу
- Былыргы ньыманан хатыллыбыт ситиинэн станокка көбүөр оҥорон таһаарыы.
- Түмүгү сыаналааһын
Суолтата
- 1. Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга интэриэһи тардыы.
- 2. Истиэнэҕэ ыйанар киэргэли саҥалыы тупсаран оҥоруу.
- 3. Сахалыы киэргэли олоххо таба туһаныы, туттуу.
Үлэм хаамыыта
- Фанера кырыыларын дьөлөҕөстөтөлөөн станок оҥостубуппут.
- Ситии хатар станок чулка аҥарыгар шинаны тиирэн оҥоруу.
- Үс араас ситиилэри станокка хатаммыт бэлэмниибит.
- Көбүөрбүт сүрэҕин күн эргииринэн эргитэн ситиилэринэн туттарабыт.
- Сүрэҕэр түөрт ситиини тигэбит.
- Ситиилэрбитин дьөлөҕөстөргө баайталыыбын. Бу көбүөрбүт уопсай тутула.
- Иккилии ситиини ситиилэр быыстарынан эрийэн туттарабыт. Көбүөрбүтүн салҕыыбыт.
- Эбии ситиилэри туттартааммыт дьөлөҕөстөргө баайталыыбыт уонна эмиэ иккилии ситиини ылан үлэбитин салҕыыбыт. Биир ситии балтараа миэтирэ уһуннаах буолар. Бүттэҕинэ салҕыы атын ситиини холбуу тутаммыт баайталыыбыт. Үлэбит бүттэҕинэ ситиилэрбитин сүөртэлиибит көстүбэт гына иннэннэн тигэбит. Көбүөр бэлэм буоллаҕына итии мыылалаах ууннан сууйабыт, хатарабыт. Көбүөр бэлэм буолла.
Түмүк
Бастаан оҥорорбор ыарахан курдук этэ, онтон хас биирдии ситиини иилэн истэххинэ, көбүөрүм тэнийэн, улаатан иһэриттэн сөбүлээн, тартаран испитим.
Сылгы сиэлэ наһаа элбэх араастардаах эбит. Ол өҥнөрү наардаан, ойуулаан дьэрэкээн көстүүлээх көбүөрдэри оҥоруохха сөп эбит дии санаатым. Бу бастакы көбүөрүм, онтон атыттары араастык ойуулаан көрүөм.
Оҕолоор, эһиги эмиэ иллэҥ кэмҥитин туһалаахтык атаарыҥ.
Изольда Слепцова, 6 кылаас үөрэнээччитэ,
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.