Аммаҕа ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар эдэр олоҥхоһуттар күрэстэригэр Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан Станислав Иванов кыттыыны ылла. Кини бэйэтэ айбыт “Хорсун хоодуот Хатан Боотур” олоҥхотун толорорун Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев сэргээн иһиттэ.
Мин эдэр олоҥхоһуту көрсөн кэпсэттим.
“Олоҥхону саҕалым иннинэ хомуллабын”
Олоҥхобун саҕалыам иннинэ хомуллабын, тылбын-өспүн чочуйан, өйбүн-санаабын сааһылыыбын. Туохха да арылдьыйбакка олбохпун буллум да, сыыйа турукка киирэн, олоҥхобун саҕалыыбын.
“Уһуйааччы таһымыгар тиийэ иликпин эрээри…”
Олоҥхоҕо уһуйааччы диэн таһымҥа тиийэрим ыраах курдук эрээри Мэҥэ Хаҥалас улууһугар “Манчаары ыччаттара” диэн бөлөхтөөхпүт. Эдэр дьон түмсэн кыралаан олоҥхолуубут. Эһиилги Олоҥхо ыһыаҕар кыттыыны ылыахпыт диэн эрэнэбит. Уһуйааччы буолар диэн эппиэтинэстээх үлэ дии саныыбын. Олоҥхону толорор киһитин аахтарарыгар тылын-өһүн, майгытын, тутта-хапта сылдьарын, ханнык уобараска барсарын – барытын көрөн, ымпыктаан-чымпыктаан ырытар. Тутатына көрөн баар итэҕэстэрин көннөрөн, сүбэлээн-амалаан биэрэр.
“Кыайтарыы кыһыытын билбэккэ, кыайыыга кылыйан тиийбэккин”
Олоҥхоҕо оҕо сааспыттан сыстыбытым. Бастаан утаа бухатыыр, Сорук-Боллур оруолларын толорбутум. Онтон устудьуоннуур сылларбыттан саҕалаан соҕотоҕун олоҥхолуур буолбутум. Олоҥхо түһүлгэлэригэр анал ааттары ылан ситиһиилэнэн барбытым. Аҕам биирдэ маннык эппитэ: “Олоххо хоттордоххуна хаһан да хомойбот буол. Кыайтарыы кыһыытын билбэккэ, кыайыыга кылыйан тиийбэккин”, – диэн. Аҕам эппит тылларын умнубаппын. Бу тыллар олохпун кынаттыыллар. Олоҥхо күрэҕинэн эрэ буолбакка, өйбөр-санаабар, саҥарар тылбар-өспөр, олоххо көрүүбэр сүрдээҕин туһалыыр.
«Эйгэ баар буоллаҕына оҕо олоҥхоҕо сыстар»
Икки оҕолоохпун. Кырам икки саастаах, улаханым биэстээх. Эбэлэрэ уонна мин олоҥхолуурбун истэллэр. Эйгэ баар буоллаҕына оҕо олоҥхоҕо сыстар. Биирдэ оҕом: “Улахан саҥалаах бухатыыр уола субу курдук диэн туойбут үһү”, – олоҥхо тылынан саҥаран-иҥэрэн, уруй-айхал бөҕөтө этэн соһуппута. Ол эбэтэ үөрэппит. Билигин тылын-өһүн чочуйан, биирдии, иккилии строканан кыралаан олоҥхону ааҕабыт. Этэҥҥэ буоллаҕына, оҕолорбун олоҥхоҕо үөрэтиэм дии саныыбын.
Эрчим НИКОЛАЕВ, VIII кылаас,
В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата, Амма