Былырыын 2021-2022 үөрэх дьылыгар, саас Бороҕоҥҥо V улуустааҕы спидкубинг турнира – кубик Рубигы түргэнник бириэмэҕэ хомуйууга күрэх буолан ааспыта. Улуустааҕы оҕону эбии үөрэхтээһин киинин көҕүлээһининэн, Саха сирин Спидкубиҥҥа Федерацията кыттыылаах тэрээһин этэ. Ол курдук, Федерация председателя — Пахомов Дмитрий Алексеевич, үс судьуйатынаан кэлэннэр, күрэҕи Аан Дойдутааҕы кубик ассоциациятын (WCA (World Cube Association) быраабылатынан, таймердардаах, таблолаах, скрамблер экраннаах (анал бэрээдэгинэн кубигы ыһыы) ыытаннар, олус интэриэһинэй, ааспыт сыллардааҕар уратылаах күрэх буолан ааспыта.
Оҕолор 3 араас категориянан кыттаннар – кыайыылаахтар дипломнарынан, мэтээллэринэн, бэлэхтэринэн наҕараадаламмыттара. Мин эмиэ кыттыыны ылбытым, сэргэх оонньууттан олус элбэх саҥа арыйыылары билбитим.
Мүрүтээҕи 1 №-дээх оскуола IV «б» кылааһын үөрэнээччитэ Айтал Готовцев ийэтинээн Екатерина Владимировналыын, араас киһи өйүн сайыннарар кубиктарын, головоломкаларын быыстапкаҕа коллекцияларын туруорбуттара. Онтон «JOY» маҕаһыын араас бэлэхтэри уонна киһи өйүн сайыннарар оонньуулары, сувенирдары аҕалан атыылаан сэргэхсиппиттэрэ.
Мин Валентин Павлов диэн судьуйа уол, ыһыллыбыт кубик Рубигы хараҕын саба баайтаран баран, көрбөккө эрэ хомуйан көрдөрбүтүн олус сэргээбитим уонна сөхпүтүм.
Быйыл үгэс быһыытынан, спидкубинг турнира ыытыллыахтаах. Ол курдук, кубик Рубик 3х3, 2х2 хомуйуута уонна головоломка таһаарыыта эбии баар буолуохтаах. Биһиги убайбынаан кыттаары бэлэмнэнэ сылдьабыт. Улуус оҕолорун кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт. Кулун тутар 14 күнүгэр олус интэриэһинэй, сонун кыттааччылардаах күрэх буолуо диэн эрэнэбин.
Айхал Леонтьев, Мүрү 1 №-дээх оскуолатын 6 «г» кылааһын үөрэнээччитэ,
«Өркөн» оҕону эбии үөрэхтээһин киинин «Ментальнай арифметика» куруһуок иитиллээччитэ.