Кэнники сылларга оҕону бары өттүнэн сайыннарыыга ураты болҕомто ууруллар буолла. Ол үтүө дьыалаҕа бэйэтин кылаатын СӨ наукатын дьоҕус академията (Малая академия наук) киллэрэр.
СӨ бастакы Президенэ М.Е. Николаев этиитинэн 1999 с. Өктөмнөөҕү “Өлүөнэ дойдута” форум тэриллибитэ. Форум диэн аат сүрүн өйдөбүлэ: “Дьон мустан кэпсэтэр, санаа, уопут атастаһар сирдэрэ”.
Бүгүн МАН үлэтин туһунан ректор Василий Климович ПАВЛОВ кэпсиир.
Василий ПАВЛОВ 6 сааһыттан Москватааҕы университекка үөрэнэр сыал туруорунан, ол туһугар бэйэтэ баҕаран туран дьарыктаммыта, үөрэммитэ.
Эһэтэ, РСФСР уонна САССР үтүөлээх учуутала, биолог Иван Степанович Игнатьев уһуйуутунан кыра эрдэҕиттэн латыын, француз, ньиэмэс тылларын кытта билсибитэ. Эһэтэ былыргы грек мифтэрин, Гомер “Одиссеятын”, “Илиадатын”, Пушкин, Лермонтов хоһооннорун нойосуус ааҕарын истэн улааппыта. «Юный натуралист», «Наука и техника», «Квант», о.д.а.15 араас сурунаалы суруйтарара.
«В мире науки» сурунаалы суруйтаран, академик Сергей Петрович Капицаттан эҕэрдэ сурук туппута – Урал нөҥүө тайаан сытар, элбэх куораттардаах, нэһилиэнньэлээх улахан сиргэ Вася соҕотох эрэ бу сурунаалы суруйтарар эбит!
Уһун өрөбүлүгэр Дьокуускайга кэлэн, бибилэтиэкэлэргэ олорон, кинигэ ааҕан тахсара. Орто сүһүөх кылаастан хайыы-үйэ МГУ кэтэхтэн оскуолатыгар дьарыктанара, олимпиадаларга ситиһиилэнэрэ, сайыҥҥы оскуолаҕа тиийэн үөрэнэрэ.
Онон Элгээйи оскуолатын кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрэн, МГУ-га кэбэҕэстик киирбитэ. Москва уобалаһыгар чинчийии ыытан, урут биллибэт папоротник көрүҥүн арыйан, МГУ биология факультетыттан соҕотох кини эрэ анал стипендия хаһаайына буолбута.
Магистратураҕа Англия Шеффилд уонна Лидс университеттарыгар үөрэммитэ. Докторантураны эмиэ Англияҕа баран, философия доктора учуонай истиэпэнин ылбыта. Ол сылларга Новай Зеландияҕа, Австралияҕа олоро, үлэлии сылдьыбыта. Омук дойдуларыгар олус интэриэһинэй дьону кытта ыкса билсибитэ, доҕордоспута: хоруол дьоҕус бэчээтин харайааччы (хранитель) лорд Джеллико, крестоносец удьуора сэр де Монфорт, Терри Пранчетт суруйааччы сыдьааннара Коатс дьиэ кэргэннэрэ уо.д.а.
Ол да иһин, Василий Климович саха оҕолоро киэҥ эйгэҕэ тахсалларыгар ис сүрэҕиттэн баҕарар, ол туһугар бары сыратын ууран үлэлиир.
Дьоҕурдаах оҕо дойдутун сайыннарар
– Михаил Ефимович “Өлүөнэ дойдута” форуму тэрийэригэр биир маннык сүрүн сыалынан салайтарбыта: өрөспүүбүлүкэбит ханнык баҕарар оскуолатыгар үөрэххэ дьоҕурдаах, наукаҕа тардыһыылаах оҕолор бааллар.
Биллэн турар, кинилэри хомуйан ылан, биир сиргэ тутан олорон үөрэтиэххэ сөп. Ол гынан баран, оччотугар ол кинилэри ииппит-үөрэппит оскуолалара “ньам” баран хаалар, чаҕылхай үөрэнээччитэ суох буолар. Ол оннугар кэмиттэн кэмигэр бу оҕолору хомуйан ылан үөрэттэххэ, сайыннардахха, биллиилээх дьону, учуонайдары кытта алтыһыннардахха, ордук туһалаах.
Бу оҕолор оскуолаларыгар төннөн, олохтоох үөрэнээччилэр сайдалларыгар, инникигэ дьулуһалларыгар холобур буолаллар. Онон оскуолалара, дойдулара сайдарыгар олугу уураллар.
Бастыҥнары иитии
– Биһиги лидердэри, ол аата бастыҥнары иитэр сыаллаахпыт. Үрдүк “мотивациялаах” оҕолору эрдэттэн сайыннардахха элбэҕи ситиһэллэр. Лидер диэн инникини көрөр, дьону өйдүүр киһи буолар. Ис муударастаах диэххэ сөп. “Тоҕо маннык буоларый? Бу тугунан түмүктэниэй?” – диэн ис хоһоонноох ырытар-ырыҥалыыр ыйытыылары бэйэтигэр туруорунар киһи буолар. Дьону бииргэ түмэр, бэйэтэ эрэ буолбакка, чопчу дьону сайыннарар санаалаах буолуохтаах. Онон маннык ураты өйдөөх-санаалаах оҕолору таба көрөн, сайыннардахха, элбэҕи ситиһэр кыахтаналлар. Биһиги онно үлэлиибит.
Наукаҕа, чинчийиигэ
– Өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиадалар 1966 сылтан ССРС норуодунай учуутала Михаил Алексеев көҕүлээһининэн саҕаланыахтарыттан ыла, билигин дириҥ силистээх-мутуктаах, үчүгэй бэлэмнээх үөрэтээччилэрдээх, оҕо кыаҕын толору арыйар киэҥ хамсааһын буолла. Билигин оҕолор 40-ча хайысханан ыытыллар олимпиадаҕа кытталлар. Ити ситиһиинэн мунурдаммакка, билигин олох ирдэбилин да быһыытынан, Россия, өрөспүүбүлүкэ салалтата туруорар соруктарын да быһыытынан, бу хамсааһыны өссө кэҥэтэн, оҕо аймах научнай, эксперименниир үлэҕэ балысханнык киирэрин ситиһиэхтээхпит. Оҕо бэйэтэ илиитинэн тутан-хабан, оҥорон, айан таһаарара олус наадалаах. Чинчийиинэн дьарыктанар киһи, уопсастыбаҕа элбэх туһаны аҕалар. «Тоҕо маннык буоларый?» – диэн ырытар толкуйдаах, саҥаны билэ сатыыр лидер киһини иитиэхтээхпит.
Эмиэ сатабыл
– МАН ханнык баҕарар тэрээһинигэр кыттар оҕолор бэйэ-бэйэлэрин кытта элбэхтик алтыһалларыгар, кэпсэтэллэригэр усулуобуйа тэрийэ сатыыр. Ол диспут да, дьыалабыай оонньуу да буоллун. Аныгы оҕо, билэрбит курдук, көмпүүтэр иннигэр хам хатанан олороро элбээтэ, доҕотторо эмиэ “виртуальнайдар”. Ол сыыһа. Оҕо дьиҥнээхтии дьону кытта сирэй сирэйгэ көрсөн олорон кэпсэтиэхтээх, алтыһыахтаах, күлүөхтээх-үөрүөхтээх. Дьону кытта сатаан кэпсэтии, биир тылы булуу, бэйэ санаатыгар киллэрии – бу бэйэтигэр эмиэ улахан сатабыл буолар. Биһиги оннук кэпсэтэргэ үөрэтэбит. Оҕолор уопут атастаһаллар, ситиһиилэрин кэпсииллэр. Оҕо оҕоттон үөрэнэр. Биир саастыылааҕын тыла-өһө оҕоҕо ордук түргэнник тиийэр. Бу маннык билсиһии инники олохторугар наадалаах да буолар.
Дойдутугар туһалаах
– Өрөспүүбүлүкэ салалтата туруорбут өссө биир соруга – судаарыстыбаннай, муниципальнай сулууспаҕа уонна улахан бизнескэ аан дойду, Россия таһымыгар үлэлиир кыахтаах, билии уонна сыһыан өттүнэн толору бэлэмнээх дьону иитэн таһаарыы буолар. Билигин МАН “базатыгар” «Министр» диэн дьыалабыай оонньуу 10-с төгүлүн ыытылла турар. Бу аныгы үйэ ирдэбилигэр сөп түбэһэр тэрээһин буолар.
Соторутааҕыта чинчийээччилэр киһи ситиһиилээх буоларыгар билиини сэргэ «эмоциональнай интеллект» эмиэ олус суолталааҕын бэлиэтээбиттэрэ. Ил Дархан Егор Борисов 2015 сыллаахха “Өлүөнэ дойдута” форуму кэҥэтэн, Билии дьоҕус академията оҥороругар: “Үөрэҕи сэргэ иитии-такайыы үлэтигэр улахан болҕомто ууруллуохтаах, өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥ билиилээх, көрүүлээх, араас эйгэлээх уопсастыба, култуура икки ардынааҕы сыһыаны толору баһылаабыт дьон наадалар”, – диэбитэ. Онон оҕону-ыччаты ити хайысханан эмиэ эрчийэн, иитэн-такайан сайыннарыахтаахпыт. Холобур курдук эттэххэ, билигин саха түөрт оҕото Мексикаҕа экспедицияҕа сылдьар, манна кинилэр Мексика уонна Москва куорат бастыҥ лиссиэйдэрин үөрэнээччилэрин кытта научнай-чинчийэр үлэнэн дьарыктаналлар, былыргы кыыллар уҥуохтарын хаһыыга сылдьаллар. Мин ити түөрт оҕо эрэ буолбакка, МАН икки сүүс оҕото барыта аан дойду бастыҥ оҕолорун кытта бииргэ алтыһарыгар, тэҥҥэ сылдьарыгар баҕарабын уонна кэмниэ кэнэҕэс өрөспүүбүлүкэ оҕото барыта итинник сайдан, дьиҥнээх XХI үйэ киһитэ буолуо диэн эрэнэбин.
Аан дойду таһымыгар
– Аны билигин биһиги сыалбыт – аан дойду таһымыгар тахсыы. Ол туһуттан МАН бу сайын Норуоттар икки ардыларынааҕы интеллектуальнай оонньуулары ыытар. Манна бары тэрээһин барыта ангылычаан тылынан барыаҕа. Робототехника, 3D-моделирование күрэхтэрэ, хакатон, STEM бырайыактара, “Кэлэр кэм дипломаттара” оонньуу, о.д.а буолуохтара. Маны таһынан, олимпиада, кэмпириэнсийэ, симпозиум, научнай-чинчийэр үлэлэр быыстапкалара, биллиилээх учуонайдар лиэксийэлэри ыытыахтара, мультимедийнай оскуола үлэлиэ. Наука нөҥүө доҕордоһуу – биһиги тус сорукпут!
Кэпсэттэ Таисия АЛЕКСЕЕВА.