Сарсын -саха тылын учууталларын сийиэһэ. Дьааҥы улууһун Боронук орто оскуолатын саха тылын, литературатын учуутала Горохова Сардана Михайловна: “Төрөөбүт тылын билбэт киһи силистээх-мутуктаах тирэҕэ суох”, — диэн санаалаах.
— Ийэбит үүтүн кытта иҥэриммит төрөөбүт тылбыт, Күндэ эппитинии, «киһи сүрэҕин-быарын ортотунан сайа киирэр” буоллаҕа. Санаа түһэр, санньыйар күммүтүгэр аламай күн буолан сыдьаайар, көстүбэт үрдүктэн күүс буолан күөрэйэр. Оннук ээ, төрөөбүт тыл күүһэ.
Төрөөбүт тылын билбэт киһи кыната сарбыллыбыт көтөр кэриэтэ. Силистээх-мутуктаах тирэҕэ суох дии саныыбын.
Боронук оскуолата 1966 с. арыллыаҕыттан төрөөбүт тылы дириҥэтэн үөрэтэр, сайыннарар хайысханы тутуһан кэллэ. Ол курдук, элбэх саха тылын, литературатын учууталларын, суруналыыстарын иитэн таһаарда. Кинилэр оройуон, өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар, эрэдээксийэлэригэр ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар. Билигин Боронук оскуолатыгар 3 саха тылын, литературатын учуутала баара да элбэҕи этэр. Оҕолор сахалыы саҥарар эрэ буолбакка, дириҥэтэн үөрэтэллэр, айаллар-туталлар, сэҥээрэллэр. Ол иһин буолуо, билигин Хотугулуу Илиҥҥи федеральнай университет саха салаатын араас хайысхатыгар 5 оҕо үөрэнэ сылдьар. 1 оҕо быйыл бүтэрбитэ.
Мин Боронук орто оскуолатыгар үлэлээбитим 30 сыл буолла. Бастаан утаа математика этим. Онтон идэбин тосту уларытан сахатылын, литературатын учуутала буолбутум. Учууталым, наставнигым Неустроева Анна Николаевна миигин элбэххэ үөрэппитэ.
Оскуолабытыгар төрөөбүт тылбытын таптыырга, сайыннарарга аналлаах элбэх тэрээһиннэр, араас таһымнаах дьарыктар, научнай-чинчийэр үлэлэр ыытыллаллар. Ол курдук А.Т. Стручкова өрөспүүбүлүкэ оҕо хаһыатын «Кэскили» кытта ыга ситимнээхтик үлэлиир. «Сиккиэр» эдэр кэрэспэдьиэннэр постарын салайар. Л.М. Горохова Саха сирин историятын үөрэтэр. Оҕону ааҕыыга көҕүлүүр. Мин «Кыраҕы хараҕынан» диэн устуудьуйаны салайабын. Онно оҕолор саха суруйааччыларын айымньыларынан бэйэлэрэ сценарий суруйан, көмпүүтэргэ уруһуйдаан мультик оҥороллор. Киинэҕэ оонньууллар. Саха тылын учууталлара, кылаас салайааччылара сылга биирдэ саха суруйааччыларын айымньыларынан спектакль туруорар үгэстээхпит.
Биһиги оскуолабытыгар тоҥ нуучча да оҕолор кэлэн үөрэнэн, сахалыы ыраастык ааҕар, суруйар буолан бараллара. Онтон билигин хайдаҕый?
Билигин оскуолаҕа нууччалыы эрэ саҥарар, сахалыы өйдөөбөт оҕолор киирэр буоллулар. Ити — өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн көстөр биир сүрүн кыһалҕа. Тоҕо? Туохтан төрөөбүт тылбытын атарахсытар, көйгөтүтэр буоллубут?
Бастатан туран, мин саныахпар, эдэр төрөппүттэр оҕолорун төрүөхтэриттэн нууччалыы иитэр, саҥардар, кэпсэтэр буолбуттар. Оҕолорбут нууччалыы иҥнибэккэ саҥарар, кэпсэтэр, аахсар буоллуннар диэн итинник иитэбит дииллэр. Улуу бөлүһүөкпүт А.Е.Кулаковскай эппитинии, “оччугуй омук улахан омугу кытта ойоҕолоһон олордоҕуна, оччугуй омук сүтэн-симэлийэн хаалар кутталлаах» эбит. Ол иһин улахан омук үөрэҕин баһылааһын, култууратын үөрэтии хайаан да наада. Ол эрээри төрөөбүт тыл үүтүн-сүмэтин эппитигэр иҥэринэн, тылбытын сүтэрбэккэ, салгыы сайыннарар суолу тутуһуохтаахпыт. Оччоҕо эрэ саха диэн омук тыыннаах хаалыа. Төрөппүттэр ону өйдүөх тустаахтар.
Иккиһинэн, үйэбит хас чаас, хас мүнүүтэ аайы тэтимнээхтик сайдар. Ону кытта Интернет эйгэтэ оҕону төрөөбүт тылыттан тэйитэр. Араас мультиктар, киинэлэр, оонньуулар о. д. а. Оҕо төрөөбүт тылын эрэ сүтэрэр буолбатах, сиэр-майгы өттүнэн эмиэ ыһыллар. Төрөппүттэр саатар эрэ биһиэхэ мэһэйдээбэтиннэр диэн оҕоҕо ыарахан сыаналаах төлөпүөн ылан биэрэллэр. Ол — бу сайдыылаах үйэбит ирдэбилэ да буоллаҕа. Онон оҕо араас нууччалыы тыллаах мультиктары, киинэлэри көрөн улаатар. Кыра эрдэҕиттэн “мультяшнай” тылынан саҥарар. Төрөппүт онно ымманыйар, үөрэр эрэ.
Үсүһүнэн, сорох оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор уһуйааннарыгар нууччалыы эрэ саҥарыыны ирдииллэр. Миэхэ киин бөһүөлэк уһуйааныгар саҥа үлэлии киирбит иитээччи сөҕөн кэпсээбитэ. Манна сахалыы саҥарар көҥүллэммэт диэн. Салгыы ити халыыбынан бардаҕына тылбытыттан матабыт.
Төрдүһүнэн, саҥа ФГҮӨС (ФГОС) -гар алын кылааска саха тылын чааһа сарбылынна. Урукку өттүгэр саха тылыгар 5 чаас көрүллэр эбит буоллаҕына, билигин маҥнайгы кылааска 3 чаас эрэ көрүллэр. Иккитэ суруйууга, биир чаас ааҕыыга. Ол онто да суох сахалыы сатаан саҥарбат оҕоҕо төһө билиини биэриэй? Бу манна улахан болҕомто ууруллуон наада дуу дии саныыбын.
Мин кэтээн көрөрбүнэн, сорох оҕолор сахалыы дорҕооннору сатаан саҥарбат буолбуттар. Һ, ҥ,нь, ону кытта хоһуласпыт бүтэй уонна уһун аһаҕас дорҕооннору, дьуптуоннары эрэйинэн саҥараллар. Биллэн турар, ити барыта дьиэ кэргэнтэн тутулуктаах дии саныыбын. Эдэр дьон оҕолорун төрөөбүт тылынан кэпсэтэ, төрөөбүт тыл дьикти кэрэ алыбар киллэрэн, кинигэни аахтаран, ырыаны ыллатан, таабырыны таайсан иитэллэрэ буоллар.
Сорох оскуолаларга саха тылын чааһын аҕыйата тураллар. Бу саас бэйэбит иитэн, үөрэтэн таһаарбыт оҕобут, саха тылын, литературатын учуутала ырыынакка атыыһыттыы турарын көрөн наһаа соһуйбутум. Кини этэринэн, ааспыт үөрэх дьылыгар саха тылыгар 9 чаастаах эбит, бу сылга 6 чаас буолбут. Ол 6 чааска хамнаһа төһө буолуой? Бу 700 оҕолоох оскуолаҕа. Онон, салайааччылар, оскуола дириэктэрдэрэ итини болҕомтоҕо ылаллара хайаан да наада дии саныыбын.
Төрөөбүт тылбыт өрүү чэчирии, сайда турарыгар баҕарабын.
Төрөөбүт төрүт тылым
Кэхтибит санаабын
Көҥүлгэ көччүтүө!
Сүрэхпин минньигэс
Сөрүүнүнэн сайыа,
Сылааhынан угуттаан
Самныбат сайаҕас
Санааны саҕыа!