Олунньу ый Аҕа Дойдуну көмүскээччи күнүгэр аналлаах тэрээһиннэриттэн биирдэстэрэ – «Снежный барс» күрэхтэһии буолар.
Күрэхтэһии оскуола сүүмэрдэммит «Ополченцы» хамаандатын уонна 8-11 кылаастартан турар «Звезда» хамаандалар икки ардыларыгар ОБЖ учуутала Спиридонов Б.С. салайыытынан ыытылынна.
Күрэхтэһии ырыалаах строевой хаамыыттан саҕаланан баран, араас түһүмэхтэрдээх байыаннай эстафетаннан түмүктэннэ. Манна оҕолор мэһэйдэри туорааһыннаах автомат сүгүүлээх сүүрдүлэр, автоматы ыстылар, хомуйдулар, противогазтаах ОЗК кэтэн сырсыаластылар, граната бырахтылар, тардыныыга, пресс хачайдааһыныгар күрэхтэстилэр.
Түмүккэ, улууска саас ыытыллар «Снежный барс — 2023» күрэхтэһиигэ бэлэмнээхтэрин көрдөрөн, 11-ис кылаас үөрэнээччитэ Винокуров Арсен хамандыырдаах «Ополченцы» хамаанда кыайыылааҕынан таҕыста.
И.Ноговицына
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.