маннык ааттаах Калининградтан Камчаткаҕа диэри үөрэнээччилэри түмпүт видеооткрытка куонкуруһун СР ГАНО «Юные Якутяне» республиканскай ресурснай киин иккис сылын ситиhиилээхтик тэрийэн ыытар. Тэрээһин сүрүн сыала-соруга — үөрэнээччилэр айар үлэнэн уопут атастаһыыларын тэрийии, кыттааччылары доҕордуу сыhыаҥҥа иитии буолар.
Быйыл куонкуруска барыта 18000 үөрэнээччи (3600 хамаанда) кыттыбыт. Олортон 42 хамаанда кыайыылаах аатын ылбыт, 6 анал аат бэриллибит. Быйылгы күрэх «Легенды моего региона» диэн темэҕэ ыытылынна.
Биһиги оскуолабытыттан Мария Иосифовна Софронова салайааччылаах 3-с кылаас үөрэнээччилэрэ Алексеев Эрсан, Дярикова Сайаана, Томская Санаайа, Иванов Айаал уонна Руфов Арстан кытыннылар. Күрэх түмүгүнэн оҕолор «Креатив в изучении своей малой родины» анал аат кыайыылааҕынан буоллулар.
Күрэххэ кыттыы, тэрээһин туhунан кылаас салайааччытыттан. оҕолортон, төрөппүттэртэн ыйыталастыбыт.
М.И. Софронова, кылаас салайааччыта, СР үөрэҕириитин туйгуна:
— «Смотри, это Россия » күрэххэ иккис сылбытын кыттабыт. Былырыын «Зима» диэн тиэмэ бэриллибитэ. Хамаандаҕа 5 оҕо киирэн дойдубут кыhынын уратытын, кыhыҥҥы дьарыктарын, оонньууларын Москва оҕолоругар кэпсээбиттэрэ, көрдөрбүттэрэ. Оҥорбут үлэлэриттэн оҕолор олус астыммыттара, үөрбүттэрэ. Онтон быйылгы күрэх тиэмэтин («Легенды моего региона») билэн баран эмиэ сэргээбиппит, кыттарга быhаарыммыппыт. Тоҕо диэтэххэ, оҕолор 1-кы кылаастан төрөөбүт түөлбэбит түҥ былыргытын туhунан үhүйээннэри, номохтору билэллэр, аатын суолтатын чинчийэллэр, ытык көтөрүн үөрэтэллэр. Хамаандаҕа киириэн баҕалаах элбэх буолан, кытта илик оҕолору кытыннарыахха сөптөөх диэн биир түмүккэ кэлбиппит. Быйылгы күрэххэ кыттыбыт үлэбит 17 эрэ куоластаах этэ, онон номинацияҕа тиксибиппититтэн олус соhуйбуппут. Оҕолор үөрүүлэрэ үрдүк. Маннык күрэх оҕолору бииргэ түмэр, элбэх саҥаны, сонуну билэллэригэр көмөлөhөр, төрөөбүт дойдуларын таптыырга үөрэтэр. Оҕолор кыракый олорор түөлбэлэриттэн саҕалаан, Саха сиригэр төрөөбүттэринэн, баараҕай Россия оҕолоро буолалларынан киэн тутта улааталларыгар олук ууруллар.
Эрсан Алексеев, кыттааччы: — Куонкуруска бэлэмнэнэрбитигэр биhиги «Төрүт дойдум Дүллүкүм» диэн кинигэни аахпыппыт. Онно биhиги олорор нэhилиэкпит историятын кэпсиир номохтор бааллар этэ. Онтон Тиэргэл Чоргул туһунан, кыталыктар нэһилиэкпит ытык көтөрдөрө, бэлиэтэ буолалларын ааҕан билбиппит. Куонкуруска анал аат ылбыппытыттан олус үөрдүбүт. Мин сертификаппынан «Одарич» маҕаhыынтан Саха сирин туhунан кэпсиир кинигэ ылыам этэ.
Сайаана Дярикова, кыттааччы: — Учууталбыт Мария Иосифовна биhиэхэ урукку үөрэнээччилэрэ илиинэн оҥорбут альбомнарын көрдөрбүтэ уонна нэhилиэкпит историятыттан түҥ былыргы үhүйээни кэпсээбитэ. Оҕолор бары ону олус интэриэhиргээн истибиппит. Мин куонкуруска кыттарбар истибит, аахпыт үhүйээммитин нууччалыы кэпсээбитим. Хаста да устубуппут. Учууталым уонна ийэм Марина Матвеевна көмөлөспүттэрэ, хайдах ааҕарбын сүбэлээбиттэрэ. Бүтэһик күммүтүгэр бириэмэ ыраатан хаалбыта, ол иhин салгыы дьиэбитигэр баран ийэбин кытта устубуппут уонна учууталбар ыытан бэрэбиэркэлэппитим. Сатамматаҕын саҥаттан устан ыыппыппыт. Кыайыылаах буолбуппутун истэн баран олус үөрбүтүм. Диплом, бириис-сертификат туппуппут. Куонкуруhу тэрийээччилэр «Одарич» маҕаhыынтан атыылаһарга хас биирдиибитигэр 3,5 тыhыынчалаах сертификат биэрбиттэрэ. Мин ийэбин кытта куоракка кэлэ сылдьар буоламын, бу маҕаhыынтан сертификаппынан таҥас ылынан, астынан сылдьабын. Бэйэм иллэҥ кэммэр сахалыы, нууччалыы кинигэни ааҕарбын сөбүлүүбүн уонна араас дьарыгым элбэх.
Мария Иннокентьевна Томская, төрөппүт: — Мария Иосифовна оҕолорбутун үөрэтэрин таһынан, бириэмэ булан, араас күрэхтэргэ кытыннарар. Балаһыанньа кэллэ да, маннык күрэхтэр бааллар диэн кылаас бөлөҕөр ыытан иhэр. Оҕону бары хаба сатыыр. Оҕолорбут эмиэ олус көхтөөхтөр. Ситиһиилээх буоллахтарына, үөрэллэр аҕай. Былырыыҥҥыттан саҕалаан «Смотри, это Россия!» күрэххэ кытталлар. Былырыын, быйыл атын-атын оҕолор кытыннылар. Анал аат ылбыттарын истэн оҕолор төрөппүттэр үөрүү, соhуйуу бөҕө буоллубут. Yөрэх бырагырааматын таһынан эбии билиилэрэ кэҥиирэ дьоһун. Биир кэмҥэ кыыhым оскуолатыттан Дүллүкү диэн «ортоку» диэн суолталаах тыл эбит диэн кэпсээн аҕай киирбитэ. Атын да тэрээhиннэргэ оҕолорбут ситиhиилэрэ элбэх. Түмүгүн учууталбыт тута бөлөхпүтүгэр ыытан иһэр, онон бар истэ-билэ сылдьабыт. Учууталбытыгар махталбыт улахан. Оҕолорбут араас куонкурустарга кыттан билиилэрин, сатабылларын тургутан көрөллөрө олус туhалаах.
Марина Матвеевна Дярикова, төрөппүт: — Оҕолорбут куонкуруска кыттар буолбуттарын туhунан учууталбыт ватсап ситиминэн кылаас бөлөҕөр иhитиннэрбитэ. Биэс оҕо иhигэр Сайаана кыттар буолбутун истэн төрөппүттэрэ үөрбүппүт. Талыллыбыт оҕолор бары тэҥҥэ үлэлээбиттэрэ, олус кыhаллан бэлэмнэммиттэрэ. Сайаана нууччалыы ааҕыытын учууталбытын кытта эбии чочуйан биэрбиппит. Yлэбит түмүгэ ситиhиилээх буоларыгар эрэнэ санаабыппыт. Видеоматырыйаалбытын устан ыытан баран, билэр дьоммутун, доҕотторбутун куоластыырга ыҥырбыппыт. Оҕолорбут дипломнарын, бэлэхтэрин улууспут баhылыга В.С. Поскачин Саҥа дьыллааҕы харыйатын бырааһынньыгар тутан үөрэн-көтөн кэлбиттэрэ.
Куонкурус түмүгүнэн оҕолор төрөөбүт дойдуларын уратыларын, үтүө үгэстэрин хардарыта билистилэр уонна элбэх саҥа доҕоттордоннулар. Күрэх тыһыынчанан километр ыраах сиринэн олорор оҕолору биир сыалга-сорукка түмтэ, тэйиччиттэн олорон билсиэххэ, хардарыта сонунунан, билиинэн-көрүүнэн атастаhыахха сөбүн көрдөрдө.
«Эрчим» эдкорпост, Дүллүкү орто оскуолата,
Yөһээ Бүлүү.