«Чурапчы улууһун дьоно үстэ өлөн тиллибитэ: сэриигэ, сут-кураан кэмигэр, көһүүгэ”, — диэн мээнэҕэ эппэттэр. Ол курдук, Чурапчы 17 нэһилиэгиттэн 1942 сыллаахха 41 колхуос, 5459 киһи, ол иһигэр 990 оҕо хоту, ол эбэтэр Кэбээйигэ, Булуҥҥа, Эдьигээҥҥэ күүс өттүнэн көһүүгэ барбыттара. Көһөрүүгэ Хадаар нэһилиэгиттэн икки колхуостан холбоон 342 киһи барбыта.
Бу алдьархайдаах кэм туһунан, эрэйдээх оҕо сааһын туһунан эдьиийим, Чурапчы улууһун Хадаар нэһилиэгин ытык кырдьаҕаһа, тыыл, үлэ бэтэрээнэ, көһөрүллүү кыттыылааҕа, сэрии сылын оҕото Марфа Васильевна Никитина куруутун ахтан-санаан ылар:
— 1942 биһиги хоту көһөрүүгэ Хоптоҕо нэһилиэгин Андреев колхуоһуттан барбыппыт. Биһиги ийэбит 4 оҕолоох барбыта: 1,5 саастаах уол о5о, 4-6 саастаах кыргыттар уонна мин, 10 саастаах.
Бэрэссэдээтэлбит Эверстов Ньукулай-Чуручуок Уола биһигини Кэбээйи оройуонугар тиийбиппит кэннэ, олохтоох колхуоска хаалларбыта. “Кыра оҕолорун элбэхтэрэ бэрт, баҕар оҕолоргун киһи-хара гыныаҥ, манна хаалаҥҥын үлэлээ, балыкка кыайан үлэлиэҥ суоҕа », — диэн салгыы илдьибэтэҕэ.
Дьаам дьиэтигэр кыстаан олорбуппут. Киирэр-тахсар аан айаҕар бэһиэ буолан, биир ороҥҥо сыппыппыт. Онно аан диэки төбөлөнөн, ийэм кыра оҕотун хонньоһон сытаннар, онно эбии киирэр-тахсар саҕынньахтаах дьоннор тымныыны киллэрэллэригэр тымныйан, 1,5 саастаах уол оҕобут өлбүтэ. Онтон биһигини балаҕаҥҥа көһөрбүттэрэ. Ол балаҕаҥҥа көһөн баран, ийэм икки оҕуһунан пиэрмэҕэ от тиэйэн кыстаабыта. От тиэйэригэр биир кыра оҕону көмөлөһөөччү биэрбиттэрэ, ол оҕо улахан көмөтө суох, көннөрү оҕус эрэ доҕоро буолар эбит. Аны дэлби үрэх сир буолан, дулҕа бөҕөлөөх, инньэ гынан дэлби оту суулларан, суолу билбэт буолан, күнү быһа сыра бөҕөнү көрөр эбит. Сарсыарда хараҥаҕа туран барар уонна киэһэ хараҥаҕа кэлэр.
Онуоха диэри биһиги ороммутугар сытабыт. Аһыыр аспыт суох, туга да суох сылбырхай ууну иһэбит. Онтон киэһэ ийэбит кэллэҕинэ, быычыкаайык чугуун сыыһыгар оҕус муннун уутун курдук уу судараай хааһы оҥорор. Ол хааһыны сиэбитэ буолан бараммыт, эмиэ сытаахтыыбыт. Сарсыарда ийэм үлэлии барарыгар миигин уһугуннаран: «Оҕолоргун илдьэ үүт астыыр дьиэҕэ бараар, онно аһатыахтара”, — диирэ. Кыргыттарым турбуттарын кэннэ, таҥаспыт сыыһын таҥнаммыт, бары нэһиилэ иэгэҥнэһэммит, кыра кыыспыт охто сылдьар, ол аайы өйөөн туруора туруорабыт, ол үүт астыыр дьиэҕэ тиийэбит. Онно тиийдэхпитинэ: “Чэ, сыгынньахтанан итиннэ олоруҥ”, — дииллэр. Биһиги сыгынньахтанан бараммыт олордохпутуна, сэппэрээтэринэн эриллибит биэдэрэлээх үүтүн аҕалан бараннар, күөрчэҕинэн ытыйаннар күүгэн оҥороллор. Ол күүгэни сиибит. Бүтэрдэхпит аайы ытыйан биэрэн иһэллэр. Дьэ, онно арыый топпут курдук буоламмыт, дьиэбитигэр төннөбүт.
Балаҕаммытыгар кэлэбит да эмиэ сытабыт, ийэбитин кэтэһээхтиибит. Ханна да барар-кэлэр сэниэ суох, нэһиилэ атахпытыгар уйутта сылдьабыт. Оттон ийэбит күнүс үлэлээн кэлэн баран, аны түүн ыаллара дьахталларга уллуҥун сиигэ чааста, уу киирбэт гына, былыргы уһун уу саппыкытын курдук күрүмү этэрбэс тигэр. Аны атын дьахталлар истиһэ-истиһэлэр эмиэ бары тиктэрэллэр. Түүн кэлэн баран, оһоҕор мас быраҕа-быраҕа, ол сырдыгар утуктуу-утуктуу, иистэнэ олорор буолаахтыыр. Төһөҕө да утуйарын, төһөҕө да турарын билбэппит.
Дьэ, оннук үлэлээн сордоно сылдьан, тымныйан ыарыйда. Ыалдьан, үс хонукка суорҕаҥҥа-тэллэххэ сытта. Ол кэмҥэ биһиги эрэйдээхтэри, таһараа ыалларбыт дьахталлар киирэннэр, уоппутун оттон, чаанньыкпытын өрөн тахсаллара. Оргуйбутун кэннэ киирэннэр, уу кутуталаан биэрэллэр, ону иһэбит. Уонна туох да аһыырбыт суох. Оттон ийэбит биһиги дьолбутугар, хата, үс хонук сытан баран нэһиилэ, дьэ, турда. Ол сааһыары этэ. Туран баран, байааттаҥнаан, нэһиилэ дьиэтин иһигэр сылдьан баран, эмиэ үлэлии барда. Онно саас хотоҥҥо үлэлэппиттэр этэ.
Онтон саас, уу-хаар тахсыытын саҕана, олох аччыктаан бүтэн, уҥуох-тирии буолбуппут, ытыспытын түннүк сырдыгар туттахпытына, уҥуохпут барыта адаарыһан көстө сылдьар гына дьаабыламмыппыт кэннэ, “көһүүлэргэ бурдук кэлбит” диэн, биир куул бурдугу аҕалан биэрдилэр. Дьэ, ол биир куул бурдукпутун, туох да үөрэн-көтөн, кэмчилээн, ийэм аны иэдьэгэй диэни оҥорор буолла. Ол иэдьэгэйи булкуйан, лэппиэскэ оҥорор. Бурдугун кэмчилиир.
Ол курдук, ийэм лэппиэскэ оҥорон, ону сиэн, онтон саас арыый тыын ыламмыт, дьэ, арыый саллаҥныыр буоламмыт, сайын дьиэ таһыгар тахсар буоллубут. Ол сылдьаммыт, оҕолор оонньуу сылдьалларын харахпытынан эрэ көрөбүт, кыайан баран оонньоһор кыахпыт суох. Ол курдук сайын буолбута. Ийэм пиэрмэҕэ бостуугунан үлэлээбитэ. Икки атаҕынан хааман, пиэрмэ ынаҕын бүтүннүү хомуйан аҕалар этэ. Ат эҥин диэн суох. Оннук үлэлээн сайылыыр.
Онтон күһүнүгэр мин Кэбээйи оройуонун 1 Сииттэ оскуолатыгар 1 кылааска үөрэнэ барабын. Оттон ийэм икки оҕотун илдьэ, үрэх баһыгар пиэрмэҕэ эмиэ сүөһү көрө барар. Ол кыһын мин үөрэнэн, 1 кылааһы саас бүтэрэбин. Оттон саас уу-хаар тахсыытын саҕана, Намҥа көһөн кэлэбит. Намҥа 2 Хомустаахха көһөн кэлэн бараммыт, олохтоох “Кыһыл Партизан” диэн колхуоска холбоһобут. Онно холбоһон, ийэм эмиэ окко сырытта, кыһын пиэрмэҕэ үлэлээтэ.
Ол кыһын кыстаабыппыт кэннэ, саас, дьэ, «көһүүлэри дойдуларыгар барарга көҥүллээбиттэр үһү” диэн сурах иһилиннэ. Көһүүгэ барбыт дьон бука бары дойдубутугар бараары, үөрүү-көтүү бөҕө буоллубут. Мин ийэбин хаай да хаай: “Чэ, барыах дойдубутугар, барыахха!” -диэммин. Инньэ гынан дойдубутугар кэллибит. Ити — 1945 сыллаахха саас этэ. Оскуола үөрэҕэ бүтүөн икки нэдиэлэ иннинэ кэлэммит, икки нэдиэлэ Дириҥҥэ үөрэммитим”.
Бу курдук биһиги эдьиийбит бэйэтин дьоло суох оҕо сааһын туһунан харах уулаах ахтан-санаан, уйадыйан ааста.
Эдьиийим 1955 — 1992 сс. ыанньыксытынан бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри үлэлээбитэ. Өрөспүүбүлүкэ, оройуон хас да төгүллээх чемпион ыанньыксыт үрдүк аатын сүкпүтэ. Бэһис ыҥырыылаах Верховнай сэбиэт депутатынан, Бурятия–Монголия дьахталларын 1 съеһигэр делегатынан талыллан кыттыыны ылбыта. Өрөспүүбүлүкэ «персональнай пенсионерката». Марфа Васильевна биэс оҕону улаатыннаран: 15 сиэннээх, хос сиэннэрдээх. Кини «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээлинэн, өрөспүүбүлүкэ, оройуон, совхоз элбэх бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта.
Аҕам саастаах дьоммут үгүстэрэ оҕо саастара сэрии, көһөрүллүү кэмигэр ааспытын да иһин, кинилэр ону барытын тулуйан, төрөөбүт түөлбэлэрэ сайдарын туһугар салгыы үлэлээн-хамсаан олорбуттарын холобур оҥостобут, киэн туттабыт.
Ааптар: Люба Сергеева.
Хадаар, Чурапчы.
Оҕо толору аата | салайааччыта | оскуолата | телефона |
Сергеева Любовь Иннокентьевна | Бандерова Галина Николаевна, саха тылын уонна литературатын учуутала | С.Д.Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата,
|
89142306705 |