Сэрии…Сут дьыл…Өлүү-сүтүү…Саныахха ыарахан, киһини ис иһиттэн туох эрэ ыарахан хам ыларга дылы.
Төһөлөөх киһи хараҕын уута тохтубута буолуой?! Тоҥон-хатан, сут кэмҥэ аччыктаан, ыалдьан эрэйдэммитэ буолуой?! Хас кырачаан оҕо ийэтиттэн-аҕатыттан матан, тулаайах хаалан, олох ыар ынчыгын эттэринэн-хааннарынан билэн туораабыттарай? Хас саха эр бэртэрэ дойдуларын туһугар тыыннарын толук ууран, өстөөх буулдьатыгар киирэн, бу орто дойдуттан күрэммиттэрэй? Хас ийэ кэргэнин, олоҕун салгыыр уолан уолаттарын харах уулаах сэриигэ атааран, кинилэртэн маппытай? Оо, ыар сүтүктэр…Этэргэ ыарахан. Киһи өйүгэр-санаатыгар хайдах да батарбат, сүрэҕинэн ылыммат оспот баастара…
Арай сэрии буолбатаҕа буоллар… Саха киһитэ өссө да сайдыылаах, бигэ олохтоох, элбэх ыччаттаах норуот буолуохтаах этэ. Ону баара, ыраас халлааҥҥа этиҥ этэринии 1941 сыллаахха бар дьон ыһыах ыһан көрү-нары тэрийэр кэмнэригэр «сэрии» диэн тыл дьиэттэн дьиэҕэ, харах уута аргыстаах, ыар ынчык тыыннаах киирбитэ…
Мин ис сүрэхпиттэн киэн туттан кэпсиэхпин баҕарабын Кыргыдай нэһилиэгин ытык кырдьаҕаһын тыыл бэтэрээнин, бастыҥ от охсооччуну, муҥхаһыты, тойуксуту, алгысчыты, элбэх бэстибээллэр лауреаттарын Степан Васильевич Наумов туһунан. Норуокка биллэринэн — Ыстапаан. Биир кыһыҥҥы күн сэрии туһунан туоһулаһаары ыалдьыттыы тиийдим. Өрүү буоларын курдук, үөрэ-көтө көрүстэ.
Степан Васильевич 1930 с. Дьооху нэһилиэгэр Илин Сискэ Наумовтар дьиэ кэргэттэригэр алтыс оҕонон төрөөбүт. Бииргэ төрөөбүттэр сэттиэлэр эбит. Улахан убайа сэриигэ баран, төннүбэтэх. 1943 с. ийэтэ, аҕата, икки эдьиийэ хааннаах ис ыарыытынан ыалдьан, суорума суолламмыттар. Быраата Ньукулайдыын өлбүт аҕаларын атаҕар үс хоммуттарын кэннэ Халый диэн оҕонньор өрүстэн Дьоохуга баран иһэн, түбэһэ кэлэн быыһаабыт. Дьоннорун кырамталарын саас үүт омуһаҕар көмпүттэр.
Степан Васильевич сэрии уоттаах сылларын курустук саныыр: «Оо, сэрии диэн сүрдээх да этэ…Бу барыта колхуостааһын саҕана буолбута. Дьон бары тарҕанан, олус бэркэ олорбуппут. Эмискэ сэриинэн түһэн иэдээни оҥорбуттара. Кыахтаах-уохтаах дьоммутун барытын сэриигэ илдьэ барбыттара. Холкуос сүөһүтүн көрөн-харайан эмээхситтэр, оҕонньоттор, оҕолор хаалбыппыт. Үчүгэй дьоммут барбыттарын кэннэ, олох сатарыйбыта.
Онтон сут кэм тыҥаан, иэдээн буолбута. Эмээхситтэр барахсаттар оҕолорун сиэтэн иһэн, суолга өлөллөрө. Кыһын өлбүт дьону харайар кыах суоҕа. Аччыктаан олорор дьон сэниэлэрэ да суоҕа. Өлбүт дьону кураанах ампаар иһигэр хаалаабыттарын түннүгүнэн ааһан иһэн көрөрбүн өйдүүбүн. Саас халлаан итийбитин кэннэ, биир омуһахха хастыы да киһини дьаһайбыттара. Бу кэмҥэ үлэ диэн күүрээннээх этэ. Бурдук ыһыытын саамай тыҥааһыннаах кэмнэрэ. Оройуонтан боломуочунай кэлэн хонтуруоллуура, күннээҕи нуормаҕын бүтэрдэххинэ эрэ дьиэҕэр барарыҥ. Табыыка диэнинэн бурдугу табыйарбыт. Хараҥаттан хараҥаҕа диэри оҕолор улахан дьону кытта тэҥҥэ от күүстээх үлэтигэр сылдьарбыт. Аны хааннаах ис ыарыыта ааҥнаан, дьон олорон эрэ кэдэччи тартаран өлөллөрө. Хата, соҕурууттан кэлбит нуучча биэлсэр кыргыттарын учаастакка ыыталлара. Олор эмтииллэрэ. 1-2 киһи сытар куойкалаах балыыһа баара. Онно эмтэнэн сорох сорохтор тыыннаах хаалбыттара…». Ити курдук, Степан Васильевич кэпсээнэ харахпар илэ баардыы ойууланна.
Кэпсии олорон Ыстапаан ыараханнык өрө тыынар, сүрэҕэр ылбыт бааһа билигин да сүппэт чэр буолан хааллаҕа. «Эһиги билиҥҥи олоххутугар сэрии буолбатын, кыһалҕалаах олох эрэ буолбатын», — диэн кэпсээнин түмүктүүр.
Салгыы Кыргыдай нэһилиэгин, Бүлүү улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, РФ үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, үлэ бэтэрээнэ, олохтоох оскуолаҕа 52 сыл устата оҕону үөрэтиигэ-иитиигэ өйүн санаатын ууран үлэлээбит Николаева Евдокия Гарильевна туһунан кэпсиибин. Кини ыарахан кэмнэри санныгар сүкпүт сэрии тулаайаҕа буолар. Санааҕа ылларан олорон кэпсээбититтэн үллэстэбин.
Евдокия Гаврильевна 1937 сыллаахха Кыргыдай Дьоохутугар күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ Николаева Варвара Николаевна үөрэҕэ суох, холкуостаах. Аҕата Николаев Гаврил Иванович, үөрэҕэ суох эрээри, бэйэтэ үөрэнэн аахпыт, суруйбут буолан, улахан дьону кытта үөрэппит. Маҥнайгы хомсомуоллартан биирдэстэрэ. Сэрии саҕаланаатын, биригэдьиирдии сылдьан, маҥнайгы ыҥырыкка, ол аата 1941 сыллаахха, балаҕан ыйыгар тылланан барбыт. 1942 сыл сэтинньи 20 күнүгэр сэриигэ ылбыт бааһыттан өлбүт. «Хорсунун иһин» диэн мэтээлинэн наҕараадаламмыт.
Аҕатын кытта бииргэ төрөөбүт быраата эмиэ сэрииттэн төннүбэтэх. Эбэлэрэ Аҕааппыйа уолаттарын күнү-түүнү быһа, бу кэлиэхтэрэ диэбиттии кэтэһэр эбит. Ити кэмтэн Евдокия олоҕо киһи этин аһытардыы «абытай» ыарыынан өссө ыараабыта. Тыбыс тымныы дьиэ, ас-таҥас суох, ыал аайы өлүү-сүтүү ааҥнаабыта. Хам аччык дьон өлбүт дьону дьаһайар да кыахтара суоҕа. Бу кэмҥэ күн сириттэн ийэтэ барбыта. Быраатыныын иккиэн хаалбыттара. Кыра быраатын бэйэтэ көрө сатыыра, сайын сүүрэ-көтө сылдьыбыт уолчаан аччык кэм тыҥаабытыгар икки атаҕынан хаампат буолбута. Атаҕа бүтүннүү хабыллан тахсыбытын имэрийэ сатыы олорорун бу баардыы өйдүүр. Сотору Евдокия бэйэтэ эмиэ аччыктаан атаҕар тирэммэт буолбута. Ол кэннэ өйүн сүтэрбитин үтүө санаалаах дьон оһох кэнниттэн булан быыһаабыттара, атаҕар туруорбуттара. Быраата барахсан бараахтаабыта. Ити курдук, Евдокия Гаврильевна, бу орто дойдуга чороҥ соҕотох хаалбыта. Кинини эбэтигэр, аҕатын ийэтигэр Аҕааппыйаҕа аҕалбыттара. Эбэтэ барахсан сылдьарын тухары уолаттарыттан сурук күүтэрэ. Дьиҥэ, өлбүттэрин туһунан биллэрии кэлбитин, сэбиэт үлэһиттэрэ, «эмээхсин тулуйуо суоҕа» диэн эппэтэхтэр. Биирдэ эбэтэ Евдокияҕа хаартыска көрдөрбүт: «Бу кимий?» — диэн ыйыппыт. Ону: «Аҕам буолуо», — диэбит. Онтон эбэтэ: «Ханна баарый?» — диэбитигэр, кыыс хап-сабар: «Сиэхситтэр сиэбиттэрэ буолуо», — диэт, таһырдьа ыстанан хаалбыт. Евдокия Гаврильевна оҕо хаһан да туттубат тылларынан саҥарбытын билигин муодаргыыр, «кыра оҕонон этиттэрэр эбит» дии саныыр. «Дьэ, бу саҥам эбэм үйэтин кылгаппыта быһыылааҕа», — диэн, үөһэ тыынар. Эбэтэ Аҕааппыйа хас киһи киирдэҕин аайы, хаартысканы көрдөрө-көрдөрө: «Оҕо сүрэҕэ биллэҕэ», — дии-дии ытыырын, бу баардыы өйүгэр хаалбыт. Бу кэнниттэн эбэтэ уһаабатах, ол курдук Евдокия хаан-уруу аймаҕа суох буолбут, ыалга олорон хаалаахтаабыт.
Ол кэнниттэн «тулаайах оҕолору детдомҥа илдьэллэр үһү» диэн сурах дэриэбинэни аймаабыт. Сууннаран, таҥас-сап бэлэмнээн: «Сарсын детдомҥа бараҕын», — диэбиттэр. Олорор ыалын аҕалара Өлөксөй Барчалыырап сарсыарда эрдэ сэбиэккэ барбытынан өр да өр биллибэтэх… Киэһэлик кэлэн: «Кыыс куоракка барбат, бэйэбитигэр хаалар буолла» — диэн «үөрбүт харахтара бу баарга дылылар» диэн Евдокия Гаврильевна махтана саныыр. Хойут дьонтон истэн билбитэ, И.В.Сталин 1943 сылтан сэрии тулаайахтарын дуогабарынан ыалларга ииттэрэр туһунан уураах таһаарбыт эбит, ол иһин ыалга хаалар дьолго тиксибит.
Евдокия Гаврильевна оҕо саас кэрэ кэмнэрэ сэрии уот сылларыгар ааһан, дьон үтүө сыһыанын, майгытын, кыһалҕатын билэ, сыаналыы улааппыта. Оччотооҕу сиэринэн, оҕус сиэтэн, окко, оҕуруокка үлэлээбитэ. , 1944 сыллаахха 4 эрэ кылаастаах оскуолаҕа үөрэнэ киирбитэ. Сэрии кэннэ орто, үрдүкү сүһүөх кылаастар эбии арыллан, салгыы үөрэммитэ. Ииппит оҕонньоро «Үөрэхтэнэн учуутал буолаар», — диирэ үһү, 1952 с. ыалдьан өлбүтэ.
Сэрии тулаайахтара ыарахан кэмнэри ааһан, чахчы бэриниилээхтик үлэлээн-хамсаан, саҥа олоҕу туппуттара, туругурдубуттара. «Дьиҥэр, биһиги сэрии огдооболоругар тэҥнээх дьоммут, ийэлэрбит барахсаттар биэнсийэнэн туһанарга да тиийбэтэхтэрэ. Билиҥҥи оҕолорго усулуобуйа барыта баар, онон үлэни-үөрэҕи кытаатыҥ. Сэрии ааспыта 75 сылын туолаары турар да, миэхэ бу туһунан ахтар олус ыарахан, долгутуулаах… «Тулаайах» диэн тылы иһиттэхпинэ… Онон этиэм этэ, маннык сэрии хаһан да буолбатын! Оҕолор тулаайах хаалбатыннар! Төһөлөөх харах уута тохторун, ардыгар атаҕастаныыны-баттаныыны да көрсөрүн сэрии тулаайаҕа бэйэтэ эрэ өйдүүрэ буолуо…» — диэн уйадыйбыт куолаһынан кэпсээнин түмүктүүр. Евдокия Гаврильевна хараҕар төһөлөөх ыар кэмнэр көстөн ааспыттарын, истэн олорон, киһи эрэ туораттан долгуйар.
Сэрии уота, буорах сыта ханна аҥылыйбатаҕа баарай? Мин хаан-уруу аймахтарбын эмиэ таарыйбыта… Хос эбэм Мария Иосифовна бииргэ төрөөбүт саамай кыра балта, эдьиийдээтэр эдьиийим, Татьяна Иосифовна Николаева — сэрии сылын оҕото. Кини 43 сыл устата оҕону иитэр-үөрэтэр үлэҕэ үтүө суобастаахтык үлэлээн, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Кыргыдай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Бүлүү улууһун бочуоттаах бэтэрээнэ буолар. Сэрии саҕаланыан биир сыл иннинэ 1940 сыллаахха Уйбаныаптар дьиэ кэргэттэригэр 14-с оҕонон күн сирин көрбүтэ. 8 уол төрөөбүтүттэн 4 уол кыраларыгар, 1 уол 12 саастааҕар ыалдьан өлбүттэр. Улахан убайдара үлэ фронугар, икки уол уоттаах сэрии хонуутугар ыҥырыллан барбыттара. Улахан кыргыттар күүстэрин харыстаабакка аччык, аас-туор сылларга холкуос үлэтигэр үгүс сыраларын уурбуттара. Татьяна Иосифовна, уҥуоҕунан кып-кыра, хачаайы киһи аччыктыыры, тоҥору этинэн-хаанынан билбитэ.
«1943 сыл сут кэмҥэ элбэх да киһи өлбүтэ, — диэн уйадыйар. – Барахсаттары, биир ампаарга мунньан иһэллэрэ, онтон саас биир умуһахха дьаһайбыттара». Татьяна сарсыарда туран иһэн, мэйиитэ эргийэн охтон хааларын эмиэ өйдүүр. Ол аччыктааһынтан буоллаҕа. Сорох күн сылаас ууну эрэ иһэн, күнү аһардаллара. Бу кэмнэргэ ийэлэрэ, мин хос-хос эбэм, хааннаах ис ыарыытынан ыалдьан, суорҕаннаах тэллэххэ сыппытын улахан кыргыттара ыарылыыллара. Оҕолор бэйэ-бэйэлэрин көрсөллөрө. Бу сыл саас эрдэ кэлэн, балык тахсан, дьону өлөртөн абыраабыт. ««Собо барахсан элбэх киһини киһи гыммыта», — диэн Татьяна кэпсии олорон, хараҕын уота сырдаан ыларга дылы. Биир ынахтарын үүтүнэн күөрчэх, суорат оҕото оҥостон аһыыллара. Сут кэмҥэ Татьянаны кытта саастыы, бииргэ оонньуу сылдьыбыт убайын уола аччыктаан, ыалдьан өлбүтүн күн бүгүҥҥэ диэри курутуйа саныыр. Убайдара — уоттаах сэриигэ барбыт Василий Ленинграды босхолуур кырыктаах кыргыһыыга турбаттыы охтубута, Петр Прибалтикаҕа немецтэр сүрүн бөҕөргөтүммүт сирдэрин тоҕо көтүүгэ сэриилэһэ сылдьан, аҥар атаҕар дьааттаах буулдьа түбэһэн, дойдутугар 1945 с. сэтинньигэ аҥар атаҕа суох кэлбитэ.
1946-47 сылларга оччотооҕу оҕолор арыый бороохтуйан, сүөһүнү манаан аһатыыга, сыыс от ыраастааһыныгар, отчуттарга илдьиккэ сүүрэр буолбуттара. Ас-таҥас кырыымчыга. Сайын да, кыһын да тоҥолохторо алдьанан, эттэрэ кытаран көстөрө, этэрбэстэрин уллуҥаҕа тэстэн от укталлара быыһынан быга сылдьара. Сорох оҕолор атах сыгынньах да буолаллара. Оскуолаҕа киирбит сылларыгар эдьиийин кытта ыалга олорбуттара. Сарсыарда эрдэ туран, күннээҕи оһоххо оттуллар маһы киллэрэн, кып-кыра миискэҕэ сыма минэ иһэн баран, оскуолаҕа бараллара. 1 кылааска үөрэнэ киирбит сылыгар аҕата ыалдьан өлбүтэ…
«Кэнчээри ыччаттарбыт кыайыыны уһансыбыт аймах-билэ дьоннорбут үтүө холобурдарын батыһан, үлэһит, үтүө дьон буолуохтара диэн эрэнэбин. Улуу Кыайыы 75 сылын үөрэ-көтө, доруобайдык көрсөллөрүгэр ис сүрэхтэн баҕарабын», — диэн эрэл кыымнаах эдьиийим кэпсээнин түмүктүүр.
Ити курдук, Уйбаныаптар дьиэ кэргэттэригэр сэрии уота дууһаттан сүппэт сөҥмүт баас буолан хааллаҕа. Хос-хос эбэм Пелагея Константиновна Иванова Герой ийэ, убайым Петр Иосифович Иванов элбэх наҕараадалаах сэрии бэтэрээнэ, үс эдьиийим, хос эбэм Мария Иосифовна Степанова тыыл, икки эдьиийим үлэ бэтэрээннэрэ буолалларынан киэн туттабын.
Бүгүҥҥү күнү бэлэхтээбит, киһи буолар кэскилбин түстээбит аҕа саастаах биир дойдулаахтарбар, тумус туттар дьоммор-сэргэбэр ис сүрэхпиттэн махтанабын! Кыайыыны аҕалбыт хаан-уруу аймахтарбар сиэрдээхтик сүгүрүйэбин, дьоһуннаахтык махтанабын, күндү дьонум күн-дьыл өксүөнүн билиммэккэ этэҥҥэ доруобайдык олороргутугар баҕарабын.
Кэнчээри ыччат! Эн эйэлээх олоххо, күн тыгар ыраас халлааныгар олороргунан киэн тутун, үтүктэр-үөрэнэр үтүө холобур оҥоһун!
Ааптар: Герман Окоемов.
Кыргыдай, Бүлүү.