Саха норуотун биир уһулуччулаах киһитэ, Борогон улууһун кулубата Сэһэн Ардьакыап XVIII-XIX үйэлэр кирбиилэригэр олорон ааспыта. Кини кимий? Бүгүҥҥү кэпсээммит «План о якутах» диэн 1789 сыллаахха Екатерина II Ыраахтааҕыга илдьибит бырайыагын тула барыаҕа. Сэһэн Ардьакыап дириҥ философскай өйүнэн даҕаны, айылҕаттан дэгиттэр айдарыылааҕынан даҕаны, олорбут олоҕун охсуһуутунан даҕаны бэйэтин кэмигэр соҕотох этэ.
Кини Бороҕон нэһилиэгин (Тумул сэлиэнньэтэ) «Арыы Тиит» диэн Өлүөнэ өрүс маанылаах кытылыгар, саха омук биир салаа төрүттэрэ буолбут Омоҕой сиэннэрэ Бороҕон Дьуортулар үөскээн-тэнийбит сирдэригэр төрөөбүтэ. Ийэтэ оҕотун төрөтөн баран ыалдьан өлбүт. Аҕатын ууһугар аата-суола биллибэтэх Собоһут оҕонньор соҕотох уола Сэһэн, эдэр сааһыгар тулаайах хаалан баран, дьону батыһан, Дьокуускайга киирбитэ. Манна кини сэттэ сыл устата Аржаков диэн нуучча киһитигэр хамнаска сылдьыбыта.Уол олус түргэнник нуучча тылын баһылаабытыттан, киһитэ Сэһэни оскуолаҕа биэрэн, ааҕарга-суоттуурга үөрэттэрбитэ үһү.
Бөлүһүөк
«Сэһэн Ардьакыап бөлүһүөктүүр, таба көрөн этиитэ өссө кыра сааһыттан биллибит эбит», — диир историяны, кыраайы үөрэтээччи, суруналыыс Зоя Ильинична Петухова.
-Арай биирдэ оҕо сылдьан хантан эрэ ыксаан, көлөһүн бөҕө аллан сүүрэн кэлбит. Уонна ууну ыймахтаат, мас кыраабылын үрдүгэр түһэр. Онуоха аҕата: «Хайа, бу уол, туох ааттаахха бачча ыксаатыҥ? — диир.
Сэһэн: “Аҕаа, аҕаа, этиҥнээх ардах иһэр. Орто омурҕан кэннэ ибили сытытыа, ыксыахха”.
Аҕата холкутуйан олорон: “Эс, хантан ону билэҥнин этэҕин?”
Сэһэн: “Ээ, оттон, от-мас, кыыл-сүөл кэпсээнэ элбэх буоллаҕа”. Уонна отун бугуллуу ыстанар.
Дьиктитэ баар, сол курдук ардах курулатан ааспыта, хата бугуллар быыһаммыттара.
Сир, Халлаан, Күн, Ый, сулустар тустарынан билиитэ-көрүүтэ киэҥэ, ону сөпкө сылыктыыра, саха үөрэҕин үчүгэйдик билэрэ Сэһэн Ардьакыабы бөлүһүөк оҥорбута. Сир эмиэ бэйэтэ сайдар сокуоннардаах. Кини кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр, үөн-көйүүр, от-мас олохторун, сайдыыларын чинчийэн, билэн, өйдөөн дьарыктаммыт, ордук кэнники сааһыран баран идэ оҥостубут.
Сэһэн Ардьакыап бөлүһүөк быһыытынан билиитэ-көрүүтэ айылҕаҕа олоҕурар диэн этиэххэ сөп. Екатерина II Ыраахтааҕыны кытта кэпсэтиитин да ылан өйдөөн аахтахха, саха сиэрин-туомун, итэҕэлин илдьэ сылдьара онно көстөр. «Ким сиригэр кэлэн тураҕын?» — диэн иһэ-истээх ыйытыытыгар маннык хоруйдуур: «Бэйэм төрөөбүт сирим буоругар үктэнэн турабын», — диэн баран, этэрбэһин устан уллуҥар сылдьар буорун ытыһыгар кутан көрдөрбүт.
«Сахалар тустарынан былаан»
(хааһынаҕа туһалааҕын, бэйэлэригэр көдьүүстээҕин көрдөрөр)
«Сахалар тустарынан былаан» тиэкиһин ааптарынан XVIII үйэттэн ыла, 1789 сыллаахха балаҕан ыйын 18 күнүгэр күнүс 13 чааска суругу Ыраахтааҕыга туттарыллыаҕыттан, ити кэмҥэ Екатерина II Ыраахтааҕыны көрсүбүт, кэпсэппит Бороҕон улууһун кулубата Алексей Аржаков билиниллэр.
«Сахалар тустарынан былаан» толору тиэкиһин аан бастаан В.В.Никифоров-Күлүмнүүр «Саха олоҕо» диэн бэйэтэ таһаара сылдьыбыт хаһыатыгар 1908 сыллаахха бэчээттэппитэ.
Бу «Былаан» тиэкиһин иккиһин 1994 сыллаахха юридическай наука доктора, профессор М.М.Федоров “Памятники права Саха (Якутия)” диэн кинигэтигэр бэчээттэппитэ.
Санкт-Петербурга айана
Сэһэн Ардьакыап 1786 с. сайын Санкт-Петербург куоракка аттанар. Кэлэ-бара 3 сыл айаннаабыт. Онтон 1 сыл 8-9 ыйын Ыраахтааҕыны кытта көрсүһэрин күүтэн олорбут. Суруналыыс З.И.Петухова бэлиэтииринэн, тылбаасчытынан Алексей Сыроватскай диэн киһи барсыбыт.
Номохторго олоҕуран В.В.Никифоров-Күлүмнүүр Сэһэни: «Императрица уһуннук, санаата кэлэн олорон көрсүбүт, онуоха, кини үтүө мөссүөнэ, үрдүк уҥуохтааҕа, дьиктилээх өйө көмөлөстөхтөрө буолуо», – дииллэр.
«Сахалар урукку туруктара» (Сэһэн Ардьакыап туруорсуута)
…Таһаҕаһы тиэйии урут да, билигин да маннык бэрээдэгинэн ыытыллар: хааһына Охотскайга диэри көтөҕүллэр, таһаҕас ахсаанын уонна ыйааһынын биллэрэр. Онуоха сахалар биир ыҥыыр акка 5,5 бууттан ордуга суох илдьэргэ суоттаан, онно сөп буолар ахсааннаах аты уонна киһини туруораллар. Ол сир суолугар сыарҕанан таһаҕаһы таһар букатын кыаллыбат. Аттар ырдахтарына сойутарга, көлө, киһи аһылыгын, малын тиэйэргэ эбии аттар ылыллаллар. Айаннара сүтүгэ, ороскуота суох буолбат, сылтан-сыл ат көлө айаҥҥа өлүүтэ элбиириттэн сахалар дьадайыылара кэлиҥҥи кэмҥэ дириҥээн иһэр.
Зоя Ильинична Петухова суруйуутугар маннык бэлиэтиир: «Алексей Аржаков петицията туох уратылааҕый? Бастатан туран, туруорсар боппуруостара улаханнара, хас биирдиилэрэ бэйэни салайыыны, аныгылыы эттэххэ, суверенитеты хааччыныы сүрүн төһүүтүнэн буолар суолталаах ирдэбиллэр этилэр. Ол күн бүгүнүгэр диэри кытаанахтык турар сир боппуруоһа: «Утверждать в дачу на владение тому, кто вначале отработал». Ол — саха сылгытын эспит, онон саха олугун айгыраппыт ат көлөнөн Охотскайга, айаҥҥа таһаҕас таһыытын үлүгэрдээх түһээниттэн босхолонуу. Ол — бары улуус кулубаларын дьаһайар уобалас кулубатын, олохтоох нуучча администрациятынааҕар киэҥ бырааптаах саха ыраахтааҕыланарын ситиһии. Маны таһынан суут бары уорганнарын бэйэ илиитигэр ылыы.
Сэһэн Ардьакыап идиэйэлэрэ «Степной дума» саҕана (1827-1838) өрө күөрэйэн тахсыбыттара. Кини бэйэтэ дуу, үөрэхтэммит уола дуу, бу Степной думаҕа суруксуттаабыт диэн этэллэр. Ол иһин Суоттутааҕы «Доҕордоһуу» мусуой-комплекс «Күөх тыйаатырыгар» тахсар аартык былыргыттан «Суруксут аартыга» диэн ааттанар.
Историяҕа киирбит өбүгэбит ыра санаата туолан, Саха сирэ Россия састаабыгар киирэн, сувереннай өрөспүүбүлүкэ буолан сайда турабыт.
Татьяна Борисова-Жиркова.
Туһаныллыбыт литература:
- Сэһэн Ардьакыап. Бичик, 2002 с. Аржаков С.С.
- Сэһэн Аржаков. Альбом. Якутск, 2014 г. (З.И.Петухова, Петр Васильев, Игнат Алексеев, Акулина Сокольникова).