Балаҕан ыйын 10 күнүгэр олус тымныы күҥҥэ биһиги, Дьокуускай куорат 17 №-дээх оскуолатын IX «В» уонна IX «Г» кылааһын үөрэнээччилэрэ Тулагыга «Кытыл» бааһынай хаһаайыстыбатыгар хортуоска хомууругар көмөлөһөн кэллибит.
Биһиги, IX «В» кылаастар былырыын эмиэ баран көмөлөспүппүт, онно үчүгэйдик үлэлээн, быйыл эмиэ эрийэннэр, ыҥырыыны ылынан, үөрүүнэн барарга сүбэлэспиппит. Манна субуота күн буолан, төрөпүттэр 40-ча оҕону бары бэйэлэрин массыыналарынан тиийиэхтээх сирбитигэр тириэрдэн биэрбиттэрэ.
Тиийээппитин кытта 12 кыыһы сүбүөкүлэ, уолаттары барыларын хортуоска хостуурга ылбыттара. Төһө да тымныы күн буоллар, ону ол диэбэккэ, үлэ күргүөмнээхтик барбыта. Эбиэккэ бааһынай хаһаайыстыба оҕуруотун аһылыгыттан буһарыллыбыт борщу испиппит, бэйэлэрэ олорпут арбузтарын астына сиэбиппит.
Кыргыттар 23 куул сүбүөкүлэ, уолаттар 93 куул хортуоска хостоон кэлбиппит. Бу күн олус туһалаахтык ааспыта: оҕолор харчы аахсан, үөрэн-көтөн кэлбиппит.
Куорат оҕолоругар салгыҥҥа тахсан үлэлээһин-хамсааһын, билсии-көрсүү олус улахан оруоллаах дии санаатыбыт.
Настя Павлова,
Дьокуускай куорат 17 №-дээх орто оскуолатын IX “В” кылааһын үөрэнээччитэ.