Көмүс күһүн кэлэн саһарбыт сэбирдэҕи тыалга ыһар. Ону кытта оҕолору, устудьуоннары араас үөрэх кыһалара үөрэ көрүстүлэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – быйыл Н.Н.Каратаев аатынан Тааһаҕар орто оскуолатын бүтэрэн, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ естественнэй наукалар институтун устудьуона буолан үөрэ-көтө сылдьар Сайыына Шамаева. Сайыына – үөрэх туйгуна, олоҥхоһут, оһуохайдьыт, оскуолабыт лидерэ, СӨ “Дьулуур” оҕо биир сомоҕо хамсааһынын лидердэрин, активистарын бэлиэ хаһаайката.
Сайыына, үтүө күнүнэн! Бастатан туран эйигин үрдук үөрэххэ киирбиккинэн эҕэрдэлиибин. Ааҕааччыларбытыгар бэйэҕин билиһиннэрэргэр көрдөһөбүн.
Үтүө күнүнэн! Мин аатым Шамаева Сайыына, быйыл оскуолабын бүтэрэн, республикабыт биир сүрүн үөрэх кыһатыгар туттарсан киирэн дьиэ кэргэнинэн үөрүүбүт муҥура суох. Бэйэм туспунан кэпсээтэххэ, 4 оҕолоох Наталья Александровна, Николай Михайлович Шамаевтар дьиэ кэргэттэригэр саамай кыраларабын. 3 убайдаахпын: Александр – Хабаровскайга тимир суолу тутар инженер үөрэҕин бүтэрэн, “Железные дороги Якутии” тэрилтэҕэ үлэлии сылдьар, Михаил – быйыл АГИКиИ кыһыл дипломунан бүтэрэн, ХИФУ магистратуратыгар үөрэҕин салгыы киирдэ, Алексей – ХИФУ РФ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтугар туйгуннук үөрэнэр. Биһиги дьиэ кэргэнинэн, үгүстэр курдук, сүөһү-сылгы иитэбит, “Хардыы” диэн кэтэх хаһаайыстыбалаахпыт. Биһиги бары үлэ, үөрэх таһынан сөбүлүүр дьарыктаахпыт: аҕам тимир уһааран быһах оҥорор, сүүрүк аттары иитэр, ийэм оҕуруот аһын арааһын, сибэкки үүннэрэр, мин убайдарбынаан эбэбит СӨ култууратын, үөрэҕириитин туйгуна Григорьева Маргарита Егоровна уһуйан, кыра эрдэхпититтэн олоҥхолуубут, оһуокайдыыбыт, норуот ырыаларын толоробут. Саха фольклорунан дьарыктанан бары үгүс ситиһиилээхпит, араас сири-дойдуну көрдүбүт.
Үөрэҕиҥ туһунан кэпсэтиэххэ. Туох идэлээх үлэһит буолаҕын? Тоҕо бу идэни таллыҥ?
Кыра эрдэхпиттэн учуутал буолуохпун баҕарар этим. Кып-кыра эрдэхпиттэн учууталлаах оонньуурум, маҥнайгы учууталым Альбина Егоровнаны холобур оҥосторум, кэлин улаатан баран биология, химия учуутала Сардаана Руслановна киэҥ билиититтэн сөҕөрүм-махтайарым. Бу үөрэхпин бүтэрдэхпинэ биология, химия учуутала буолуохтаахпын. Бэйэм айылҕаҕа олус чугаспын, айылҕаҕа сылдьарбын, кэтээн көрөрбүн, үөрэтэрбин олус сөбүлүүбүн, ол иһин бу идэни таллым. Үөрэххэ киирэрбэр нуучча тылын, обществознание, биология предметтэригэр БКЭ туттаран киирдим.
Үөрэххэ киирэргэр туох ыарахаттары көрүстүҥ?
Улахан ыарахаттары көрсүбэтим диэххэ сөп. Барыта кэминэн.
Билигин үгүс улахан кылаас оҕото идэни эрдэ талбат, эксэээмэннэр эрэ кэннэ ханна-туох баарынан туттарсар. Эн эрдэттэн сыал-сорук туруорунан киирдиҥ?
Ханнык баҕарар киһи үчүгэйтэн үчүгэйи тала сатыыр буоллаҕа дии, мин эмиэ кыра эрдэхпиттэн үгүс-элбэх идэни сыымайдаан (полиция, психолог, артыыс, парикмахер, массажист) бөҕө буоллаҕа дии… Онтон сыта-тура толкуйдаан, кыахпын, баҕабын учуоттаан бэйэбэр сөптөөх идэни таллым дии саныыбын. Онон оскуоланы бүтэрээри сылдьар оҕо ханна туттарсыахха диэн буккуллара туох да куһаҕана суох дии саныыбын. Онтон оҕо туох буоларын, туох эппиэтинэһи сүгэрин билбэт, инники олоҕор туох да сыала суох буоллаҕына, дьэ, кырдьык, уустук.
Биһиги эйигин бары өттүнэн талааннаах, олус көхтөөх үөрэнээччи диэн билэбит. Университекка киирдэххинэ активистар ахсааннарыгар киирэҕин дуо?
Үөрэнэ сылдьан олоҥхолоон, оһуокайдаан, араас күрэхтэргэ, олимпиадаларга, НПК-ларга кыттан оскуолатааҕы сылларым чыычаах көтөн ааспытыныы биллибэккэ аастылар. “Үрүмэччи” фольклорнай ансаамбылынан Сахабыт сирин улуустарынан, дойдубут араас куораттарынан сырыттыбыт. Маны таһынан, төрөөбүт Бүлүүм улууһугар 2015 сыллаахха дойдубут президенэ В.В.Путин ыйааҕынан тэриллибит Россия үөрэнээччилэрин хамсааһынын (РДШ) лидерэ этим. Манна сылдьан үгүс дьону кытта алтыстым, билиибин хаҥаттым, онон салгыы даҕаны дьон ортотугар сылдьыам, үлэлиэм-хамныам диэн бэйэбэр эрэллээхпин. Төрөппүттэрим, убайдарым, чугас дьонум бары даҕаны үлэни өрө туппут дьон, мин кинилэри холобур оҥостобун. “Үлэ киһини киэргэтэр”, “Куһаҕан үчүгэйэ суох буолбат” диэн өбүгэлэрбит ох тылларынан сирдэтэбин.
Билигин оскуоланы бүтэриэхтээх оҕолорго тугу сүбэлиэҥ этэй?
Киһи бэйэтин бэйэтэ оҥостор, онон “учуутал эттэ”, “төрөппүттэрим эттилэр” диэн буолбакка эрэ. Эрдэттэн сыал-сорук туруорунан, бириэмэни сөпкө аттаран, бэйэни үлэлии үөрэттэххэ киһи холкутук сылдьар эбит диэн түмүккэ кэллим.
Сайыына, интэриэһинэй кэпсээниҥ иһин махтанабын. Эйиэхэ талан ылбыт үөрэххэр ситиһиилэри баҕарабын.
Эйиэхэ эмиэ барҕа махтал!
Кэпсэттэ Нахова Дайаана,
VII кылаас,
Тааһаҕар, Бүлүү