Мин сайыммын “Артек” лааҕырга түмүктээтим. Үөрэнэр кэмнэрбэр элбэх араас НПК-га, күрэхтэһиилэргэ кыттаммын, лааҕыр путевкатын ыларга конкурска докумуоннарбын ыытан, онон баал ааҕыллан, хапсыбытым. Онон, сайыны быһа дьиэбэр аҕабар көмөлөһөн үлэлээн, сайыҥҥы сынньалаҥым бүтүүтэ атырдьах ыйын 23 күнүгэр сынньана, доруобуйабын тупсара Бүтүн Арассыыйатааҕы “Артек” лааҕырга онус сменаҕа тиийбитим.
Дьокуускайтан Симферопольга диэри иккитэ пересадкалаан көтөн тиийбиппит, аэропортка “Артек” лааҕыр үлэһиттэрэ көрсөн, автобуһунан лааҕырга айаннаабыппыт, Артек бэйэтин автобустара, массыыналара элбэҕин көрөн сөхпүтүм.
“Артек” бэйэтэ муора кытыытыгар Аю-даг хайа анныгар турар. Бэйэтин иэнэ киэҥ да киэҥ эбит, туспа дойду курдук, онно биир сменаҕа 3000 тахса оҕо сынньанар, туспа куорат оройуонун саҕа, хас даҕаны куорпустардаах, кип-киэҥ стадионнаах, бассейн, спортивнай площадка, музейдар — аренаттан саҕалаан оскуолаҕа диэри “Артек” бэйэтин элбэх тутуулара баар эбит. Лааҕырбыт Крымҥа баар буолан, итии дойдуларга эрэ үүнэр араас үүнээйилэр көҕөрөн, кытаран тураллара — кэрэ көстүү. Кыраайы үөрэтэрбитин иһин, кырата 100 үүнээйи арааһын хас биирдии “Артек” оҕото билиэхтээх. Манна үүнэн турар үүнээйилэри мин хаһан да көрө, сорохтору билэ да илик этим.
Биир километр курдук киэҥ, уон миэтирэ курдук усталаах, муора кытылыгар, бульоктарынан (бульки) хааччахтаммыт оҕо сөтүөлүүрүгэр усулуобуйа баар. Муораны хаһан да көрбөтөх оҕолору теплоходунан уонна тыынан хатааһылаталлар.
Биһиги күҥҥэ 6 аһыыр этибит, астара наһаа минньигэс уонна хас күн аайы араас национальнай кухня аһын астыыллар, хас аһылык аайы фрукта бөҕө. Ол эрээри аһыы-аһыы муора кытылыгар сынньана сыппаккын. “Артек” иһинэн 9 туспа лааҕырдар бааллар. Холобура, мин туристическай лааҕырга киирбитим, онно быаны хайдах түмэн баайарга, оҥхой сири быанан тутуһан хайдах туоруурга, тыаҕа муммат гына маһынан хайдах сирдэтэн сылдьарга үөрэтэллэр.
Билии күнүттэн саҕалаан үөрэммиппит. Лааҕыр бэйэтэ туспа түөрт этээстээх оскуолалаах, онно араас сиртэн кэлбит, биһигини араас сиртэн мустубут оҕолору кытта биир уопсай тылы булар учууталлар үөрэппиттэрэ. Нэдиэлэҕэ биирдэ дискотека уонна театральнай куонкурустары тэрийэн ыыталлар. Бириэмэни туһалаахтык атаарарга лааҕырбыт скаладромнаах, тыаны моһоллоох сиринэн туоруур сирдээх.
Лааҕырга сылдьар кэммэр төрөөбүт күнүм буолбута, бары үөрэ-көтө эҕэрдэлээбиттэрэ уонна минньигэс пирог астаан күндүлээбиттэрэ.
Бу 21 күн мин олохпор хаһан да умнуллубат, сайыным биир кэрэ-бэлиэ түгэнинэн буолар.
Алеша ПЕТРОВ,
Алампа аатынан Ытык-Күөл 1 №-дээх орто оскуолатын 11 б кылааһын үөрэнээччитэ,
“Ситим” кулууп эдэр кэрэспэдьиэнэ.