Улахан Аан нэһилиэгин оҕолоро сайын аайы алаастарга көһөбүт. Биһиги Куоһаҕас диэн алааска көһөбүт. Сайылыкка олорор оҕолорго сайын аайы учууталлар кэлэн сорудах биэрэллэр. Ким эрэ индюк иитэр, ким эрэ перепелка, сорохтор туттуллубут батарейка хомуйаллар, сибэкки олордоллор, төрөппүттэригэр көмөлөһөллөр, ынах үүрсэллэр, оттууллар, балыктыыллар, сир астыылар.
Мин бу сайын сынньалаҥым кэмигэр сайылык туһунан задачалары толкуйдаабытым. Барыта 20 задача буолбута. Задачаларым тыа сирин эйгэтиттэн.
Күһүн үөрэнэ кэлэн баран, бары сайын тугу гыммыппытын кэпсээн, бырайыактарбытын көмүскүүбүт. Быйылгы «Сайылык оҕото» тэрээһиҥҥэ мин задачаларбын хомуурунньук оҥорбутум туһунан кэпсээбитим.
Онно 1 миэстэ буолан, грамотанан уонна тостерынан наҕараадаламмытым. Мин учууталым Оксана Викторовна математика учуутала. Кинини кытта задача хомуурунньугун оҥорбуппут. Мин задачаларбын алын сүһүөххэ үөрэнэр оҕолор суоттуохтарын сөп.
«Кэскил14.ру» сайт ааҕааччыларыгар эмиэ суоттатан көрүөхпүн баҕарабын.
1 задача
Даша, Маша, Оля отоннуу барбыттар. Даша 5 кг 400 г отону хомуйбут, Маша Дашатааҕар 600 г аҕыйаҕы хомуйбут. Оля Машатааҕар икки төгүл аҕыйаҕы хомуйбут. Бары бииргэ хас киилэ отону хомуйбуттарый?
2 задача
Дима эhээтин кытта балыктыы барбыттар. Дима 13 балыгы хаптарбыт, онтон эhээтэ 6 балыгынан элбэҕи хаппыт. Дима эhээтин кытта хас балыгы хаппыттарый?
3 задача
Бостуук 136 ынаҕы булуохтаах. Хонууттан 53 ынаҕы, күөлтэн 37 ынаҕы булбут. Бостуук өссө хас ынаҕы булуохтааҕый?
4 задача
Биир хотоҥҥо 23 ньирэй баар. Иккис хотоҥҥо 25 ньирэй баар. Онтон үhүс хотоҥҥо бастакы уонна иккис хотону холбообуттан 14 аҕыйах. Үс хотоҥҥо хас ньирэй баар эбитий.
5 задача
Сайылыкка 3 ыанньыксыт баар. Киэhээҥи ыамҥа биир ыанньыксыт 210 л үүтү ыабыт. Иккис ыанньыксыт киниттэн 20 л аҕыйаҕы ыабыт. Онтон үһүс ыанньыксыт, иккистээҕэр 30 л аҕыйаҕы ыабыт. Бары бииргэ хас лиитэрэ үүтү ыабыттарый?
6 задача
Сайын отчут 30 км сири 6 ч устата сатыы барбыт. Кини ити барбыт сирин атынан хас чаас айанныай, өскөтүн ат сатыы киhиттэн 10 км/ч түргэн буоллаҕына?
Эппиэттэргитин күүтэбит!
Лейла АЛЕКСЕЕВА,
М.Е. Васильева аатынан 2 Малдьаҕар
орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ.