«Сахалыы тыыннаах оскуолалар уонна уһуйааннар» түһүлгэ («Ийэ тыл-2024» ийэ тылы хараанныыр түмсүүлэр улахан форумуттан санаалар)
• Кими туох долгутарый?
• Сахалыы эйгэни тэнитэр уустуктарыттан тахсар суол тугуй?
• Сайдыы ханна сытарый?
• Саҥа ньымалары тарҕаттахха? Ханныктарый?
Саха киһитэ, эйигин, бука, оҕоҥ, ыччатыҥ инники дьылҕата хайаан да долгутар буолуохтаах. Бу түһүлгэҕэ кэлэҥҥин санааҕын атастас, атын дьон көрүүлэрин иһит.
Дьикти үтүө күн ааста — сахаҕа. Сахалыы сайаҕас, сахалыы аһаҕас, сахалыы истиҥ уонна кырдьыктаах олохпутугар, эйгэбитигэр баар ыарахаттары, эбэтэр сайдыы саҥа үктэллэрин көрөр, ону талар, санаа үллэстэр түһүлгэтэ. Бүгүн биһиэхэ, А.Г. уонна Н.К Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятыгар (дириэктэр — В.С. Пермякова).
Биһиги үөрэбит эрэ буоллаҕа дии, аҕыйах кэмтэн бэттэх Саха Өрөспүүбүлүкэбит Наукаларын Академиятыгар Төрөөбүт тылы чинчийэр, харыстыыр уонна сайыннарар киин тэриллибитэ.
Бу салааны Феодосия Васильевна Габышева салайар, педагогическай наука доктора, профессор. Кини бүгүн «Сахалыы тыыннаах оскуолалар уонна уһуйааннар» диэн сэһэргэһиибит түһүлгэтин иилээн, кэпсээн, сэһэргэһиини тардан ыытта. Мунаарар, долгуйар уонна туруорсар хас биирдии киһиэхэ истиҥ болҕомтотун ууран туран сүбэлээтэ.
Ольга Дмитриевна Семенова, Дьокуускай куорат 31 №-дээх орто оскуолатын алын сүһүөх кылааһын учуутала:
— Биһиэхэ куорат оскуолатыгар сахалыы эйгэни тэрийэбит диир буоллахпытына, уһуйааннар боппуруостара, иитэр эйгэлэрэ туран кэлэр. Сахалыы тылынан саҥарар, сахалыы бэлэмнээх оҕолору биһиги оскуолаҕа ыларбыт буоллар, билигин ол атын, ону бары билэ-көрө сылдьаҕыт. Иккиһинэн, үөрэтэр учебниктарбыт ис хоһоонноро ыарахан диибит, элбэх учуутал оун этэр, бу баар суол. Уонна үсүһүнэн, син уустук туруорсуу диибит, сахалыы тыллаах кылаастар, биһиги, субуотаҕа үөрэнэбит, оттон нууччалыы тыллаахтар биэс күн үөрэнэллэр. Ардыгар төрөппүт бу да иһин оҕотун саарыыр холобурдара тахсан кэлэллэр.
Василий Васильевич Бурнашев, эһээ, пенсионер, төрүт култуура учуутала ( Уус Алдан улууһа):
— Мин оҕолорум да, сиэннэрим бары сахалыы саҥарабыт, соҕуруу да олорбуттара, үөрэммиттэрэ, ол гынан баран саҥаларын, эйгэлэрин ыһыктыбаттар. Тоҕо? Өбүгэм сайылыгар киллэрэбин — бу баар иитии. Куоракка сылдьабын, ону-маны көрөбүн, толкуйдуубун . Ити «САХАТ» оскуолатын сүнньүн тутуһуохха баара дии саныыбын. Куорат төрөппүттэрэ сайын оҕолорун илдьэ сайылыктарыгар тиийэллэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпын.
Саргылаана Андреевна Ноговицына, «Кэрэчээнэ» ( Хатас нэһиэлэгэ) уһуйаанын методиһа, иитээччи:
— Бастатан туран, сахалыы тыллаах бөлөхтөрбүт элбииллэрэ буоллар диэн урут-уруккуттан этэбит, баҕа санаа быһыытынан. Хатаска «Кэрэчээнэ» уһуйааммытыгар 12 бөлөхпүт барыта сахалыы, онон эйгэбитин тутан олоробут диибит. «Төрөппүт оскуолата» бу биир олус суолталаах салаабытын үлэлэтэбит, Галина Семеновна Попова-Санаайа кэлэн наһаа үчүгэйдик сааһылаан, биир-биир кэпсээн, таһааран, ууран биэрэн барбыта. «Кэрэчээнэ кэпсээннэрэ» диэн бырайыактаахпыт, бу эйгэ эмиэ туспа ураты тыыны иҥэрэр. Ийэ тылы иҥэриигэ, тэрийиигэ, өбүгэ ситимин үөрэтиигэ cүбэһиттэр олус наада буоллулар, ол аата чахчы идэлээх дьон наада буолла. «Айар» кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэр оҕо кинигэлэригэр сороҕор син уустук соҕустук ааҕыллар түгэннэр бааллар, оҕоҕо ыарахан диэн этэбин. «Чуораанчык» оҕо сурунаалын редакциятын үлэһиттэригэр махтанабын, олус үчүгэй биһиги үлэбитин чэпчэтэн, бэлэм пособие-сурунааллары бэчээттииллэр, онно барыта баар, ыл да үлэлээн бар.
Айталина Петровна Иванова, ОДНКР, төрүт култуура учуутала ( ЯГНГ), «Сыахай» уһуйаан уһуйаачыта, маастар:
— Киһи этэрэ элбэх, бу маннык кэпсэтии тэриллэрэ олус туһалаах уонна суолталаах. Мин икки син уустук соҕус эрээри, быһаарыллыа диэн эрэнэн туран этэбин. Төрүт култуура предметэ болҕомто киинигэр ылыллыан наада. Бэриллэр чааһа аҕыйаан иһэр, аны туран «История Якутии» предмеккэ холбуохтара үһү диэн эмиэ этэллэр. Бу биһиги сахалар биир баар-суох, омукпут уратытынан иитиллэр, үөрэҕи биэрэр предмеппит эбээт!? Мин үрдүк үөрэхтээх төрүт култуура учууталабын, культурологпын, холобур. Манна турунан туран сүбэлэһии улахан мунньаҕа тэриллиэн наада дии саныыбын. ОДНКР предметин көрөн, тиэмэлэрин сахатытан биэриэххэ сөп, ону эмиэ мустан ырытыһыахха.
Вероника Павловна Васильева, гимназия (ЯГНГ) дириэктэр сүбэһитэ:
— Биһиги гимназиябыт туспа ураты сэһэннээх, ыытыллар үлэтэ элбэх, тэрийэр эйгэтэ үгүс.
Саҥаттан-саҥаны, сайдыы туһунан этэр буоллахха, “Орлята России” (“Россия Өрүөлчээннэрэ”) диэн хамсааһыммыт тректэрин сахатытан биэрэбит, маны оҕо олус үчүгэйдик ылынар. Уонна биир баҕа санаабыт — “Дьоһуннаах кэпсэтии” диэн (“Разговоры о важном”) гимназиябыт бэйэтин сэһэнин киллэриэхтээхпит.
Юлия Васильевна Борисова, Сардаана Дмитриевна Новгородова, Таатта улууһун Чөркөөх орто оскуолата, «Сардаана» оҕо сайыҥҥы лааҕырын тэрийээччилэр:
— Бу лааҕыр биһиги Чөркөөхпүт оскуолатын иһинэн үлэлиир. Былатыан Ойуунускай олорбут, айбыт сирдэринэн «Ойуунускай ыллыктарынан» диэн лааҕырбыт биир сүрүн салаата буолар. Сайыҥҥы лааҕырбытыгар кэлбит оҕолору оскуолабытыгар түһэрэбит, холбоон 7 хайысханан үлэни тутабыт, 5-тэ аһатабыт. Оҕо айар, суруйар дьоҕурун арыйарыгар туох баар бары кыһамньыбытын уурабыт, сайыннара сатыыбыт. Быйыл өссө суруйааччы сойууһун кытта биир ситимнээхтик үлэлиэхтээхпит. Онон. Биһиги “Сардаана” лааҕырбытыгар айар куттаах оҕолору ыҥырабыт.
«Сахалыы тыыннаах оскуолалар уонна уһуйааннар» түһүлгэҕэ кырдьыга да, оҕо-аймах, ыччат дьон — бүтүн нация инники дьылҕатын туһугар кыһаллар, туруулаһар туруу дьон кэлбиттэрэ хас биирдиибитигэр эрэли угар. Этиилэр, туруорсуулар элбэхтик этилиннилэр, ол аата баҕа санаа баар, үлэлииргэ уонна сайдар суолу тутарга.
Татьяна Жиркова, норуот үөрэҕин тарҕатааччы (ЯГНГ), Дьокуускай куорат.