Өктөм лиссиэйин үөрэнээччилэрэ Афоня Иванов уонна Юлиана Колесова, ахсыс кылааска үөрэнэ сылдьан, “Сахалыы тыллар” диэн саҥа тылланан эрэр оҕолорго аналлаах туһалаах оонньууну айан таһаарбыттар.
Онтон былырыын күһүн салайааччылара Евгений Абрамов, “Ростелеком” хампаанньа “Классный Интернет” диэн Бүтүн Россиятааҕы кэтэхтэн куонкуруһу биллэрбитин истэн, оонньуулара туох туһунан буоларын сиһилии суруйан, ссылкатын ыйан баран, сайаапкаларын туһааннаах сиргэ ыыппыт.
Өктөмнөөҕү научнай-үөрэтэр киин үлэһитэ, эбии үөрэхтээһин педагога Евгений Семенович АБРАМОВ:
– Бу күһүнтэн хас да ый ааста. Ол иһин куонкурус туһунан умна да сыстыбыт. Биирдэ эмит киирэн көрөөччүбүн. Арай, аҕыйах хонуктааҕыта саныы биэрэн, сайтка киирбитим, финалистар ортолоругар “IT приложения и игры” диэн номинацияҕа биһиги хамаандабыт баар эбит! Кулун тутар 15 күнүгэр кыайыылаахтар ааттара тахсыаҕа диэн биллэрии турара. Онон бөлүүн түүн киирэн, III миэстэҕэ тиксибиппитин билэн, олус соһуйдум. Кыайыылаахтар сыаналаах бириистэри тутуохтара диэн суруллубутун көрөн, үөрүүбүт өссө үрдээтэ.
Бырайыакпытын, куонкуруска кыттыахпыт диэн, анаан-минээн оҥорботохпут. Оҕолорго туһалаах буоллун диэн сыаллаах-соруктаах айбыппыт. Уонна … Бүтүн Россиятааҕы куонкуруска миэстэлэһэн хааллыбыт, – диир.
Икки ыйдаах үлэ түмүгэ
Юлиана КОЛЕСОВА, IX кылаас, Өктөм лиссиэйэ:
– Бастаан бырайыакпыт хайдах буолуохтааҕын толкуйдаабыппыт. Онтон хайысхаларын, ханнык тыллар киирэллэрин быһаарбыппыт. Афоня бырагырааматын оҥорор кэмигэр мин бырааппын Эрчими (билигин II кылааска үөрэнэр) саҥардыбытым. Барытын диктофоҥҥа уһулан испитим. Онтон анал бырагыраама көмөтүнэн тупсаран, чочуйан биэрбиппит. Икки ый курдук үлэлээбиппит. Былырыын муус устарга саҕалаан баран, ыам ыйыгар аан дойду ситимигэр укпуппут. Play Market-тан босхо хачайдыахха сөп. Билиҥҥитэ 300-тэн тахса киһи хачайдаабыт.
Уопсайа хас тыл киирбитин чопчу этэр кыахпыт суох. Холобур, “Чыыһылалар” диэн хайысхаҕа уон эбит буоллаҕына, “Кыылларга” оннооҕор элбэх, – диэн кэпсиир “Сахалыы тыллар” оонньуу ааптардарыттан биирдэстэрэ.
Юлиана информатиканы, математиканы, ангылычаан тылын ордорор. Оскуолатын бүтэрдэҕинэ, тылбаасчыт эбэтэр программист үөрэҕэр туттарсар санаалаах. Афоня ханна барарын быһаарына илик.
Күүтүүлээх куруһуоктарын көтүппэттэр
Өктөмнөр бырайыактарын улаханнык ханна да кэпсии, уопут атастаһыытыгар, маастар-кылаастарга кытта иликтэр. Арай лиссиэйгэ ыалдьыттар кэллэхтэринэ, үөрэ-көтө кэпсииллэр эбит. Евгений Семенович “Робототехника”, “Разработка игр” диэн куруһуоктардаах. I-X кылаас оҕолоро дьарыктаналлар.
– Юлианалаах Афоня миэхэ кыра кылаастан дьарыктаналлар. “Робототехникаҕа” сылдьаллар.
Оҕо интэриэстээх буоллаҕына, үлэ ордук тахсыылаах, түмүктээх буолар. Алын сүһүөх кылаас үөрэнээччилэрэ харахтара умайан олорор. Кыралар куруһуокка бары 100 бырыһыан сылдьаллар. Дьарыгы олус күүтэллэр, хаһан да көтүппэттэр. Былырыын анимация устуудьуйатын үлэлэппиппит. Кылгас кээмэйдээх мультиктары оҥорбуппут.
2016 сыллаахха “Алгоритмик” диэн бастакы оонньуубутунан биир оҕо өрөспүүбүлүкэтээҕи “Кэскилгэ хардыыга” ситиһиилээхтик кыттыбыта. Быйыл информатика учууталын, технопаарканы кытта “Умный класс” диэн бырайыагы үлэлэттибит. Play market-ка баар. “Умный класс” диэн ааттаах үлэ элбэҕэ буолуо. Өктөмнөөҕү научнай-үөрэтэр киин диэтэххэ, түргэнник булуоххут, – диэн эдэр педагог үлэтин-хамнаһын кэпсиир.
“Сахалыы тыллар” оҕону сайыннарар, үөрэтэр өрүтэ үгүс. Бу көмөтүнэн саҥа тылланан эрэр кырачаан алта хайысханан саамай наадалаах тыллары үөрэтиэн сөп: чыыһылалары, дорҕооннору, кыыллары, маллары, өҥнөрү, фигуралары.
Айыына КСЕНОФОНТОВА.