Википе́дия араас элбэх омук тылынан суруллар интернет-энциклопедия буолар. Wiki («вики») гавай омук тылыттан «түргэнник») уонна encyclopedia («энциклопедия») диэнтэн тахсар.
Википедия 2001 сыллаахтан Интернет ситимигэр үлэлиир. Онтон Сахалыы Бикипиэдьийэни олоххо киллэрбит киһинэн быраас идэлээх Николай Николаевич Павлов буолар. 2006 сыллаахтан Сахалыы Бикипиэдьийэҕэ 11 тыһыынчаттан тахса ыстатыйаны суруйан таһаарда. Сахалыы Бикипиэдьийэни манна киирэн көрүөххүтүн син: https://sah.wikipedia.org/wiki/%D0%A1%D2%AF%D1%80%D2%AF%D0%BD_%D1%81%D0%B8%D1%80%D1%8D%D0%B9
Билигин Николай Павлов сахалыы «Викицитатник» оҥоруутугар үлэлии сылдьар. Аныгы үйэҕэ туох баар сонуну, информацияны дьон Интернет ситимиттэн булан ааҕаллар. Онон Сахалыы Бикипиэдьийэ суолтата билиҥҥи кэмҥэ үрдээн иһэр. Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев Интернеккэ Саха сирин туһунан чахчылары, информацияны кэҥэтэргэ, элбэтэргэ бырабыыталыстыба таһымыгар сорудах биэрбитэ. Информация, биллэн туран, сахалыы эрэ буолбакка, нууччалыы уонна ангылычаанныы эмиэ буолуохтаах. Манна «Биики Саха» (нууччалыыта — «Викимедиа Саха») уопсастыбаннай хамсааһын сүрүн оруолу ылар.
Соторутааҕыта Сахалыы Бикипиэдьийэ дьаһабыла Н. Н. Павлов-Халан маннык сонуну таһаарбыта:
— Манна «Наши университеты» күрэс туһунан суруйа илик эбиппин. Сахалартан Луиза Петрова (Этигэн Ыра) наһаа ситиһиилээхтик кытынна. Төһө да бастакы миэстэни ылбатаҕын иһин, Арассыыйа үрдүнэн саамай элбэх ыстатыйаны кини суруйда! Күрэс хайдах да түмүктэммитин иһин биһиги санаабытыгар Этигэн Ыра — кыайыылаах! Кини хас да дьикти санааны сахта.
Бастатан туран, «башкиир бабушкалара» кимиэхэ да кыайтарбаттар, кинилэри ситэр сатаммат диэн санааны булгурутта. Итинник санааттан сорох атын омуктар күрэскэ кытта да сатаабатахтара, аһаҕастык инньэ диэн суруйбуттара. Оттон биһиги киһибит кимнээҕэр да элбэҕи суруйда.
Иккиһинэн, сүрдээх элбэх ыстатыйаны кылгас кэмҥэ суруйуохха сөп эбит диэн санаа киирдэ. Этигэн Ыра икки нэдиэлэ иһигэр 90-тан тахса толору ыстатыйаны суруйда эбээт! Үсүһүнэн, тыаттан олорон (кини Бүлүү тыата) Бикипиэдьийэҕэ суруйуохха сөп эбит диэн дакаастаата. Төрдүһүнэн — бу мин санаабар ордук сөхтөрүүлээх — төлөпүөнүнэн да улахан ыстатыйалары суруйуохха сөп эбит! Көмпүүтэрэ суох! Аны кини кыттан, башкиирдар, татаардар да сүрдээҕин суруйа сатаатылар, сырса сатаан. Онон башкиир, татаар биикилэригэр эмиэ туһаны аҕалла, биһиги Этигэн Ырабыт. Бу аан дойдуга көҥүл билии тарҕанарыгар эмиэ биир дьоһуннаах кылаат, доҕоттоор! Этигэн Ыра 96 ыстатыйаны суруйда! Биикиһиттэр ааттарыттан нөрүөн нөргүйэбин! Бу сүрдээх үлэ.
keskil14.ru саайтка анаан Бүлүү Хампатын олохтооҕо, аптекарь идэлээх Луиза Петрова- Этигэн Ыра Сахалыы Бикипиэдьийэҕэ үлэлиир уопутун туһунан кэпсээтэ.
-Мин, ахсынньы ыйга Бүлүү Тыымпытыгар улахан дьиэ кэргэҥҥэ ахсыс оҕонон күн сирин көрбүтүм. Оскуола, Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ училищетын кэнниттэн Томскайдааҕы мэдиссиинэ институтун бүтэрэн, провизор идэтин ылан Бүлүү Хампатыгар аптека сэбиэдиссэйинэн өр кэмҥэ үлэлээбитим.Онно ыал буолбутум. Икки оҕолоохпут.
Бикипиэдьийэҕэ кыттыспытым иккис сылым. Сахалыы Бикипиэдьийэ салайааччыта Николай Николаевич Павлов-Халан көҕүлээн сыһыарбыта уонна өрүү сүбэ-ама биэрэр, өйүүр, тирэхтиир. Саха Бикипиэдьийэтин тэрийбит бас-көс киһибит.
Бикипиэдьийэ диэн билии-көрүү уйата. Билии-көрүү хаһан баҕарар, ханна баҕарар, кимиэхэ баҕарар өрүү наада. Оннук кэмҥэ кэлэн олоробут. Билиилээх киһи — ситиһиилээх.
Онон, сахабыт дьонугар, улаханыттан-кыратыгар диэри билиилэрэ-көрүүлэрэ элбээтин ситиһиилээх дьон буоллуннар диэн Сахалыы Бикипиэдьийэни салгыы сайыннарыах тустаахпыт.
Бикипиэдьийэ ыстатыйатын ким баҕарар суруйуон сөп. Тиэмэтин бэйэҥ талаҕын. Биитэр, сороҕор сорудах быһыытынан эмиэ суруйуохха сөп. Холобура, мин бу ыйга «Наши университеты» диэн ааттаах россиятааҕы куонкуруска кытынным. Ол аата Арассыыйаҕа баар үрдүк үөрэх тэрилтэлэрин туһунан эрэ суруйдубут.
Бикипиэдьийэ ыстатыйата — өйтөн суруйуу буолбатах. Баар чахчылартан(википедияттан, энциклопедияттан, ордук БСЭ -Большая Советская Энциклопедия) ылан сигэтин(ссылкатын) ыйан туран суруйуохтаахпыт. Ити сүрүн ирдэбил.
Бикипиэдьийэ ыстатыйатын мин төлөпүөнтэн суруйабын. Эһиги эмиэ оннук суруйуоххутун сөп. Куонкуруска кыттар буоллахха, ыстатыйаны түргэнник бэлэмнээн, таҥан, силигин ситэрэн, түргэнник бэчээттии охсон ыыта охсуохха наада. Куоталаһыы буоллаҕа дии. Олох түргэн туттуу, сылайбытыҥ да иһин, дьулуур, тулуур наада.
Мин Арассыыйа таһымыгар бастакы кыттыым. Улахан уопутум суох. Сахалыы Бикипиэдьийэҕэ ыстатыйаны нууччалыы Википедияттан киллэрэргэ нууччалыы үчүгэйдик билэр уонна сахалыы тылбаастыыр, сөпкө суруйар буолуохтаахпыт. Бикипиэдьийэҕэ ыстатыйа суруйар таһымы сылтан сыл үрдэтэ туруохтаахпыт.
Оҕолор. кытаатан көҥүл билиини сахабыт дьонугар Сахалыы Бикипиэдьийэ нөҥүө тарҕатарга кыттыһыҥ!
Сахалыы Бикипиэдьийэҕэ ыстатыйаны хайдах киллэргэ тэттик сүбэлэри биэрэбин:
Ыстатыйа суруйуох иннинэ бастаан Бикипиэдьийэҕэ киирэбит. Бэлиэтэнэбит(регистрация).Ону, бу Саха Бикипиэдьийэ салайааччыта Н. Н. Павлов-Халан тус бэйэтэ уһулбут видеотунан сирдэтэн оҥоробут.
Ол кэннэ бу ссылканан Бикипиэдьийэҕэ киирэбит.
Ол кэннэ, бу ссылканан Бикипиэдьийэҕэ киирэбит.
https://sah.wikipedia.org/wiki/%D0%A1%D2%AF%D1%80%D2%AF%D0%BD_%D1%81%D0%B8%D1%80%D1%8D%D0%B9
Сүрүн сирэйгэ киирэн, бастакынан, арыый аллараа түһэн «Бикипиэдьийэ туһунан» уонна «Бастаан маны аах» диэннэри булабыт, иһигэр киирэн олус, олус болҕомтолоохтук ааҕабыт. Ыстатыйаны суруйуу туһунан итиннэ барыта сиһилии сурулла сылдьар.
Онтон, ити суруктан хаҥас өттүгэр баар «Саҥа ыстатыйаны сирдьит көмөтүнэн суруйуу » диэни баттаан онно киирэбит.
Эмиэ болҕомтолоохтук ааҕабыт. Онтон кэлэр сирэйгэ «Саҕалыырга» диэни баттыыбыт.
Бу сирэйгэ киирэн барытын кичэйэн, болҕомтолоохтук ааҕабыт. Ыстатыйаны хайдах саҕалыырга алта хаамыылаах сүбэлэр бааллар. Онно, ыйытыктарыгар хоруйдаан хаамыыттан хаамыыга көһөн иһэбит. Тиһэҕэр, «Ыстатыйаны саҕалыырга» диэн сурукка тиийэбит.
Манна киирэн аллара түһэн, «Ыстатыйаҥ аатын суруй» диэн түннүгү булан, холобура, «Саратовтааҕы судаарыстыбаннай мэдиссиинэ института» диэн суруйабыт.
Уонна «Аатын суруйан баран маны баттаа» диэн суруктаах күөх тимэҕи баттыыбыт.
Ыстатыйаны суруйар сиргэ дьэ тиийдибит. Ити арыллыбыт сири саппака эрэ,
Нууччалыы Википедияҕа киирэн Саратовский государственный медицинский институт диэн нууччалыы ыстатыйаны булабыт. Мин бэйэм чатпар куопуйалаан илдьэн ааҕабын, тылбаастыыбын, таҥабын барытын сахалыы суруйабын. Куопуйалаан суруйар сиргэ илдьэбин. «Вставить» диибин. Үчүгэйдик көрөбүн, көннөһүллэри көннөрөбүн. Онтон үөһэ ааҕан ылыммыт билиибэр олоҕуран ис-тас сигэлэрин туруортуубун. Категорияларын булан эмиэ туруорабын, ол кэннэ «Оҥор» онтон киирэн «Бэчээттииргэ» диэн күөх тимэхтэри утуу-субуу баттыыбыт. Бүттэ. Ыстатыйа сурулунна.
Сахалыы Бикипиэдьийэҕэ ким баҕарар наадалаах, туһалаах информацияны суруйуон сөп. Сүрүнэ информация чахчыга олоҕурбут буолуохтаах. Манна бибилэтиэкэр, учуутал, култуура үлэһитэ, кыраайы үөрэтээччи, биэнсийэлээх кыттыһыахтарын сөп.Холобур, география учуутала, оҕолору чинчийэр үлэҕэ кытыннаран, нэһилиэгин өрүһүн-күөлүн, хайатын-алааһын туһунан суруйар кыахтаах. Оскуола иһинэн, нэһилиэккэ, улууска Биики-кулууптар тэриллэн үлэлииллэрэ наадалаах. Инникитин саха биикиһиттэрэ полилигвальнай саайт «дьардьаматын» (каркас) оҥорон, дьон ону бэйэлэрин информацияларынан, контеннарынан толоруохтарын баҕараллар.
keskil14.ru