Алтынньы ыйыттан «Якутия» технопаарка резиденэ — Саха котловой собуота электрическэй бэлэсипиэттэри дойду ырыынагар таһаарарга бэлэмнэнэр. Арассыыйаҕа бу курдук оҥорон таһаарыы суох буолан, саха уолаттара таҥан оҥорбут электровеликтара бастакы буолаллар.
«Саха котловой собуота» аһаҕас уопсастыба 2013 сыллаахтан үлэлиир. 2016 сылтан «Липснеле Арктик» өр умайар оһоҕу оҥорон саҕалаабыта, билиҥҥитэ Арассыыйа эрэгийиэннэригэр барытыгар атыылана тураллар. Маны тэҥэ быйылгыттан гаас оһохтору оҥорон эрэллэр.
Бүгүн биһиги чуолаан электрическэй бэлэсипиэт туһунан «Саха котловой собуота» аһаҕас уопсастыба кылаабынай инженерин Виталий Прокопьевы кытары кэпсэттибит.
— Электрическэй бэлэсипиэди 2017 сыллаахтан былааннаан олоххо киллэрэ сылдьабыт. Эрдэ манна майгынныыр аналогтары Кытайга көрбүппүт. Ону биһиги уларытан, тыа сиригэр сөптөөх оҥоруохха диэн сыал туруоруммуппут. Онтон сыыйа-баайа ырыынагы үөрэтэн, тугу, хантан ылыахха сөбүн билэн, быйыл бастакы дьиҥнээх (прототипнай) версияны оҥордубут. Арассыыйаҕа маннык оҥорон таһаарыы суох, онон биһиги хампаанньабыт электрическэй великтары оҥорорго бастакы буолар.
Электрическэй бэлэсипиэт уратыта
Уратыта диэн бэлэсипиэт да курдук тэбиэххэ сөп уонна электрическай аккумулятор нөҥүө барар двигателлээх буолан сүүрэр, көнө суолга 40 км диэри тиийэр. Бэлэсипиэт уотунан барар буолан, салгыҥҥа куһаҕан гааһы (выхлоп) таһаарбат, экологияҕа буортута суоҕа эмиэ биир уратытынан буолар. Электровелик биэс түргэннээх, киһини, таһаҕаһы уонна курьерскай тиэрдиигэ ананан оҥоһулунна. Корпуһа барыта тимиртэн турар, тымныы усулуобуйаҕа табыгастаах, билиҥҥи модель 20 кыраадыс тымныыга сүүрүөн сөп. Пластик тымныыттан алдьанарын билэр буолан, барытын тимиртэн оҥордубут. Уонна суол кыһалҕата эмиэ баар, сорох оройуоннарга, нэһилиэктэргэ суоллара суоҕун кэриэтэ, онон куһаҕан сиргэ, ойуурга сылдьарга инженернэй оҥоһуута олус табыгастаах.
Яндекс интэриэһиргээтэ
Соторутааҕыта Владивосток куоракка баран Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форумҥа кыттыыны ылан кэллибит. Онно Яндекс курдук бөдөҥ хампаанньа биһигини интэриэһиргээтэ. Кинилэр бэйэлэригэр анаан элекртическэй бэлэсипиэттэри курьерскай тиэрдиилэригэр сакаастыахтарын баҕараллар. Бу күннэргэ кэпсэтии бара турар. Онно кинилэр баҕа санаалара хайдаҕа учуоттанан, барыта толкуйдана, оҥоһулла сылдьар.
Тас дойду электровеликтэриттэн сыаната быдан удамыр
Бэлэсипиэт оҥорор саппааспыт барыта тас дойдуттан, Кытайтан, кэлэр. Дэтээл оҥорор тэрилбит барыта эмиэ Кытай киэнэ. Онно биһигини кытары тэҥҥэ үлэлэһэр саха уолаттара бааллар, кинилэр собуоттары кэрийэ сылдьан, туох, ханнык дэтээл, саппаас баарын ыйан-кэрдэн, этэн биэрэллэр уонна манна тиэрдэллэр. Тимирбитин, чуолаан чэпчэки састааптаах, хром-молибден курдугу, Саха сириттэн буолбакка, Арассыыйаттан сакаастыыбыт, хааччыйааччыны буллубут. Сыана күн-түүн үрдүү турар, ол эрээри атыыга таҕыстаҕына «брендовай», тас дойду электровеликтарыттан сыаната быдан удамыр, быһа холоон 50 тыһ. солк. саҕаланара буолуо диэн сабаҕалыыбыт.
Сотору, бу алтынньыга, бастакы баартыйаны сакаастыахтаахпыт. Барыта бэйэбит үппүтүнэн тахсар. Сатаннаҕына аан дойду да таһымыгар тахсар кыахтаахпыт.
Манна эбэн этэр эбит буоллахха, Виталий Прокопьев 2008 сыллаахха Бүлүү гимназиятын бүтэрбит, идэтинэн инженер, үөрэҕэ — М.К. Аммосов аатынан ХИФУ инженернай-техническай института, «Теплогазоснабжение и вентиляция» салаата.
Саха уолаттарыгар саҥа саҕалааһыннарыгар ситиһиилэри, дьулууру, ону тэҥэ өссө үрдүк дабайыылары баҕара хаалабыт.
Анна СЛЕПЦОВА.